Виссарион Полушкин: Оҕону иитии үлэттэн саҕаланар

«Биир аҕа сүүс учууталлааҕар элбэҕи биэрэр» (Д.Герберт)

Мин бүгүн эһиэхэ кэрэ кэпсээн гынан билиһиннэрэр киһим, Абый нэһилиэгин олохтооҕо, эдэр аҕа, хоһоон айааччы, ырыаһыт, спортсмен — Виссарион Полушкин.

Виссарион олохтоох дьаһалта суоппара, сыл бастыҥ үлэһитэ. 1993 сыллаахха Сыаҥааннаах сэлиэнньэтигэр элбэх оҕолоох Галина Стручкова уонна Егор Полушкин дьиэ кэргэнигэр бастакы оҕонон күн сирин көрбүтэ. Бэрт кыра сааһыттан тыа олоҕун ыарахан үлэтин баһылыы, сатыы, кыайа улааппыта. Билигин онтуката кини киһи быһыытынан ситиитигэр, аҕа буолан кииллийиитигэр толору кыаҕы биэрэр. Абый нэһилиэгэр түс-бас олохтоох сис ыал Стручковтар мааны кыыстарын Катяны кэргэн ылан, эдэр ыал эмдэй-сэмдэй икки уол оҕолоохтор. Салгыы эдэр аҕаны кытта кэпсэтиибитин ааҕааччыларбытыгар тириэрдэбин.

  • Висса, эйигин ырыа айан холоноргун, хоһоон суруйаргын билэбит. Бу туһунан кэпсээ эрэ. Төрөппүттэргэр айар талааннаах, дьоҕурдаах дьон бааллар дуо?
  • Ийэм Галина Стручкова Абый дьоно-сэргэтэ бары сөбүлээн ыллыыр «Мин дойдум», «Гитараҕа эн оонньоо», “Ийэ сир дойдубут” о.д.а. элбэх ырыалары айбыта. Ийэбин утумнаан, иэйии киирдэҕинэ кыралаан хоһоон айабын. Ийэбэр анаабыт хоһоонум Юрий Новиков мелодиятыгар ырыа буолан көппүтэ. Төрөөбүт дойду, таптал, оҕо тематыгар хас да хоһооннордоохпун. Нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ ыллыыбын.
  • Иллэҥ кэмҥэр дьарыгын?
  • Спордунан оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн дьарыктанабын. «Кубок Индигирки» мас тардыһыытыгар бастаан турардаахпын. Улуус иһинэн ыытыллар күрэхтэһиилэргэ — көҥүл тустууга, хапсаҕайга, гиирэҕэ кыттабын, волейбол оонньуурбун сөбүлүүбүн. Абыйга спорт саала үлэлиир буолан, киэһэ ахсын ыччаты кытта волейболлуубут, тренажеркаҕа дьарыктанабыт. Араас күрэхтэри ыытабыт.

Маны таһынан, төрүөт уурунабын. Аҕам эмиэ наар тыаҕа сылдьыбыт киһи. Балыктыыр, бултуур этэ.

  • Техника арааһыгар барытыгар олороҕун, кыһын массыынанан куораттан мал таһаҕын? Техникаҕа сыстаҕас буоларга кимтэн үөрэммиккиний? Анал үөрэхтээххин дуо?
  • Оҕо эрдэхпинэ «Минск» мотоциклы хасыһарга, саппаас чааһын уларытарга күтүөтүм Сергей Слепцов үөрэппитэ. Онтон улаатан бэйэм хасыһар, билэн-көрөн, быһаарсар буолан барбытым. Биһиги үөрэнэр кэммитигэр борбуйун көтөхпүт уол бары техникаҕа сыстаҕас, баҕалаах этибит. 2012 сыллаахха автошколаны бүтэрэн, В,С категориялаах суоппар буолбутум. Салгыы Нерюнгри куоракка тракторист-машинист (С, Д категория) идэтин баһылаабытым.
  • Эдэр аҕа, уолаттаргын кыра эрдэхтэриттэн хайдах иитэҕин?
  • Уол оҕону иитиигэ аҕа оруола олус наадалаах. Мин бэйэм оҕо эрдэхпиттэн эһээбин батыһа сылдьан хара үлэҕэ тэҥҥэ сылдьыспыт, үлэлэспит буолан, уолаттарбын эмиэ үлэнэн иитэ сатыыбын. Эһэм үөрэҕин уолаттарбар туттабын. Улахан уолум Артем хайыы-үйэ туһа киһитэ. Техникаттан түспэт, кыра тас үлэҕэ тэҥҥэ батыакалаһар. Кырам, Артурум, бакаа кыра.
  • Эдэр ыал туох былаанааххытый?
  • Саҥа дьиэ-уот туттар баҕа санаалаахпыт. «Эдэр ыал» государственнай программаҕа кыттыахпытын, көмө ылыахпытын дьаһалта үлэһитигэр көҥүллэммэт бырагыраамма эбит. Ол да буоллар, туораттан күүскэ-көмөҕө эрэммэккэ, эдэр-сэнэх эрдэххэ дьиэ туттан, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанарга бэлэммит. Тыа сирин олохтооҕо сылгы-ынах ииттиэхтээх. Былыр-былыргыттан оҕону үлэҕэ үөрэтии ынах-сылгы, от-мас үлэтиттэн саҕаланар ди саныыбын.

Эдэр ыал аҕата, туруу үлэһит Виссарион Полушкин нэһилиэк сайдарын, тупсарын туһугар күн ахсын түбүгүрэр. Билигин тыа сиригэр үлэ үгэнэ — суол оҥоруу, бөх-сыыс таһаарыы, субботниктар… Манна барытыгар биһиги Виссабыт сүрүн күүс, сүрүн кыах!

Аҕа күнүнэн итиитик истиҥник эҕэрдэлээн туран, эдэр ыалга баҕа санаа бастыҥын аныыбыт. Аҕа ууһун тэнитэр, ааккытын ааттатар, туйаххытын хатарар үтүө дьону иитэн таһаарыҥ. Дьиэҕит сылаас сыһыанынан, кэргэн мичээринэн, оҕо чуопчаар саҥатынан туоллун.

 

Анна Чиркова, Абый.