«Үлэбит дьон хараҕын далыгар барар»

—Үтүө күнүнэн, Владимир Вадимович. Улуус хаһыатын нөҥүө дьоҥҥун-сэргэҕин кытта алтыһарын наһаа үчүгэй. Үгэс быһыытынан бүгүн улуус дьаһалтата сыл аҥаарынааҕы үлэтин-хамнаһын билсээри киирэн олоробун…

—Быйылгы үлэбит Дьиэ кэргэн уонна оҕо сыллара биллэриллибиттэринэн, ити чэрчитинэн аттарыллан ыытыллар. Биллэн турар, производство эйгэтэ буоларын курдук болҕомто киинигэр турар. Онон, тутуу, өрөмүөн, олох-дьаһах туһунан бастатан кэпсиир тоҕоостоох буолуо.

Ол курдук, кыстыгы этэҥҥэ туорааммыт, билигин котельнайдарбытын өрөмүөннүүр үлэлэр саҕаланнылар. Тутуу да билиҥҥи уустук кэмҥэ, киин сиртэн ыраахпытынан матырыйаал тиэйиитэ ыарахаттардааҕын иһин, син ыытыллар. Белай Гора орто оскуолатын дьиэтин тутууну саҕалаатыбыт Быйыл кини тутуутугар 100 мөлүйүөн солкуобай көрүллэн турар. Сакаасчытынан «СР олорор дьиэ тутуутун дирекцията» диэн казеннай тэрилтэ, бэдэрээччитиннэн ЛОРП буолаллар. От ыйын бүтүүтэ үлэһиттэр кэлиэхтэрэ, туттуохтаах техникалара манна баар. Онон болдьоммут үс сыл иһигэр бүтэрэллэр ини диэн эрэл санаалаахпыт. Итини сэргэ «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» программатынан 16 квартиралаах үс мэндиэмэннээх таас олорор дьиэ тутуллуоҕа, тутааччылар бастакы этээһин саҕалааһыныгар киирдилэр. Кэбэргэнэҕэ «Тугутчаан» диэн оҕо уһуйаанын, биһиги бэйэбит дьоммут көмөлөрүнэн, акылаатын көннөрдүлэр, тас өттүн үчүгэй матырыйаалынан ыпсардылар, түннүктэрин оҥордулар.

Ыра санаа оҥостубут балыыһабыт дьиэтин бырайыактыыр-сметалыыр докумуоннарын добуоччу үпкэ оҥотторобут, үчүгэйэ диэн ол республика бюджетыттан үбүлэнэр. Онон Инвестиционнай программаҕа хабыллар кыах баар. Абый нэһилиэгэр «Олохтоох инициатива» программатын чэрчитинэн ууну ыраастыыр станция тутуллубута улууска улахан событие буолла, иһэр уунан эрэйдэммит дьон абыраныахтара турдаҕа. Оттоох Атах учаастагар Дьооскуга саҥа дизельнай станция тутуллуо, бу эмиэ дьон туһугар диэн үлэ. «Сахаэнерго» Белай Горатааҕы филиалын өҥөтө диэххэ наада.

Балачча үлэ капитальнай өрөмүөҥҥэ ыытылынна да, ыытыллар даҕаны. Холобур, Белай Гораҕа биир элбэх квартиралаах дьиэ фасада, кырыысата бүтүннүү саҥардылынна, аны иккис итинник дьиэ өрөмүөнэ саҕаланан эрэр. Күһүн, улуус киинин үбүлүөйүн көрсө бүтэриэхтэрэ. Онон этиллибит үс сыл иһигэр хас да объект бүтэриллэрэ ирдэнэр. Бу үлэҕэ улуустан үп-харчы көрүллүбэтэҕэ, республика таһымыгар кэпсэтэммит, республика бюджетыттан үбүлээтибит.

