Абый нэһилиэгин ыччатын туһунан ыччат лидерэ Владимир Дохунаев кэпсиир: «Нэһилиэкпитигэр 40-ча ыччат баар. Бары үлэлээх-хамнастаах, туспа дьарыктаах дьон. Үлэни таһынан нэһилиэк общественнай олоҕор наһаа көхтөөхтөр. Үлэбититтэн соло булан, ыытыллар тэрээһиннэргэ кыттабыт. Субуотунньуктары көтүппэппит, спорду өрө тутабыт. Нэһилиэккэ спорт саалата арыллан, киэһэ ахсын гиряҕа, волейболга, хапсаҕайга тиһигин быспакка дьарыктанабыт. Күһүн ахсын айылҕаҕа тахсан походтаан, сынньанан кэлэрбит үтүө үгэс буолла. Нэһилиэк дьаһалтата ыччаты өйдүүр, өйүүр, көмөлөһөр. Былаан элбэх. Ыаллыы сытар Усуйаана улууһугар үлэ уопутун атастаһан, кэнсиэртээн кэлиэхпитин баҕарабыт. Ыччат спартакиадатыгар бэлэмнэнэбит».
Аныгы үйэҕэ киһи олоҕун бэйэтэ оҥостор кыахтаах. Ордук эдэр дьон кэм ирдэбилин сөпкө өйдөөн, хапсаҕайдык хамсанан, кыраттан саҕалаан үлэлээн-хамсаан, олохторун уйгутун оҥостоллор. Оттон сөбүлүүр дьарыккын булан, онон чугас дьоҥҥун, доҕотторгун үөрдэр туспа дьол буоллаҕа дии. Түгэнинэн туһанан, сөбүлүүр дьарыктаах эдэр ыал ийэлэрин кытта кэпсэттим.
Матрена Бережнова, элбэх оҕолоох ийэ: «Кэргэним, оҕолорум бурдук аһын сөбүлүүллэр. Дьон бары сатыыр астарын таһынан, дьонтон, дьүөгэлэрбиттэн ыйыталаһан, араас аныгы бурдук астарын — синнабон, пицца, торт арааһын оҥорон, дьоммун күндүлүүбүн. Бэйэм инбэлиит оҕону көрөн олоробун, үлэлээбэппин. Ол иһин кэнники торт астаан, кыра да буоллар дохуот киллэринэбин. Оҕолорум, кэргэним хайҕаатахтарына, астынабын, өссө да туох эрэ сонун аһы астыахпын баҕарабын. Дьоҥҥо буһардахпына, кинилэр хайҕалларын истэр эмиэ олус күндү. Биһиги ыал сылгы иитиитинэн дьарыктанар буолан, хара аспыт бэйэбит киэнэ. Оттон араас сиэдэрэй аһы астыырга бородуукта сыаната олус ыарахан».
Любовь Эверстова: «Мин кэрэ аҥаардарга шеллак диэн өҥөнү оҥоруохпун баҕарабын. Билигин дьон көрдөстөҕүнэ, биирдэ эмэ оҥоробун. Бастаан бэйэбэр эксперименнээн үөрэммитим. Онтон быйыл Дьокуускай куоракка «Авторский индивидуальный курс маникюра с нуля» диэн кууруска үөрэнэн кэллим. Дьарыкпын сөбүлүүбүн, аралдьыйабын даҕаны, сынньанар да курдукпун. Материалларбын куораттан «Голд» диэн анал маҕаһыынтан (ногтевой центр) сакаастыыбын. Саҥа саҕалаан эрэр буолан, оҥотторооччулар аҕыйахтар, элбиэхтэрэ диэн эрэнэбин».
Татьяна Оконешникова, элбэх оҕолоох ийэ: «Мин суши астыыбын. Дьарыктаммытым үс сыл буолла. Сибиэһэй бородууктаны куораттан сакаастаан ылабын, сыаната олус ыарахан, ордук «Тобико» икра булар уустук. Куорат маҕаһыыннарыгар да сонно бүтэн иһэр. Эдьиийим Намҥа дьиэҕэ олорон суши астаан, кыралаан дохуот киллэринэр. Мин киниттэн уонна интернет нөҥүө видео-уруоктары атыылаһан үөрэммитим. Маннык видео-уруоктар аҥаардас биир суши көрүҥэр 5 тыһ. солк. Кэнники кэмҥэ атыыга торт астыыбын. Бэйэм повар-кондитер идэлээхпин».
Инна Никифорова, элбэх оҕолоох эдэрийэ: «Мин декреккэ олорон, «Бизнес на мелких десертах» диэн онлайн-курска үс ый үөрэммитим. Анал сертификаттаахпын. Бу курска маршмеллоу-мордашки, безе, зефир, мармелад оҥорорго үөрэммитим. Сонун астары дьонум, оҕолорум тута сөбүлээбиттэрэ. Салгыы торт астыыр курска үөрэнэн, араас тортары астыыбын. Ордук «Сникерс» торт былдьаһык».
Полина Реброва, иитээччи: «Былырыын Дьокуускайтан дьүөгэм кэлэн ыалдьыттаан барбыта. Кини кыламан, тыҥырах оҥорор дьарыктаах буолан, Абыйга клиеннары буларбар көрдөспүтэ. Бырааһынньык кэмэ буолан, элбэх киһи суруттарбыта. Түүннэри-күнүстэри оҥорбута. Биирдэ бэйэбэр оҥорон баран: «Эн эмиэ боруобалаа, кыайыаҥ, сатыаҥ» диэбитэ. Онтон кынаттанан, боруобалаан көрбүтүм. Дьон сөбүлээбэккэ куһаҕаны саҥарыахтара, уйан дууһабын алдьатыахтара диэн бастаан дьиксиммитим. Ол эрээри, эдэр киһи бэйэни сайыннарыахпын, эбии дохуот киллэриниэхпин баҕарар этим. Барытын толкуйдаан баран, дьүөгэбэр үөрэниэхпин баҕарарбын биллэрдим. Баҕалаах буоламмын, барытын чэпчэкитик өйдөөтүм, иҥэринним. Барыта табылынна. Бэйэҕэ итэҕэл, баҕа санаа баар буоллаҕына инниҥ хоту баран иһиэхтээххин. Ардыгар күүскэ кириитикэлээн кэбиһэн, эдэр киһи уостан хаалар. Онон тас өттүттэн ыччакка кыра да өйөбүл баар буолуохтаах дии саныыбын».
Маны таһынан, Абыйга баттах кырыйар, иистэнэр, ас арааһын астыыр, дьиэ малын оҥорор, уһанар ыччат элбэх. Кэпсэппит эдэр ийэлэрим бары: «Киһи барытыгар үөрэнэр кыахтаах. Барыта кыраттан саҕаланар, баҕарыахха эрэ наада», — диэн санааларын үллэстэллэр.
Эдэр, сайдар дьону көрөн, киһи үөрэр, астынар, кинилэргэ эрэнэр. Нэһилиэк ыччата өрүү маннык үтүө санаалаах, чөл туруктаах, түмсүүлээх, сөбүлүүр дьарыктаах буолалларыгар баҕарабыт. Нэһилиэк кэскилэ — ыччат!
Анна ЧИРКОВА, Абый.