Бэс ыйын 6-10 күннэригэр Дьокуускайга уонна Бэрдьигэстээххэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэнээччилэрин Сайыҥҥы иккис спартакиадаларын бүтэһик быһаарыылаах күрэхтэһиилэрэ буолла.
Манна санатан ааһар буоллахха, үөрэнээччилэр спартакиадалара 1994 сылтан саҕаламмыта. Оттон кылгас кэмҥэ тохтоон баран, былырыыҥҥыттан Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн сөргүтүллэн, «Спортивные якутяне» диэн ааттанан ыытылынна. Спорт 9 көрүҥэр — боксаҕа, волейболга, көҥүл тустууга, гиирэ анньыытыгар, чэпчэки атлетикаҕа, мас тардыһыытыгар, саахымакка, дуобакка, оҕунан ытыыга өрөспүүбүлүкэ бары улуустарыттан эдэр спортсменнар күөн көрстүлэр.
Бу улахан таһымнаах күрэхтэһиигэ биһиги улууспутуттан 11 оҕо уонна тренердэр Альбер Слепцов, Александр Новиков баран кыттыыны ыллылар. Абый дэлэгээссийэтин Оҕо спортивнай оскуолатын дириэктэрэ Александр Константинович иилээн-саҕалаан илдьэ сырытта.
Мас тардыһыытыгар Милана Громова 55 киилэҕэ, Лиза Степанова (50 кг.), София Зырянова (60 кг.), Кеша Слепцов (60 кг.), Дьулустан Новиков (65 кг.), Вячеслав Слепцов (70 кг.), Илья Суздалов (80 кг.) уонна Миша Стручков (50 кг.) күрэхтэстилэр.
Көҥүл тустууга алта оҕо туһунна — Айсен Салаткин (45 кг.), Дима Аммосов (48 кг.), Боря Стручков (60 кг.), Дьулустан Новиков (65 кг.), Вячеслав Слепцов (71 кг.) уонна Илья Суздалов (80 кг.).
Александр Новиков бу таһымнаах күрэхтэһииттэн быыс булан, төлөпүөнүнэн маннык иһитиннэриини ыытта: «Оҕолорбут бары этэҥҥэ айаннаан кэлэн, икки көрүҥҥэ — мас тардыһыытыгар уонна көҥүл тустууга күрэхтэстилэр. Бары спортивнай биир тыыҥҥа киирэн, этэҥҥэ кытынныбыт. Уопукка мэһэйдэр баалларын үрдүнэн, саҥа республика таһымыгар кыттыыбыт үчүгэй диэн сыаналыыбын.
Көҥүл тустууга оҕолор бары командаҕа очко аҕаллылар. Дьулус Новиков полуфинал тахсыытын хапсыһыытыгар хоттордо. Тустуу системата олох атын. Хотторбут уола полуфиналга тахсыбыта буоллар, үһүс миэстэни былдьаһыахтаах этэ. Онтон Дмитрий Аммосов 48 киилэҕэ үһүс миэстэни эрэллээхтик ылла. Дима Белай Горатааҕы спортивнай оскуола базатыттан Чурапчытааҕы спортивнай оскуолаҕа баран үөрэнэ сылдьар, быйыл үһүс сыла. Бэйэм такайан үөрэппит оҕом. Инникилээҕин көрөн Чурапчыга баран үөрэнэригэр сүбэлээбитим. Ону дакаастаата. Холобур, Бүлүү улууһун хамаандата көҥүл тустууга биир да миэстэҕэ тиксибэтэ. Онон бу биһиэхэ тустуукпун үһүс миэстэ буолбута диэн улахан ситиһии буолар.
Мас тардыһыытыгар Милана Громова бастакы киирсиитигэр чаҕылхай көрдөрүүлэри оҥордо. Республикаҕа бэһис миэстэ буолла. Бэйэтин ыйааһыныгар 30-ча мас тардыһааччы кыыс баара. Лиза Степанова бэйэтин ыйааһыныгар эмиэ көрдөрүүтэ үчүгэй, 10 иһигэр киирдэ. Онон эһиил ытыллыахтаах «Манчаары оонньууларын» сүүмэрдээһинигэр куһаҕана суох көрдөрүүнү ситистибит.
Анаалыстаанн көрдөххө, Хоту зонаҕа бу көрүҥнэргэ уһулуччу хаалыы суох эбит. Инникитин да киирсиэххэ сөп. Уопсай түмүгүнэн Өлөөн, Муома, Анаабыр улуустарын көрдөрүүлэрэ быйыл үчүгэй. Кинилэр бу кыһыҥҥыттан биэс көрүҥҥэ кыттыбыт буоланнар, зачекка киирэ сылдьаллар.
Онтон биһиги икки көрүҥҥэ эрэ күрэхтэстибит. Сүрүн биричиинэбитинэн бырайыаспыт сыаната олус үрдүк. Аҥардас кэлэн барыыбытыгар 600 кэриҥэ тыһ. солк. барда. Маны таһынан биир кэлим спортивнай формабытыгар туһунан харчы көрүлүннэ. Төрөппүттэргэ махтаныам этэ. Оҕолор астарыгар-үөллэригэр диэн харчылаан ыыппыттарыгар. Аны спортсменнар дьиэттэн сылдьан күрэхтэстилэр. «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуу буоларынан сибээстээн уопсай дьиэ көрүллүбэтэ.
Эһиил «Спортивные якутяне» спартакиада эмиэ буолара былааннанар. Ол эрээри, Абый хамаандата баран улууһун аатын ааттатыа диэн быһа эппэппин. Барыта үп-харчыттан тутулуктаах. Бу баран кэлиибитигэр баһылыкпыт Владимир Новиков улууска спорт сайдыытыгар болҕомто ууран, өйөөн, өйдөөн бюджекка туһунан харчы көрөн көмөлөспүтүгэр, спартакиада кыттыылаахтарыгар биир тэҥ форманан хааччыйбытыгар биһиги бары махталбытын тириэрдэбит».
Александра ЗАРОВНЯЕВА.