Үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕар

Дьокуускайга үгэс буолбут үөрэх үлэһиттэрин Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньаҕа атырдьах ыйын  21-23 күннэригэр буола турар. Манна 800 киһи кытта сылдьар. Үөрэх тэрилтэлэрин салайааччылара, үлэһиттэрэ, төрөппүттэр, уопсастыбанньыктар уонна федеральнай эспиэрдэр бааллар.

Сүбэ мунньах тутаах тэрээһинигэр – «Воспитание личности в едином образовательном пространстве»  диэн пленарнай мунньахха улуустан үөрэҕирии управлениетын начальнигын э.т. Александр Винокуров, управление иитии үлэтин сүрүннүүр исписэлииһэ Надежда Корякина,  В.П.Ефимов аатынан Белай Гора орто оскуолатын дириэктэрэ Прокопий Унаров, А.Е.Слепцов аатынан Абый орто оскуолатыттан дириэктэри иитэр үлэҕэ сүбэһит Анна Чиркова, педагог-тэрийээччи Владимир Дохунаев, саҥа анаммыт нуучча тылын уонна литературатын учуутала Вероника Садовникова, Н.Н.Ефимов аатынан Белай Гора гимназияттан завуһа Ольга Черемкина кытыннылар.

Пленарнай мунньахха Ил Дархан Айсен Николаев өрөспүүбүлүкэ үөрэҕин биир кэлим тиһигин 2030 сылга диэри сайыннарыы үлэтэ ыытылларын бэлиэтээтэ, педагогтар иннилэригэр саҥа соруктары туруорда.

Сүрүн дакылааты «Система образования – фундамент социально-экономического развития» СӨ үөрэҕириигэ уонна наукаҕа миниистирэ Нюргуна Соколова оҥордо.

«Ил Түмэн» Государственнай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков үөрэх үлэһиттэрин эҕэрдэлээн тыл эттэ.

Саамай сүрүнүнэн Россия Геройа Игорь Юргин үөрэх эйгэтин үлэһиттэригэр туһулаан билиҥҥи биһиги обществобытыгар оҕону патриотическай иитии улахан суолталааҕын тоһоҕолоон тыл этиитэ буолла. Патриотизм оскуолаттан саҕаланарын бэлиэтээтэ.

Салгыы үөрэх сайдыытын тыҥаан турар боппуруостарын туспа былааһааккаларга ырытыстылар.

Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньах чэрчитинэн төгүрүк остуоллар, сэминээрдэр, стратегическай сиэссийэлэр, үөрэх интенсивтара, мастарыскыайдар, панельнай дьүүллэһиилэр ыытыллаллар. Араас оройуоннартан сылдьар учууталлар уопут атастаһаллар. Мунньах кыттыылаахтара пуорум профессиональнай дьоҕурдарын сайыннарыыга улахан суолталааҕын бэлиэтииллэр.

 

Мунньах кыттыылаахтара санааларын үллэһиннилэр.

Анна Чиркова, А.Е.Слепцов аатынан Абый орто сокуолатын дириэктэрин иитэр үлэҕэ сүбэһитэ: «Атырдьах ыйынааҕы сүбэ мунньахха Абый орто оскуолатыттан 3 буолан кытынныбыт. Ил Дархан Айсен Николаев, «Ил Түмэн» Государственнай Мунньаҕын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Жирков, үөрэх миниистирэ Ньургуна Соколова, Россия геройа Игорь Юргин дакылааттарын иһиттибит.

Быйылгы тэрээһин «Воспитание личности в едином образовательном пространстве» диэн сүрүн тиэмэнэн барда. Айсен Николаев Саха сиригэр үөрэх инфраструктуратын тупсарыыга улахан улэ барбытын бэлиэтээтэ. Элбэх уһуйааннар, оскуолалар тутуллубуттарын ыйда.

Эдэр специалистарга балаҕан ыйын 1 күнүттэн хамнас (оклад) үрдүүрүн үөрэ иһиттилэр. Республика үрдүнэн агрооскуола элбэҕин этэн туран, выпускниктар агрохайысхалаах үөрэҕи талбаттарын, сөптөөх үлэ барбатын бэлиэтээтэ.  Холобур, быйыл АГАТУ-га 8 эрэ оҕо киирбит.

