Бастакы отчуоттары тилэх баттаһа, олунньу 20 күнүгэр Муҥурдаах, Абый нэһилиэктэригэр, Оттоох Атахха Арктика министрэ Владимир Черноградскай салайааччылаах бөлөх сырытта. Ханна да буоларын курдук, олохтоохтор итии чэйдээх алаадьылаах остуолу тардан көрүстүлэр. Итинник болҕомтоҕут иһин барҕа махтал буоллун!
Бырабыыталыстыба 2023 сыллаах отчуотун Владимир Николаевич бэйэтин тылынан сахалыы кэпсээбитэ ордук тиийимтиэ эбит. Онон да буолуо, ыйытыы кэмэ суох диэбэппин да, Сыагааннаахтартан 26, Абыйтан 13, Дьооску олохтоохторуттан эмиэ уонча син киирдэ. Онуоха үөһэ, ыстатыйа аатыгар ыйыллыбыт баҕа санаа сүрүн матыып буолла. Олортон сороҕун ааҕыҥ, сороҕун «ХК» 4,5 нүөмэрдэриттэн билсиҥ.
Чох хаачыстыбата куһаҕан, таастаах, кумахтаах, итииини биэрбэт, тоҕо? — диэн Сыаганнаах кочегара ыйытар.
Бу — технологическай өрүттээх. Зырянка чоҕун бытарытыаха наада, оннук мал суох, онно өссө нефть туттуллар ол иһин брикеттээбэттэр. Муомаҕа Кыһыл үрүйэҕэ коксаланар чоҕу хостоору сылдьаллар. Ону туһанаххытына, сыаната да чэпчэки буолуо этэ.
Дьон муҥур уһуктарыгар тиийэннэр, самолет сырыытын үс нэһилиэккэ барыларыгар ыйыттылар. Ону баара, туттулла сылдьар нормативнай акталары, инструкциялары кэһэр табыллыбатын, көтөр аал 65 бырыһыан туоллаҕына эрэ көтөрүн тоһоҕолоон өссө төгүл быһаардылар. Балаһыанньаттан тахсарга нэдиэлэтээҕи расписание эбэтэр график баар буолуохтааҕар кэпсэтиилэр таҕыстылар.
Авиабилет сыаната ыарахан, холобур быһыытынан кэргэннии бэтэрээн учууталлар Абыйтан саҕалаан Белай Гораттан Дьокуускайга уонна төттөрү кэлэр сыаналара 240 тыһыынча солкуобай. Малбыт ыйааһынын 20 киилэнэн муҥурдаабыттарын сөп дии саныыгыт дуо? (Абыйга).
Билиэт сыанатын аччатар кыах суох. Арай рейс аайы 8 субсидированнай билет атыыланар. Ол аҕыйах, өйдүүбүт. Самолетарбыт эргэрэннэр, ресурсалара аччааннар, «Полярные авиалинии» тутан олорорбутугар махтал. Кини кыра самолету тутар базалара, обслуживаниелара, уматыктара Хонууга баарынан, Белай Гораҕа көһөрөр кыахтара билигин суох. Ол оннугар «Тундра» диэн саҥа хампаанньа үөскээтэ, быйылгыттан-эһиилгэттэн көтүөхтээх.
Тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах ыйытыыларга бары нэһилиэктэргэ дьоһуннаах кэпсэтии таҕыста, олортон сороҕо маннык буолла.
Өртөөһүнү хаһан көҥүллүүллэр? Тыраахтара суох оппутун «Буранынан» тастабыт, ити аата тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы дуо? Туруорсубуппут ыраатта, — дэһэллэр Дьооску үлэһиттэрэ.
Тыа дьонун долгутар, ходуһатан үрүҥ ас, сыалаах эт үрдүүрүн билэр дьон бу боппуруос хоруйун ытыс таһыныылаах көрүстүлэр.
Өртөөһүн аны көҥҥүллэнэн турар, күһүнүн. Күһүҥҥү өртөөһүнү эһиги сылгыларбыт хаһан аһыыр сирдэрэ күл буолуо диэн утараҕыт. Саас диэн туруорсаҕыт. Аргыый аҕай оннукка да тиийэр инибит. Оттон Оттоох Атахха тыраахтар баар буолуо. Манна 150 га сиргэ куурдуу үлэтэ ыттыллыаҕа. Сынньалаҥы, бэйэ дьарыктаах буолууну олохтоох былаастар дьаһайар, көҕүлүүр функциялаахтар.
Абый нэһилиэгэр Анна Афанасьевна Томская илеология баар буолуохтааҕар, онтон ситимнэнэн олох бары өттө тутулуктааҕын, категориялаах суоппардары, тырахтарыыстары бэлэмниир СПТУ-ну дуу УПК-ны дуу Абый сэлиэнньэтигэр аһыы уонна Раиса Владимировна Бережнова учууталларга уопсай дьиэни тутуу туһунан этиилэрэ боротокуолга киирдэ диир кэриҥнээхпит.
Ити курдук, олохтоох дьаһалталар быһаарар боппуруостара, кыһалҕалар (балыыһа, оскуола дьиэлэрин өрөмүөннээһин, биирдиилээн ыал олорор дьиэлэрин ититэр ситимнэрин көрүү, олорор дьиэ аварийнай статустаныыта, быраастар киин балыыһаҕа командировкаланан нэһилиэк эмчитэ суох хааларын, биир сиргэ үлэттэн атыны билбэт дьоҥҥо бэйэ интэриэһин көҕүлүүр куруһуоктар, тренажердар наадаларын, ону тэрийии хайдах буолуохтааҕын, котельнай котелун уларытыыны, эдэр ыал уонна докумуона суох дьиэлэр тустарынан уонна да атыттары) бырабыыталыстыба отчуотугар этиллибиттэрин иһин, маннааҕы тэрилтэлэр салайааччыларыттан ыйыталыаһыахпыт уона хаһыатынан эппиэтииллэрин ситиһиэхпит диэн туран түмүктүүбүн.
Николай ПЕТРОВ.