Күн сирин кэрэтин барытын
Таптыаҕа, таптыаҕа сүрэҕим.
И.Гоголев – Кындыл
Кэрэ… Кэрэттэн кэрэ… Кэрэ диэн тыл өйдөбүлүн киһи-аймах кэрэ аҥаарыгар, дьахтар аймахха сыһыары тутан өйдүүбүт. Кэрэни айылҕа араас көстүүтүгэр булабыт, олоххо көрөбүт. Киһи өйүн күүһүнэн, сүрэҕин сибигинэйиитинэн кэрэни айар-тутар… Бүгүҥҥү ыалдьыппыт – Муҥурдаах нэһилиэгин олохтооҕо, тарбаҕын талаанынан кэрэни айар ыал ийэтэ Светлана Петровна Андросова.
Светлана 1978 с. Сыаҥааннаах сэлиэнньэтигэр Андросова Вера Алексеевна уонна Андросов Петр Петрович 7 (4кыыс, 3 уол) оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ үһүс оҕонон күн сирин көрбүтэ.
Кини оҕо эрдэҕиттэн уруһуйдуурун сөбүлүүр. Төрдүгэр-ууһугар оннук дьоҕурдаах дьон баалларын билбэт. Биирдэ, алын кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, уруһуй уруогар слону уруһуйдаабыттар. Учуутала Владимир Дохунаев кыыс уруһуйун көрөн, хайҕаабыт уонна оҕолорго көрдөрө-көрдөрө: “Слон маннык буолуохтаах, оҕолор”, — диэбитин Светлана билигин да өйдүүр. Онтон ыла кырачаан кыыска уруһуйдуур баҕата ордук күүһүрбүт.
Онтон алын кылаас учуутала Антонина Егоровна Алексеева туустаах тиэстэнэн нуучча кыыһын оҥорторбут. Света ол наһаа үчүгэйкээн үлэтэ оскуолаҕа быыстапкаҕа турбут. Ити курдук, кэмигэр учууталлар оҕо дьоҕурун бэлиэтии көрбүттэр.
Арыый улаатан баран кыргыттар көрдөһүүлэринэн тэтэрээттэр тастарын киэргэтэн уруһуйдуура.
1995 с. Муҥурдаах орто оскуолатын бүтэрэр. Оскуола кэннэ биир сыл фермаҕа доярканан үлэлиир.
Уруһуйдьут буолар баҕата баһыйан, 1997 с. үөрэххэ туттарса бараары бэлэмнэнэр. Онно учуутала Федора Афанасьевна Климовская өҥү сатаан араарарга үөрэппит. Хомойуох иһин, Светлана ол баҕа санаата туолбатаҕа. Кини Дьокуускайдааҕы художественнай училищеҕа уонна Нам педагогическай колледжыгар туттарсан көрбүт да, баал тэҥнэһиитэ буолбутугар, атын оҕону ылбыттар. Инньэ гынан Төҥүлүтээҕи СПТУ-га туттарсан киирэр уонна биир сылынан овощевод-модистка үөрэҕин бүтэрэр. Модистка диэн түүлээҕинэн бэргэһэ тигээччи. Дойдутугар төннөн кэлэн бэргэһэ тигиитинэн дьарыктанар. Ол курдук, кулгаахтаах (ушанка), кулгааҕа суох (обманка, кубанка, киэпкэ) бэргэһэлэри сакааска тикпитинэн барар.
Ол сылдьан, 1999 с. учаастактааҕы балыыһаҕа поварынан үлэлии киирэр уонна күн бүгүҥҥэ диэри бэриниилээхтик үлэлиир, минньигэс астааҕынан биллэр.
Ону таһынан Света ыллыыр. Биирдэ эдьиийэ Лена балтын ыллатаары кулуупка илдьэ барбыт. Онтон ыла сыанаҕа ыллыыр. Оччолорго Степан Иннокентьевич Новиков ырыаҕа дьарыктыыра, гастролунан нэһилиэктэри кэрийэллэрэ. Света үксүн соло эбэтэр дуэт ыллыыр. Олох, дьиэ кэргэн, оҕо, айылҕа – бэйэтигэр чугас ис хоһоонноох ырыалары ыллыырын сөбүлүүр. Араас куонкурустарга лауреат, дипломант буолбута. Андросовтар дьиэ кэргэҥҥэ бииргэ төрөөбүттэртэн Лена, Света, Даша, Вова ыллыыллар. Онон төрдүлэригэр ырыаһыттар баар буолуохтарын сөп. Ийэлэрэ Вера Андросова хоһоон айара.
2000 с. олоҕун аргыһын Корякин Афанасий Михайловиһы көрсөн, ыал буолаллар. Афанасий ДЭС тэрилтэтигэр машинистыыр. Онтон дьиэ-уот, оҕо-уруу…
Биирдэ Света кыра оҕотугар олорон баран, үлэҕэ тахсыбытыгар, балыыһаҕа тугу эрэ уларытыахха диэн турбуттар. Инньэ гынан эргэ миэбэли саҥардан, ону-маны уһаммыттар. Балыыһа остуолун ньолбоҕор гына быспыт, оһуор түһэрбит, кырааскалаабыттар. Аны сорох малы тэрилтэлэригэр харчы киллэрэр сыалтан атыылаабыттар. Оҕо сытар палататын истиэнэтин икки төгүл уруһуйдаабыттар.
