Ыччаты ийэ тылга умсугутан

«Майыар айар куттаахтара» диэн хоһооннор хомуурунньуктара бэчээттэнэн таҕыста.

Кинигэҕэ Абый улууһун, Кэбэргэнэ бөһүөлэгин икки көлүөнэ 34 айар куттаах дьоһун-мааны дьонун, умсулҕаннаах айар үлэ ыллыгар үктэнэн эрэр эдэр талааннаах ыччаттарын хоһоонноро киирдилэр. Прокопий Слепцов, Николай Абыйчанин, Куоста Хотугуурап, Христина Хабарова, Николай Радист, Иван Рязанскай курдук уо.д.а. ааттаах-суоллаах суруйааччылары, хоһоонньуттары кытта кинилэр дьыалаларын салгыыр, сайыннарар талааннаах ыччаттар Михаил Слепцов, Вячеслав Бурцев, Гаврил Дохунаев уо.д.а. хоһоонноро бааллар.

Хомоҕой тыллаах хоһоонньуттар төрөөбүт дойдуларын, кини кэрэ айылҕатын, Индигир эбэлэрин,

оҕо сааһы, иэйиилээх тапталы хоһуйаллар, олоҕу араас өттүттэн ыараҥнатан көрөллөр, санааны

күүһүрдэллэр, олоххо умсугуталлар. Үгүс автордар хоһоонноро ырыа буолан, дьон-сэргэ сэҥээриитин, истээччи биһирэбилин ылан, киэҥ эйгэҕэ ыллана сылдьаллар.

Хомуурунньугу олохтоох библиотекарь Надежда Сидорова хомуйан оҥордо, редактор Сусанна Никитина. Кинигэ 166 арыллар сирэйдээх, халыҥ хахтаах.  Ю.А.Гагарин аатынан республикатааҕы типографияҕа 100 экземплярынан  бэчээттэннэ.

Хомуурунньук эдэр көлүөнэни кэрэҕэ, сырдыкка тардар, ыччаты ийэ тылга умсугутар суолталаах. Айар талааннар өссө да сайда турдуннар, саҥа саҕахтар арыллан истиннэр!

 

Сусанна НИКИТИНА.