Ыал экономикатын сайыннарарга үлэ барар

Кэтэх хаһаайыстыбаҕа түргэнник ситэр салаа бэйэ бородууксуйатынан хааччыныыга биир саамай төһүү көрүҥ буолар. Абыйдар сыллата сибиинньэ оҕотун, кууруссаны сайаапкалаан ылан иитэр буоллулар.

Тыа хаһаайыстыбатын управлениета улуус дьаһалтатын кытта үлэлэһэн, нэһилиэнньэҕэ кууруссаны, сибиинньэ оҕотун аҕалан түҥэтэр буолбута быйыл иккис сыла.

«Дьиэ кэргэн экономикатын өйөбүлэ» бырагыраама түргэнник ситэр салаанан дьарыктанар дьоҥҥо олус туһалаата. Абый дьоно ордук сайыҥҥы кэмҥэ сибиинньэ, көтөр ииттэн баран, аны күһүн кыһыҥҥыга хаһаанан, эбии эттэнэллэр. Сайаапка быһыытынан биир куурусса 600 солк. атыыламмыта, онтон сибиинньэ киилэтиттэн көрөн ортотунан 10 тыһ. солк. Судаарыстыбаттан транспортнай өҥөтө төлөнөр. Бу — сылга биирдэ эрэ оҥоһуллар көмө. Бу өйөбүлү туһанан, кэтэх хаһаайыстыбаҕа куурусса, сибиинньэ ылан ииттинэр дьон элбэтэ», — диэн санаатын үллэһиннэ тыа хаһаайыстыбатын начаалынньыга Анисья Черемкина.

 Уолбут нэһилиэгин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэнэ Кононовтар тыйыс усулуобуйалаах кырыа кыһыммытыгар тыа хаһаайыстыбатыгар ылсан үлэлииллэр.

Быйыл Ньурбаттан икки саха борооскутун тиэйэн аҕалан иитэн үлэлэрин саҕалаатылар. «Сайыны туораатылар. Туруктара үчүгэй. Бу күннэргэ ходуһабытыгар киирэн оттуохпут. 8 туонна былааннаахпыт”, — диэн алаһа дьиэ Хотуна Елизавета сэһэргиир.

Бу сааскыттан Кононовтар түргэнник ситэр дьиэ кыылларын ииттэллэр.

Кэргэмминээн Василийдыын түөрт оҕолоохпут, онтон үһэ номнуо улахан дьон. Орто уолбут Стас анал байыаннай дьайыыга сылдьар. Көтөрдөрү иитиинэн дьарыктаныыбыт ас-үөл, дохуот эрэ ылаары буолбакка, бастатан туран, кыра уолбутун үлэҕэ-хамнаска сыһыарарга, ситиһии үлэттэн тахсарын өйдөтөргө анаан тутабыт. Быйыл тыа хаһаайыстыбатын управлениятыгар сайаапкалааммыт 30 устуука кууруссаны, 1 бөтүүгү ылан, таһырдьа килиэккэҕэ иитэбит. Күҥҥэ 30 сымыыты ылабыт. Бэйэбит сиибит, ордубутун атыылыыбыт.

Бу күннэргэ биир кууруссалара сымыыт баттаан, чоппуускалар тахсаннар, хаһаайка түбүгэ үгүс.

Бастаан көтөрдөрбүтүн ылан иитэн саҕалыырбытыгар биир куурусса төрүт атынын, сымыыттыыр сиртэн арахпатын, саҥата кытта атыннык иһиллэрин бэлиэтии көрбүппүт. Киниэхэ анаан кэргэним туспа дьиэ тутан, онно олохтообуппут. Дьээбэҕэ, утуу-субуу 7 сымыыты ууран, баттыыр эбит дуу диэн кэтээн көрбүппүт. Ол эрээри,  бөһүөлэкпит чугаһынан баһаар буолан, ол аймылҕаныгар төрүт да умнуллан хаалбыта. Биир сарсыарда, от ыйын 23 күнүгэр туспа клеткалаах дьааһыгы өҥөйөн көрбүтүм чыып-чаап саҥа-иҥэ бөҕө, кууруссам чоппуускалаабыт эбит. Ааҕан көрдөххө, 21 хонук баттаан сыппыт. 2 уоһах дьүһүннээх чоппууска билигин сүүрэ сылдьаллар. Аһыыллар-сииллэр. Дьктитэ диэн сымыыты баттаабат кууруссалар диэн биэрбиттэрэ. Дьоллоох эрэ куурусса ийэ дьолун биллэҕэ. Онон «тиэргэн киэргэлэ буолуохтара» дии.

Көтөрдөрү ииттиэн баҕалаах дьоҥҥо сүбэм диэн, элбэҕи ылаҥҥыт иитэргит ордук, ночоотуруом эҥин диэҥҥит олох санаамаҥ. Бэйэ бородууксуйатын, сибиэһэй этинэн, сымыытынан аһаабыт быдан ордук, – диэн үлэһит Елизавета Евгеньевна санааларын үллэстэр.

Александра ЗАРОВНЯЕВА.