Кэбэргэнэҕэ бүгүн, олунньу 24 күнүгэр, Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэригэр аналлаах «Дьиктилээх хонуу» буолла. Манна 9 хоһуун-хоодуот эр бэртэрэ кытыннылар
Оонньуу түһүмэхтэригэр араас байыаннай тиэмэттэн боппуруостары таайдылар. Маҥнайгы ордук улахан баалы Егор Никулин ылла. Иккис түһүмэххэ Алексей Бережнев, үһүскэ Вячеслав Бурцев кыайдылар.
Эр бэртэрэ кылгастык ким ханнык чааска сулууспалаабытын кэпсээтилэр. Хабаровскай кыраайга, Амурскай уобаласка, Биробиджаҥҥа, Монголияҕа тиийэ армияҕа сулууспалаабыттар. «Дьиҥнээх олох оскуолатын барбыппыт. Армияҕа киһи уйана-хатана биллэр», — диэтилэр.
Оонньуу уопсай түмүгүнэн муҥутуур кыайыылааҕынан Алексей Бережнев буолла. Кыттааччыларга барыларыгар подарочнай сертификат туттарылынна. Алексей Бережнев супер-оонньууга киирэн баран, 3 буукубаны сөпкө этэн баран, тылы арыый сыыһа ааттаата.
Хорсун-хоодуот уолаттарбытын эҕэрдэлиибит!Эһиги баар буолаҥҥыт биһиги нус-нас олохтоохпут, бигэ тирэхтээхпит!
Надежда Сидорова, Майыар.