Сүбэ мунньах чэрчитинэн төгүрүк остуоллар, семинардар, мастарыскыайдар о.д.а элбэх тэрээһиннэр 3 күнү быһа бараллар.

 

Анастасия Сорокоумова, В.Н.Дохунаев аатынан Муҥурдаах орто оскуолатын социальнай педагога: «Үөрэх эйгэтин үлэһиттэрин атырдьах ыйынааҕы «Воспитание личности в едином образовательном пространстве» сүбэ мунньахтарын бастакы күнүгэр «Ценности в системе воспитания, семья-общество- государство» диэн төгүрүк остуолга  улуустааҕы үөрэх управлениетын оҕону иитии үлэтигэр отделын салайааччыта Надежда Корякиналыын истээччи быһыытынан сырыттыбыт. Төгүрүк остуолу педагогическай наука доктора Алексеева Галина Ивановна уонна уопсай үөрэхтээһин, иитии государственнай политикатын департаменын салайааччыта Захарова Надежда Игнатьевна модератордаан ыыттылар.

Элбэх спикердэр санааларын эттилэр. Ол курдук Макарова Ньургуяна Владимировна, республикатааҕы аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта Габышев Айхал Иванович, Ил Тумэн депутата Владимиров Афанасий Семенович, 2001-2023 сс. СӨ оҕо боломуочунайынан үлэлээбит Соловьева Анна Афанасьевна, педагогическай династиялар кытыннылар.

Холобур, Айхал Иванович хас биирдии Аҕа хос эһээ буоларга дьулуһуохтаах уонна оннук оҕотугар холобур буолуохтаах диэтэ.

Анастасия Николаевна Неустроева бэйэтэ нуучча тылын учуутала, биэс оҕолоох ийэ, оҕону үлэнэн иитии туһунан кэпсээтэ.

Афанасий Семенович киһи 10 көлүөнэҕэ дылы төрдүн билэргэ дьулуһуохтаах.  Хас биирдии дьиэ кэргэн өбүгэлэрин историяларын үөрэтиэхтээх, бу хайысханан күүстээх үлэ барыахтаах. «Родословие — азбука патриотизма» диэн  тоҕоһолоон эттэ. Аҕата суох оҕолорго олохторугар «значимые люди» баар буоллахтарына, кинилэр  тирэхтээх буолаллар диэн өссө биир санаатын үллэһиннэ.

Быйылгы үөрэх сылыттан оскуолаларга 5-9, 10-11 кылаастарга «Семьеведение» диэн үөрэх киириэхтээх. Маны историктар, соцпедагогтар, психологтар, кылаас салайааччылара үөрэтиэхтэрин сөп диэтилэр.

Оскуолаларга, улууска араас таһымнаах төрөппүккэ, аҕаҕа анаан форумнары, төрөппүттэр түмсүүлэрин тэрийиэххэ диэн этиилэр киирдилэр.

Олус интэриэһинэй кэпсэтии буолла. Элбэх педагогтар санааларын иһиттибит. Үлэбитигэр туһалаах буолуо диэн тэрээһинтэн астынныбыт».

Владимир Дохунаев, Абый орто оскуолатын педагог-тэрийээччитэ: «Августовскай мунньахха бастакыбын сылдьабын. Саҥа үөрэх сылыгар элбэх уларыйыы буоларын эттилэр. Ил Дархан Айсен Николаев оскуолаларга патриотическай иитиини күүскэ ылсан үлэлиэххэ диэн этиитин хайгыы иһиттим. Кэнники кэмҥэ кэлэр кэскилбит дойдуларын таптыы, убаастыы улааталлара наадалаах! Уонна элбэх киһини көрсөн, кэпсэтэн, санаа, уопут атастаһан, таһаарыылаах күн ааста. Саҥа үөрэх сылыгар саҥа күүһүнэн үлэлииргэ бэлэммит».

 

Сусанна НИКИТИНА