Олох-дьаһах, коммунальнпй хаһаайыстыба салаатын ылан көрөр буоллахха, кыһыны этэҥҥэ туораатыбыт, чох нэһилиэктэргэ кэмигэр тириэрдиллэн улахан үлэ ыытылынна. Билигин котельнайдары, итии барар трассаларын өрөмүөннээһин саҕаланна, уу ситимин ыраастааһын барар. Белай Гора водозабора эргэрдэ, туруга мөлтөх, итини ОДьКХ бас билиитигэр ылан, саҥардар сорук турар. Улууспут коммунальнай хаһаайыстыбатын тэрилтэтин саҥа начальнига Гаврил Гаврильевтч Горохов «нэһилиэстибэтин» барытын сирийэн көрдө, сорох атын хотугу улуустардааҕар балаһыанньа ордук курдук диэн сыана быста. Уопуттаах, олоҕун аҥарын коммунальщик быһыытынан хоту улуустарга анаабыт киһи тыла ыйааһыннаах, билбит буолуохтаах.

Улуус сүөһүтэ-аһа этэҥҥэ кыстаан күөххэ үктэннэ. Билигин нэһилиэктэр от үлэтигэр бэриллибит былааннарын толороору бэлэмнэ сылдьаллар, звенолар тыырыллан бүппүттэрэ. Окко киирии от хаачыстыбатыттан, туругуттан тутулуктаах, наһаа хойутааһын тахсыа суоҕа.

—Ааспыт сайын нэһилиэктэргэ самолет сырыыта мөлтөҕүн туһунан элбэх астыммат буолуу баара…

—Биһиги улууспутугар пассажирдары тиэйии өҥөтүн оҥорор «Полярные авиалинии» хампаанньа АН-3 самолета Муомаҕа, МИ-8 вертолета Орто Халымаҕа базаланаллар. Сайынын нэһилиэктэр сайаапкаларынан Абыйга, Сыаҥааннаахха, Уолбукка, Кэбэргэнэҕэ көтөллөр. Самолет бэйэтин борта 65 бырыһыан туоллаҕына эрэ көтөр, оччо киһи билиэти ылбыт буолуохтаах. Боростуойдук быһаардахха, 11 киһи олорор самолетугар билиэт 7 киһиэхэ атыыламмыт буолуохтаах, оччоҕо эрэ кэлэллэр. Хампаанньа коммерческай буолан ирдэбилэ итинник, ноччоокко көтүппэттэр. Онон нэһилиэктэр самолет борта толору буоларын, рейскэ билет барыта атыыланарын умнуо суохтаахтар. Ону сэргэ авиаплощадкаларын көрүнэ, бэрээдэккэ тута олороллоро эрэйиллэр. Бу күннэргэ АН-3 нэһилиэктэргэ көтүүтүн саҕалаата.

—Социальнай-культурнай эйгэҕэ биһиги билэрбитинэн, үөрүүлээх түгэннэр быйыл элбээтилэр дии.

—Онуоха Дьиэ кэргэн сыла, Оҕо саас сыла биллэриллибиттэрин оруоллара улахан. Барытын ити сыллары кытта алтыһыннаран үөрэх уонна культура тэрилтэлэрэ үгүс үтүө, кэрэ, үчүгэй дьаһаллары ыыттылар. Ону барытын кэриэтэ улууспут хаһыата сырдатан турар. Спортсмен уолаттарбыт, дьарык аныгылыы, оҕо кыаҕын арыйан ыытыллар буолан, тустууга кыаҕырбыттарын Кэбэргэнэҕэ буолбут күрэхтэһиигэ көрдүбүт. Кэлин ити уолаттартан улууспут чиэһин республикаҕа көмүскүүр тустууктар тахсыахтара. Культура уонна үөрэх эйгэтигэр талааннаах оҕолору улуус бюджетыттан айаннарын төлөөн туран Москваҕа, Сочига, Дьокуускайга, атын да регионнарга, улуустарга конкурстарга, фестивалларга, научнай-практическай конференцияларга сырытыннардыбыт, кытыннардыбыт. Үгүс оҕо лауреат, дипломант, Гран-при хаһаайыттара буоллулар.

Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн, эдэр ыал, бииргэ уһуннук олорбут кэргэнниилэр биһиги оройуоммутугар аҕыйаҕа суохтар. Олору чиэстээһини бары дьаһалталарга, библиотекаларга, тэрилтэлэргэ ыыттыбыт, дьон сэргэхсийдэ. Дьаһалта социальнай проблемаларга салаата уонна социальнай көмүскэл управлениета бу хайысхаҕа ыйар-кэрдэр, көҕүлүүр оруоллара улаханын, көдьүүстээҕин бэлиэтиибин.

Атыы-эргиэн боппуруоһугар тохтуур буоллахха, торговай логистическай киин үлэтин чорботуом этэ. Кини нэһилиэнньэ наадыйыытын эрэ толуйбакка, аны, дьонтон отону тутан переработкалаан, барыанньа, морс оҥоруутунан дьарыктанарын ситиһэ сатыахпыт. Билиҥҥи туругунан оҕуруот аһынан, сүрүн бородууктанан хааччыйарын нэһилиэнньэ биһириир.

Сибээспит мөлтөх диэн билиниэххэ наада. Оптовай волокнонан кэлэр сибээһи тардыыны уталыппакка оҥорор туһугар республика таһымыгар үлэлэһэ сылдьабыт.

Анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар Улуус фондатын тэрийбиппит. Буойуннарга, кинилэр дьиэ кэргэттэригэр араас өрүттээх материальнай көмө оҥоһулла турар. Кинилэргэ анаан араас үлэ барар. Маныаха нэһилиэнньэ бүтүннүүтэ — оҕотуттан кырдьаҕаһыгар тиийэ, тэрилтэлэр, уопсастыбаннай түмсүүлэр, волонтердар кытталлар уонна тустаахтарга араас өрүттээх көмөнү оҥороллор – наадалаах тэриллэри, сылаас, табыгастаах таҥаһы тигэллэр, хомуйаллар, маскировкалыыр сиэккэлэри таҥаллар, алгыстаах харысхаллары оҥороллор, оҕолор сурук суруйаллар, кырдьаҕастар алгыстарын тиэрдэллэр, биир тылынан ким тугу сатыырынан, кыайарынан кыайыы туһугар үлэлииллэр. Улуус дьаһалтата тустаах салаалара ыытыллар үлэни барытын сүрүннүүллэр, тэрийээллэр.

Биһиги улууспут Национальнай бырайыактарга кыттан, федеральнай уонна региональнай бюджеттан үбүлэнэн капитальнай өрөмүөҥҥэ, үөрэҕириигэ, олохтоох дьон инициативаларыгар, культураҕа, хаарбах, аварийнай туруктаах дьиэттэн көһөрүүгэ син биллэр хамсааһыннары оҥорбутун нэһилиэнньэ «Хотугу кыым» хаһыаттан ааҕан, көрө-билэ олорор.

—Түмүккэ, Владимир Вадимович, тугу этиэн этэй?

—2024 сыл бастакы аҥарыгар үлэ-хамнас бары салааларыгар ааспыт сылларга сиппэтэхпитин ситэрэн, торумнаабыппытын толорон Абыйбыт улууһун социальнай-экономическэй сайдыытыгар сөптөөхтүк дьаһанан үлэни-хамнаһы ыыттыбыт. Ол барыта кэлэр сылларга бигэ тирэх буолан, ситэриллэн, чопчуланан, инники сайдыы эркээйитэ буолуоҕа. Улуус дьаһалтатын иннигэр турар соруктартан сүрүн хайысхабытынан дьон, нэһилиэнньэ олоҕун таһымын үрдэтии, олоҕун хаачыстыбатын тупсарыы буолар.

Абый улууһун олохтоохторугар, үлэһит дьонугар туруктаах, байылыат олохтоох, үлэлээх-хамнастаах, чөл, чэгиэн айылгылаах, айарга-тутарга, олоҕу тупсарарга көхтөөх, түмсүүлээх буолалларыгар баҕарабын.

—Махтанабын, Владимир Вадимович, үлэҕитигэр ситиһии көтөллөөх буолун.

Николай ПЕТРОВ.