Бу күннэргэ Абый улууһун социальнай үлэһиттэрэ, киэҥ араҥаҕа биллибэккэ да хааллар, бэйэлэрин үлэлэригэр балачча суолталаах слёттара буолан ааста. Слёт үлэтин ис хоһоонун управление начальнига Айдар Ефимовтан токоолостум.
Тэрээһин доргуччу «слёт» диэн ааттаннар да, сүрүннээн, эдэр саҥа үлэһиттэри ыҥыран ыытылыбыт. Бастатан туран, кыаммат араҥа дьоҥҥо көмө, болҕомто улаатан иһэрин туоһулуур, нэһилиэк аайы «социальнай участковай» диэн саҥа идэлээх дьон баар буолбуттарын кэрэхсии иһиттим. Урут биир киһи нэһилиэк инбэлииттэрин, ороҥҥо сытар дьонун, тиийиммэт-түгэммэт ыалларын кытта алтыһар, көрөр-истэр буоллаҕына, билигин сарын санныттан өйөнсөн үлэлэһэр киһилээх буолла, бу үлэһит өссө докумуонары толорор ноҕуруускалаах эбит.
Иккис, үөрүүлээх да, кэтэһиилээх да сонун эмиэ баар. Ол тугуй диир буоллахха, аны мантан ыла, социальнай контракка 65 сааһыгар тиийэ илик үлэлээбэт пенсионердары кытта дуогабардаһыы буолар. Онон үлэлээбэт пенсионер куулдьуйа сытыаҕынааҕар дьарыктаах буолара, хамнастаах үлэҕэ киирэрэ ситһилиннэ. Номнуо, күн бүгүн, Сутуруохаттан биир киһи унтууны тигиигэ контракт түһэристэ.
Үһүс — сэргэхситэр да, көҕүлүүр да дьаһал тахсыбыт. Ол аата бэйэ дьыалатын арыйыыга судаарыстыба өттүттэн бастаан утаа 100 тыһыынча солкуобайы биэрэр эбит буоллаҕына, соцконтрактаах киһи билигин 500 тыһыынча солкуобайга тиийэ үбү анатан ылар бырааптанна. Ол гынан баран, итиннэ олус эппиэтинэстээхтик, сэрэхтээхтик сыһыннаһыахха наада. Босхо кэлбит харчы ыскайданан, ыһыллан хаалыа суохтаах, кини туһаҕа тахсан бородууксуйа, өҥө оҥоруутугар туттуллуохтаах. Ону баара, сорох өйдөөбөт эбит. Холобур, биир киһи ас астааһыныгар түһэриспит контрагын усулуобуйатын толорбокко, 250 тыһыынча солкуобайы бэйэтэ сатыырынан, талбытынан сиэн-аһаан бүтэрбитэ көстөн, дьыалата суукка бэрилиннэ. Суут управление ирдэбилин (иск) сөп диэтэҕинэ, буруйдаах ол харчытын төннөрөрүгэр тиийэр. Онон контракт түһэрсиэх иннинэ бэйэ кыаҕын, табылларын-табыллыбатын ааҕан-суоттаан баран дуогабардаһар ордук.
Манна таарыччы, социальнай контракт бэйэ дьыалатын арыйыыга, тус подсобнай хаһаайыстыбаны тэрийиигэ, олох ыарахан балаһыанньатыттан тахсыыга, үлэни көрдөнүүгэ уонна инбэлиит үлэлээх буолуутугар ананарын өйдөтөбүт. Бу критерийдэри туһанан, тутуһан управлениеҕа кэлэн, соцконтрагы түһэрсиэххэ сөп.
Слёкка эдэр үлэһиттэр функциональнай эбээһинэстэрин толорууга быһаарыылар, консультациялар ыытылыннылар, эмиэ саҥа диэххэ — социальнай үлэһит этика ирдэбилин тутуһар уонна сулууспатыгар дьону кытта сыһыанын торумнуур анал Кодекс ылылынна.
«Ити курдук, киһи сэргиир уларыйыылардаах слёт үлэтэ түмүктэнэн, специалистар дьоҥҥо көмөлөһө, кыамматтар олохторун чэпчэтиһэ тарҕастылар», — диир Айдар Михайлович.
Николай ПЕТРОВ