«Устудьуон доҕоруом, эйигин сөҕөбүн…»

Тохсунньу 25 күнэ устудьуон күнэ. Устудьуон сыллара — олохпут биир сүрүн түһүмэҕэ. Умнуллубат өйдөбүлү, хатыламмат түгэннэри хаалларар кэрэ кэмнэр. Олох киэҥ аартыгар үктэнии, үөрэх, доҕордоһуу, таптал… Хас биирдии киһи эдэр сааһын кэрэ кэрчигин санаатаҕына, дуоһуйар буолуохтаах.

Абый орто оскуолатын бүтэрбит выпускниктар бэйэлэрин сөбүлүүр идэлэрин талан, араас үөрэх кыһаларыгар ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьаллар. Талааннаах, чаҕылхай устудьуоннар элбэхтэр. Олортон ааспыт сылга ордук ситиһиилээхтэри, тахсыылаахтары кытта билиһиннэрэбин.

Айар куттаах, ырыа айааччы — Иннокентий Черемкин

Иннокентий Черемкин оскуолабыт биир киэн туттар выпускнига. Билигин кини ХИФУ ГРФ 5 курсун устудьуона, «Нефтебазовые техники и технологии (бурильщик)» идэтигэр ситиһиилээхтик үөрэнэр. Быйыл Иннокентий бастыҥ сахалыы ырыалары быһаарар «Үрдэл» национальнай бириэмийэҕэ кыттан, үөртэ, соһутта.

Кешаны олох кыра эрдэҕиттэн ырыаҕа ийэтэ Елена Егоровна дьарыктаабыта. «Дьиэбит иһигэр магнитофон, караоке баара, эдьиийбин кытта тэҥҥэ дьарыктанааччыбыт. Саас ахсын Белай Гораҕа «Полярная звезда» күрэххэ киирэрбитин күүтэрбит», — диэн ахтар. Оскуолатын бүтэрэн, 2016 сыллаахха ХИФУ иһинэн «Инфраструктурнай технология колледжыгар” үөрэнэ киирэр. Бу колледжка Саха Республикатын народнай артыыстара Екатерина, Алексей Егоровтар салайар «Сэргэлээх сулустара» ансаамбыл үлэлиирин истэн, тута кастинг ааһан, ырыаҕа дьарыктаммытынан барар. Кыра эрдэҕиттэн ыллыыр үөрүйэҕэ биллэн, уһуйааччылара Кешаттан астыналлара, сөбүлүүллэрэ. Ити курдук, 3 сыл орто үөрэҕин бүтэриэр диэри талааннаах ырыаһыт дьиэ кэргэҥҥэ үөрэнэн, өссө сайдар, куолаһа тупсар, ырыа, култуура эйгэтигэр киирэр. Билигин Иннокентий 3 авторскай ырыалаах. «Бастакы ырыабын «Сахалыы олуктар» диэн ааттаан, 2020 сыллаахха таһаарбытым, сонно интернет ситимҥэ укпутум. Тута дьон сөбүлээн, күн ахсын ырыаҕын таһаар диэн көрдөһөллөрө. Онтон кынаттанан, иккис «Хотугу дойдум» ырыабын суруйан саҕалаабытым. Ырыабар хоту дойду айылҕата, дьүкээбилэ туспа кэрэ уобарас буолан ылланар.

Быйыл “Үрдэл” национальнай бириэмийэҕэ кыттан үөрүүм үгүс. Куонкуруска киирэргэ бастаан “Тэтим” радиоҕа ырыа бэриллэр. Бу туойуу элбэхтэ ылланыахтаах, дьон сөбүлээн сакаастыыр буолуохтаах. «Мин ырыам» дьон биһирэбилин ылан, “Үрдэлгэ” киирбитэ. Радиолар “Үрдэлгэ” киирдиҥ диэн эрийбиттэригэр бэйэм да соһуйбутум. Түгэнинэн туһанан, Абыйым дьонугар улахан махталбын тириэрдэбин. Эһиги баар буолан, элбэх куолаһы ыллым, бу улахан күрэххэ финалга тахсарбар күүс-көмө буоллугут. Улууспуттан улахан өйөбүл баарын биллим, астынным, үөрдүм», — диэн Иннокентий Таиланд дойдуттан эстрада чаҕылхай сулустарын кытта сынньана сылдьан кэпсээтэ.