Балыыһаҕа 2 сыл профсоюз председателинэн үлэлии сылдьыбыт. Ол кэмҥэ бэтэрээннэргэ маһынан салфетка иһитин, харысхал, таҥас ыйыыр плечиктэри оҥорон бэлэхтээбиттэр. Итиннэ барытыгар Светлана идеятын биэрээччи, көҕүлээччи, уруһуйдааччы, оттон кырааскалааһынын бары саба түһэн оҥороллор. “Үчүгэйэ диэн бииргэ үлэлиир дьоммор идея биэрэбин, ону иилэ хабан ылаллар да, саба түһэн оҥорбутунан бараллар. Коллективым урут да, билигин да наһаа иллээх”, — диэн сэһэргиир.
Сибэкки араас иһиттэрин, түннүк араамаларын оҥорор. “Кэнчээри” оҕо уһуйааныгар оҕолор Саха сирин улуустарын үөрэттиннэр диэн “Саха Өрөспүүбүлүкэтэ” фанеранан хомулук оҥорон бэлэхтээбитэ. Оскуолаҕа Саҥа дьыллааҕы фотозонаҕа фанеранан сыарҕалаах табаны бэлэх ууммута. Оһуордаах быыс эркиннэри (перегородкалары) оҥорор. Былырыын кулуупка Аал луук маһы, сэргэлэри фанеранан быһан оҥорбута.
Фанераны саас, күһүн эрэ туттар. Улахана бэрт, дьиэҕэ баппат, мастарыскыайа суох, таһырдьа эрэ уһанар. Уруһуйун бастаан ватмаҥҥа түһэрэр, трафарет оҥорор, онтон, дьэ, лобзигынан быһар. «Хайа да фанератааҕар хатыҥ гиэнин быһар ордук эбит. Оттон наһаа хаппыт фанера түбэстэҕинэ, илитэ-илитэ быһар ордук. Кыра элбэх тиистээх насадканан быһар ордук», — диэн сүүтүк сүбэлэрин үллэһиннэ. Тутарга-хабарга көмөлөһөр киһитэ, сүбэһитэ кэргэнэ буолар. Афанасий тимири сваркалыырын ордорор, дьон сакааһынан сваркаланар.
Уһанар киһи бэйэтин наадатын мэлдьи көрө-истэ сылдьар идэлээх. Ол курдук, саҥа идеялары тулалыыр олоҕуттан, интернеттэн, тэлэбиисэртэн, “Мас уустара” диэн WhatsApp группатыттан сомсон ылар. Ол курдук, хатырыгы оргутан, мас кырааскатын оҥорор. Ол хатырыгын хантан ыларын эрдэттэн бэлиэтии көрө сылдьар.
Светланалаах 3 оҕоломмуттара: 2 кыыс, 1 уол. 2020 сыллаахха бу иллээх дьиэ кэргэҥҥэ кэтэспэтэх өттүттэн улахан алдьархай ааҥнаан тиийэн кэлбитэ. Ол курдук, күҥҥэ көрбүт баар-суох соҕотох уоллара уонна алаһа дьиэлэрэ уокка былдьаммыта… Төһөлөөх харах уута тохтубутун, сүрэх ытаабытын, дууһа аймаммытын тылынан этиллибэт… Бэйэтин этинэн билбит эрэ киһи билэн эрдэҕэ… Киһи киһиэхэ баҕарбат иэдээнэ… “Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас” диэбиттии, дьон-сэргэ, аймахтар, доҕоттор өйөбүллэринэн, көмөлөрүнэн олоххо тардыһан, саҥаттан дьиэ туттан, кыргыттарын тустарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар. “Халыҥ аймахтаах, элбэх чугас доҕоттордоох буоламмыт, кинилэр санаабытын аралдьытаннар…” — диэн бар дьонугар истиҥник махтанара өтө көстөр…
Билигин кыргыттара Евдокия, Вита — устудьуоннар. Вита ийэтин курдук эмиэ уруһуйдуурун сөбүлүүр. Кини киистэнэн уруһуйдаабыт хартыыналара дьиэлэрин истиэнэтин киэргэтэллэр. Ити курдук утум салҕанар.
Светлана Петровнаҕа сэһэргэһиитин иһин истиҥник махтанабын. Айар талааныҥ, уруһуйдуур, маһынан уһанар, ыллыыр дьоҕуруҥ үүнэ-сайда туруохтун. Олоҕуҥ суола, маска түһэрэр мааны оһуоруҥ курдук, кэрэнэн, сырдыгынан сыдьаайдын, үтүөнэн эрэ киэргэттин диэн баҕа санаа бастыҥын аныыбын.
Анджела Рязанская.