Сааһырбыт дьон барахсаттар хара баттахтара маҥхайан, ыраас сирэйдэрэ мыччыстыар диэри араас олоҕу олорон кэллэхтэрэ. Бүгүн ытык кырдьаҕастартан уһун үйэлэнии кистэлэҥэ туохханый диэн ыйыталастым.
Евдокия Николаевна Новикова, 84 саастаах, Уолбуттан төрүттээх, олоҕун үтүө аҥаарын Сыаҥааннаахха олорбута. Билигин Дьокуускай куорат олохтооҕо:
— Кыра сааспыттан тулаайах кэриэтэ хаалбыт киһи күн бүгүҥҥэ дылы атаҕым үрдүгэр сылдьан, дьону кытта алтыһарбыттан, оҕолорбор көмө-имэ буоларбыттан, сиэннэри, хос сиэннэри көрөрбүттэн олус үөрэбин.
Үйэм тухары арыгы, табах диэни билбэтэх киһибин. Уһун үйэлэнэрбэр ол баҕар көмөлөспүтэ буолуо. Киһи ис дууһата ырааһа эмиэ элбэҕи эбэр буолуохтаах. Мин кыраттан да үөрэбин. Дьонтон үөрэр, дьону үөрдэр баар саамай үчүгэй дьол.
Киһи эрдэттэн аһын көрүнэ, бэйэтин харыстана сылдьыахтаах эбит. Хомойуох иһин, биһиги ону хойутаан өйдүүбүт. Мин, дьиҥэр, үчүгэй олоххо олорон кэллим: үөрэхтэнэн, оҕолонон, сиэннэнэн, үлэни үлэлээн, дьоннуун алтыһан, олох үчүгэйин көрдүм. Былырыын сиэним “барбатаҕа” буоллар өссө да “тэп” курдук сылдьыам этэ. Олоххо араас баарын иннигэр барытын тулуйан, иннигэр үчүгэйи ыраланан, өйгүн-санааҕын сааһыланан, настарыанньаҕын көтөҕүнэ сырыттаххына табыллар. Оччоҕо эрэ тулаҥ сырдыыр, дууһаҥ холкутуйар.
Иван Николаевич Никулин, 90 саастаах:
— Оҥоһуум оннук буолан уһун олохтоммутум буолаахтыа. Ийэм төрдүгэр үксүлэрэ уһун үйэлээхтэр. Эбэм 100 сааһыттан тахсан баран, атаҕын үрдүгэр сүүрэ сылдьан “барбыта”. Быычыкаан уҥуохтаах, түргэн-тарҕан туттуулаах эмээхсин этэ.
Оҕо сылдьан тоҥон-хатан, аччыктаан, ыал буолуохпар дылы сиргэ-айаҥҥа, ханна сатанарынан утуйан-туран, туох түбэһэринэн аһаан-сиэн сырыттаҕым. Үлэ бөҕөнү үлэлээн, сырыыны сылдьан.
Үйэм тухары дьону-киһини кытта саҥарсыбатах, иирсибэтэх киһибин. Кими да кытта өстөһөн турбутум диэн суох. Онон туохха да кыыһырбакка, кыраҕа ньиэрбэбин бараабакка бу тухары кэллим.
Ама, мин даҕаны өлүүнү-сүтүүнү көрбөтөх бэйэккэлээх буолуом дуо?! Барыта баара. Ол эрээри бэйэ бодотун кэмигэр өрө тардынар диэн эмиэ баар буолар.
Эдэр эрдэхпиттэн сааранарым диэн ырыа эрэ. 30-ча сыл сылгыһыттаабытым тухары «Саха оҕус үрдүгэр олордо да ырыаһыт» дииллэринии, ыҥыыр үрдүгэр таҕыстым да ырыабын тардан кэбиһэрим. Билигин да, икки харахпынан көрбөт буолан олордорбун, күммүн ырыанан саҕалыыбын. Оччоҕо эрэ өйүм-санаам дьэҥкэрэргэ дылы. Онон уһун олохтонорбор ырыа көмөлөспүт буолуон эмиэ сөп.
