Тапталлаахтар күннэрин көрсө Абыйга ахсыс төгүлүн улуустааҕы «Таптал — дьол, олох иэйиитэ» ырыа күрэҕэ буолан ааста.
Уопсайа 16 кытттаачы кэлэн, таптал туһунан нарын ырыалары бэлэхтээтилэр. Күрэх икки түһүмэҕинэн ыытылынна: бастакы түһүмэххэ таптал туһунан, иккискэ талбыт ырыа ылланна.
Күрэҕи СӨкултууратын үтүөлээх үлэһитэ, «Кыраһа» норуодунай ансаамбыл салайааччыта Аграфена Глушак, СӨ култууратын туйгуна, М.А.Слепцова аатынан Абыйдааҕы сынньалаҥ киин дириэктэрэ Светлана Слепцова, сыана бэтэрээнэ, «За вклад развитие культуры Абыйского улуса» бэлиэ хаһаайката Раиса Стручкова дьүүллээтилэр.
Куонкурус түмүгүнэн анал ааттар ааттаннылар: «Золотой голос» — Ариан Томскай(Абый), «Хрустальный голос» — Дария Алексеева(Үрүҥ Хайа), «Голос» — Алдаан Свешников(Кэбэргэнэ), «Бриллиантовый голос» — Дмитрий Корякин (Үрүҥ Хайа). Күрэх муҥутуур кыайыылааҕа Аида Антонова 10 тыһыынчалаах сертификатынан наҕараадаланна. Мичил Кириллин бырайыак авторыттан Надежда Черемкина анал бирииһин 10 тыһыынчаны уу харчынан тутта. Күрэх бары кыттааччылара өйдөбүнньүк бэлэхтэринэн наҕараадаланнылар.
Ырыаһыт уолаттар Алдаан Свешников, Мичил Кириллин, Дмитрий Корякин, Павел Семенов тута хомуллан ансаамбылынан «Ыллаа, ыллаа кэрэ куолас» тыыннаах доҕуһуолунан эҕэрдэ нүөмэрдэрэ көрөөччүлэри астыннарда.
Бырайыак автора — СР культуратын туйгуна Надежда Черемкина.