Үөрэҕин таһынан уолбут үбүлүөйдэргэ, кэнсиэрдэргэ ыллыыр, тамадалары кытта сылдьан үлэлэһэр, звукорежиссердуур. Иллэҥ кэмигэр спортивнай саалаҕа дьарыктанар. Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥнарыгар устудьуон уол мээнэ сыппат. Эстрада артыыстарын кытта шоу-программа тэрийсэр, ыҥырыыга сылдан ыллыыр. Саас эдэр ырыаһыты, ырыа айааччыны саҥа сүүрээннэр күүтэллэр. Абыйга биллииллээх эстрада сулустарын кыттта гастролга барар баҕа санаалааҕын сэмээр үллэстэр. 2023 сылга Иннокентий Черемкин ПАО «ЯТЭК» улахан компания анаабыт анал стипендиата буолбутун хаһыакка ааҕан үөрбүппүт. Ый ахсын аҕыйаҕа суох суммалаах стипендия ылар. ЯТЭК анаабыт стипендията мин саҥаны билэрбэр, сайдарбар, семинардарга, конференцияларга, сөбүлүүр дьарыкпар сылдьарбар улахан төһүү күүс буолар”, — диир үөрэҕин кытта тэҥҥэ сөбүлүүр идэтинэн дьарыктанар талааннаах уолбут Иннокентий Черемкин.

Охчут уол — Марк Оконешников

Абый нэһилиэгин олохтоохторо, саха сэмэй дьиэ кэргэнэ Матвей, Анна Оконешниковтар күҥҥэ көрдөрбүт соҕотох уоллара Марк 1996 сыллаахха күн сирин көрбүтэ. Марик оҕо эрдэҕиттэн атаҕынан доруобуйатыгар хааччахтаах. Ол да буоллар, төрөппүттэрэ уолларын туох баар үлэҕэ, спортка, култуурунай-маассабай тэрээһиннэргэ барытыгар кытыннараллара, атын оҕолортон туох да итэҕэһэ суох гына маанылаан ииппиттэрэ, уоллара сайдарыгар туох баар усулуобуйаны барытын тэрийбиттэрэ, өйөөбүттэрэ. Оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан Марик күүстээх санаатынан хайыһарга, волейболга, теннискэ дьарыктанара, оскуола сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэ этэ.

Билигин Марк Чурапчытааҕы физкультура, спорт институтун 3 курсун устудьуона. Саха Республикатын үтүөлээх тренердэригэр П.В. Андросовка, М.М.Филипповка ох ытыытынан дьарыктанар.

Ох ытыытын көрүҥүн Марк тоҕо талла? 2020 сыллаахха кини сварщик идэтигэр үөрэнэ сылдьан иллэҥ кэмигэр «Модун» спорт комплекска этин-хаанын чэбдигирдэр уопсай дьарыкка, теннискэ дьарыктанара. Биир үтүө күн Петр Андросов диэн тренер күн ахсын дьарыкка сылдьар уолу таба көрөн, ох сааҕа дьарыктаныаххын баҕараҕын дуо диэн соһуччу бэйэтэ этии киллэрбит. Мантан ыла уолбут ох сааҕа дьарыктанан, кыралаан ситиһиилэнэн, дьонун-сэргэтин үөрдэн барбыта. Билигин хайыы үйэ Марикпыт улахан куораттарынан сылдьар биллэр охчут буолла. 2020 сыллаахха Орел куоракка баран, спорт маастарын кандидата буолбута. 2021 с. Читаҕа, 2022 с. — Кисловодскайга, Горнайга ыытыллыбыт Манчаары күрэҕэр, Өймөкөөҥҥө ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар кыттар. 2023 с. Орел куоракка ох ытыытыгар маастар нуорматын толорбута, ыра санаата туолбута. Марк Оконешников — Абый нэһилиэгиттэн иккис спорт маастара! Бу олорон санаатахха, Марик кыра эрдэҕиттэн аҕатын Матвейы кытта саас ахсын хааска, куска сылдьар буолаллара. Дьэ, байанайдаах хаасчыттар! Улаатан, борбуйун көтөҕөн, бэйэтэ сылдьар буолтун кэннэ, сыл ахсын маҥнайгы хааһы Марик бултаабыт диэн сонун бөһүөлэги тилийэ көтөрө. Онон, таба ытар талаан Марикпытыгар оҕо эрдэҕиттэн баар эбит дуу диэн санааҕа кэлэҕин.