Николай Константинович Садовников, 85 саастаах:
— Киһи олоҕор саамай сүрүн оруолу аһылыга ылара буолуо. Мин үйэм тухары олохтоох аһы аһаан кэллим. Билигин 8 ынах сүөһүлээхпититтэн 2-тэ ыанар ынах. Онон үрүҥ аһы, суораты, сүөгэйи туппутунан олоробут. Сылгы ииттэр буоламмыт, күһүн ахсын идэһэлэнэбит. Ону кытта саамай сөбүлээн сиир аспыт, сэрии саҕаттан тыыннаах хаалларбыт чорохойбут, алыһарбыт абырыыр. Бурдук аһын дэҥ кэриэтэ сиибин, атыы аһын уруккаттан да сэргээбэппин. Арыгыга, табахха хаһан даҕаны сыстыбатаҕым.
Бэйэбин кыанар буолуохпуттан таайбын батыһан, хара тыаны кэтэн сааһырыахпар дылы түүлээхситтээбитим. Онон куруутун сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыбытым. Ол даҕаны уһун үйэлээбитэ буолуон сөп.
Тапталлаах кэргэммин кытта 55 сыл бииргэ олорбуппут. Биирдэ да куһаҕан тылынан саҥарсыбакка, кыыһырсыбакка, эйэ-дэмнээхтик олохпутун бараан, оҕо төрөтөн, сиэн көрөн дьолломмуппут.
Соҕотох хаалан бараммын оҕолорум үлбүрүҥнэригэр, көрүүлэригэр олоробун. Ол да иһин олоҕум уһуура буолаахтыа.
Варвара Дмитрьевна Левина, 80 саастаах:
— Мин бииргэ төрөөбүттэрим бары кылгас үйэлээхтэр, мин эрэ ордон олоробун. Ону да эһэккэбит Көстөкүүн оҕонньор көмөлөспүтэ буолуо дии саныыбын. Киниэхэ махталым муҥура суох. Олорбутум тухары арааһы көрбүтүм буолуо. Ол да буоллар үчүгэйгэ тардыһыы, ырыа-тойук барытын холкутатар дии саныыбын. Эдэр эрдэхпиттэн ыллыырбын сөбүлүүбүн. Ытыы олорон кытта ыллааччыбын. Оччоҕо эрэ дууһам уоскуйар буолара.
Людмила Петровна Андросова, 77 саастаах:
— Барытыгар үчүгэйи эрэ көрүөххэ. «Үчүгэй буолуо» диэн эрэниэххэ, ону тардыахха наада.
Эһэбитин, Николай Петрович Ефимовы, кистээбиппит аҕыйах ый буолла. Кини 90 сааһын ааһан баран улахан ыарыыттан «барда». Ити ыарыы булбатаҕа буоллар өссө да сылдьыа этэ. Кини сарсыардатын сэрээккэнэн саҕалыыра, аһын наһаа көрүнэрэ, табах тардыбат этэ. Кинигэ бөҕө ааҕара, хоһоон бөҕө нойосуус үөрэтэрэ, саахыматтыыра. Уолаттар бэйэбит иннинэ «бараннар», ол улаханнык кэбирэттэ. Ол иннинэ, бу аҕыйах эрэ сыллааҕыта, бураанынан сиргэ бэйэтэ соҕотоҕун сылдьара, дьиэ кырыыһатын тахсан абырахтанан, остуолбаҕа кытта тахсаары мөҕөрө. Хайабыт да табах диэни тардыбатахпыт.
Бэйэм эдэр эрдэхпиттэн ыллыыбын, кинигэ ааҕабын, билигин ютубунан киинэ көрөбүн, айылҕаҕа сылдьарбын сөбүлүүбүн, урут өссө уруһуйдуур этим. Олохпор төһө да ыарахаттары көрүстэрбин, санаа күүһүнэн туран кэлэбин. Өссө да уһуннук олордорбун, бачча үчүгэй күн сирин көрдөрбүн диэн баҕа санаалаахпын. Аттыбар оҕолорум, сиэннэрим, хос сиэннэрим бааллара наһаа үчүгэй. Барыта санаам хоту.
Ити курдук, кырдьаҕастарбыт барахсаттар санаалара бөҕөх. Сарсыардаларын үчүгэй санааттан саҕалыыллар. Кинилэргэ күн ахсын болҕомто, кэпсэтии наада буоларын умнумуохха.
Анастасия СОРОКОУМОВА, Сыаҥааннаах