Уолбут бэтэрээннэрэ декаданы салгыҥҥа хаамыыттан саҕалаабыттар. Айылҕалыын алтыһан, сирдэрин-уоттарын аһатан, чэгбдигирэн кэлбиттэр.
Оскуола оҕолоругар — уруһуй, оттон эбээлэргэ, эһээлэргэ оҥоһуктар куонкурустара ыытыллыбыт.
«Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор ытыктанар дьоммутун эҕэрдэлээтибит. Итии чэйдээх, хотойорунан астаах остуол тула олорон аҕам саастаах дьоммут истиҥник сэһэргэстилэр. Детсад, оскуола оҕолоро, тэрилтэлэр эҕэрдэ ырыаларын, үҥкүүлэрин дуоһуйа иһиттилэр, көрдүлэр. Тэрилтэлэр бэйэлэрин кырдьаҕастарыгар эҕэрдэ открыткалаах подароктарын — сертификаттары туттардылар. «Бастыҥтан бастыҥ ытык саастаах» диэн бэһиэлэй куонкурус кыайыылааҕынан Елена Слепцова буолла», — диэн биһиги общественнай корреспондеммыт Вероника Горохова кэпсээтэ.
Аҕам саастаах дьоҥҥо аламаҕай тыыннаах алтыһыы, көрсүһүү үөрүүтэ, сэргэх сэһэн-сэппэн эйгэтэ туохтааҕар да күндү.
Сусанна Никитина.