Бу күннэргэ Марк Орел куоракка бу ыйы быһа ыытыллар «Кубок России» личнэй күрэхтэһиигэ биллиилээх спортсменнары — Степанида Артахинова, Валентин Павловы, Виктор Скрыбыкины, Дьулустан Захаровы кытта Саха сирин аатыттан ытыыга күрэхтэһэ сылдьар. Уолбутугар ситиһиилэри баҕарабыт.

Дайаана Томская — активист устудьуон!

Дайаана Томская — ХИФУ педагогическай институт логопед-дефектолог салаатын иккис курсун устудьуона. Кини оскуолаҕа үөрэнэр сылларыттан актыыбынай олохтоох, кэрэ куоластаах ырыаһыт, солбуллубат конфераньсе, элбэх олимпиада, научнай-практическай конференциялар, күрэхтэр кыттыылааҕа.

Устудьуон көрдөөх-нардаах, түбүктээх олоҕун туһунан бу курдук кэпсиир: «Бөлөхпүтүгэр үксүн орто анал үөрэҕи бүтэрбит выпускниктар киирбиттэр, оскуола кэнниттэн аҕыйахпыт. Бастакы курстан институт күөстүү оргуйар олоҕор кыттыыны ылбытынан барбытым. Пединститут иһинэн профсоюзнай тэрилтэҕэ киирбитим. Тута үөрэхпин кытта тэҥҥэ общественнай олоҕум саҕаламмыта. ХИФУ устудьуоннарын профосюзнай тэрилтэтин (ППОС), “Молодая Гвардия” (МГЕР – “Молодая гвардия Единой России”) партия чилиэнэбин. 2023 сыллаахха бүтүн университет старостатыгар (старосталарын бөлөҕөр) киирбитим. Манна актыыбынай, идеялаах старосталар талыллаллар. Старостат председателэ эмиэ Арктическай улуустан сылдьар буолан, уопсай тылы сонно булбуппут, бэйэ бэйэбитин хардарыта өйдөһөн, тапсан таһаарыылаахтык үлэлии сылдьабыт. «UP» (сила первокурсников), «Subsidium» (главная мастерская кадров), «Школа актива» диэн  кадрдары бэлэмниир бырайыактарга үөрэммитим. Бу араас, сонун бырайыактарга мин бэйэм араас өттүбүттэн арыллабын, сайдабын, элбэх доҕоттордоннум, докумуон үлэтигэр, культурнай-айар дьарыкка уопут ыллым. 2023 с. тохсунньу ыйтан бүтүн Пединститут старостатынан ананан үлэлии сылдьабын. Үөрэхпин сөбүлээтим, педагогическай династияны салҕыы сылдьарбыттан астынабын», — диэн Дайаана санаатын үллэстэр.

«Устудьуон доҕоруом, эйигин сөҕөбүн…” диэн ырыа тыллара өйбөр киирэр. Кырдьык даҕаны, аныгы устудьуоннартан киһи үөрэр, астынар, киэн туттар. Биһиги саҕана туохха да аралдьыйбакка үөрэхпитин бүтэриэхтээхпит диэн өйдөбүл баар буоллаҕына, билигин үгүс устудьуон үөрэхтэрин таһынан үлэлииллэр, дууһалара сытар дьарыктаахтар. Онно барытыгар бэйэни сайыннарар кыах баар. Ол кыаҕы туһаныҥ, бэйэҕитин сайыннарыҥ, эдэр доҕотторуом!

Анна ЧИРКОВА, Абый.