Самаан сайын барахсан сүөһү-ас торолуйар, уйгу-быйаҥ элбиир, оҕо-уруу, дьон-сэргэ үрүҥ аһынан күндүлэнэр үтүө күннэрин үүннэрэн үөрдэр-көтүтэр. Улууспут тыа хаһаайыстыбатын оройуона буоларынан, ити салааттаан тутулуктааҕын бары билэбит. Улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетыгар зоотехник Марина Слепцованы кытта кэпсэтиибин эһиги билиигитигэр таһаарабын.
Абый улууһугар тыа сиригэр сүөһүнү иитиитнэн дьарыктанар 14 бааһынай (фермерскэй) уонна чааһынай хаһаайыстыба, 98 киһи бэйэтин подсобнай хаһаайыстыбата, 3 агрооскуола бааллар. Бу сыл от ыйын 10 күнүнээҕи туругунан улууспутугар 549 ынах сүөһү баарыттан 207-тэ ыанар ынах, 129-һа — ньирэй уонна борооску. Маны сэргэ 1498 сылгылаахпыт, ол иһигэр 730-та биэ уонна 287 кулун бааллар диэн отчуокка суруллар. Нэһилиэктэргэ сыл саҕаланыаҕыттан ыам көрдөрүүтэ валовайынан 733,45 центнер үүккэ тэҥнэстэ.
Тыа сирин олохтоохторо сүнньүнэн бэйэлэрин оҥорон таһаарар бородууксуйаларынан аһаан, таҥнан да диэххэ сөп, олороллоро кистэл буолбатах. Онуоха түргэнник ситэр бородууксуйаны биэрэр кыыл-көтөр, оҕуруот үүнээйитэ улахан суолталаах да, оруоллаах даҕаны. Олохтоохтор быйыл 4,5 гаа сиргэ хортуоппуйу уонна 1,5 гаа сиргэ оҕуруот аһын үүннэрдилэр.
Олус кэрэхсэбиллээх, дьон-сэргэ биһирэбилин ылбыт салаанан Дьокуускайтан быйыл саас аҕалыллыбыт бытархай сүөһү буолар. Санатар буоллахха, улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салалтатын өҥөтүнэн, муус устарга 417 куурусса, 21 сибиинньэ уонна 4 коза аҕалыллыбыта. Итилэри сакаастаһан ылбыт дьон кэмсиммэттэр, идэһэ оҥостоору сүөһүлэрин иитэллэр, улаатыннараллар, бэс ыйыгар 8400 сымыыты ылбыттара диэн зоотехник Марина Ариановна үөрэ-көтө астына кэпсиир.
Улуус үрдүнэн быйылгы от үлэтин хампаанньатыгар барыта 1968 тонна от бэлэмнэниэхтээх, онно барыллаан, 87 звено үлэлиэҕэ — 16 механизированнай, 41 механизированнай аҥардаах, 30 ат-көлө уонна илии биригээдэлэрэ — барыта 236 киһи окко тахсаллара былааннанар. Маасабай оттооһун от ыйын 14 күнүттэн саҕаланна.
Нэһилиэктэр баһылыктара биллэрэллэринэн, Уолбукка, Майыар нэһилиэгэр, Муҥурдаахха от үүнүүтэ балачча үчүгэй, бэриллибит былааны ылар кыах баар эбит. Ол гынан баран, Дьооскуга хаһан да буолбатах кураан сатыылаан, от үүнүүтэ мөлтөх диэн сибидиэнньэ баар.
Абый нэһилиэгин чааһынай отчуттара уонна урбаанньыт Анатолий Стручков, былырыыҥҥы курдук, от үлэтин улууска бастакынан саҕалаатылар. Кинилэри тилэх баттаһа Майыар нэһилиэгиттэн Сидор Сидоров ИП-та ходуһаҕа киирдэ. Оройуон биир бөдөҥ хаһаайыстыбата Слепцов Иван ИП-та от үлэтигэр атырдьах ыйыттан киирэргэ турунар.
Статистика этэринэн, сайын ыанар үүт сыллааҕы кээмэйиттэн 60 бырыһыана сайыҥҥы мэччирэҥ ыйдарыгар ылыллар. Итини учуоттаан тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы стратегическай хайысхаларыгар туһуламмыт республикатааҕы хабааннаах дьаһалларга илии үлэтин чэпчэтэр уонна өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун хаачыстыбалаах үүтүнэн, этинэн хааччыйар инниттэн сыл саҕаланыаҕыттан күн бүгүҥҥэ диэри ыанар ынаҕы көрүүгэ-истиигэ уонна сылгы маточнай төбөтүгэр тахсар ороскуот сорох чааһын боруостааһыҥҥа, ол иһигэр биһиги улууспутугар 10 530 000 солкубайдаах субсидия көрүллэр, ону сэргэ тыа хаһаайыстыбатын үбүлээһиҥҥэ олохтоох бюджеттан 1 400 000 солкуобай көрүллэр диэн улуус тыатын хаһаайыстыбатын управлениетын ыспыраапкатыгар бэлиэтэнэр.
Онон сайын саргылаах аартыгар үктэммит дьон быһыытынан, өрө тэптэн-тэбиэһирэн үлэлиирбит эрэйиллэр. Дьиҥэр, сайылык – өлгөм үүт, эмис эт төрдө диэн сэбиэскэй саҕанааҕы этии билиҥҥи ырыынак үйэтигэр саҥалыы тыыннанан, үлэ дьонун көҕүлүүр күүһэ сүдү буолуохтаах. Үүт-эт оҥорон киллэрбит үбүҥ бэйэ туһатыгар үлэлиир. Онуоха төрүттэр бааллар. Ол туһунан аныгыскы нүөмэрдэргэ. Онон түмүктээн эттэххэ, нэһилиэктэр иннилэригэр турар соруктары – улуус бэйэтин үүтүнэн уонна үүт аһынан, этинэн уонна эт аһынан хааччынарын ситиһии — өйү-санааны ууран, күүһү-кыаҕы түмэн үлэлээтэххэ, үлэҕэ-хамнаска сыһыаны тосту уларыттахха эрэ кыаллара дьэҥкэ.
Николай ПЕТРОВ.