Хоту дойду уһук нэһилиэгэр идэлээх быраастар кэлэллэрэ мэлдьи кэтэһиилээх уонна үөрүүлээх сонун буолар. Эмчиттэр кэллэллэр эрэ, дьон-сэргэ, уһун уочараты аахсыбакка, ким туох кыһалҕалааҕынан көрдөрүнэ сатыыр.
Быйыл, балаҕан ыйын 25-27 күннэригэр мобильнай биригээдэлэр регионнааҕы кииннэрин быраастара Муҥурдаах нэһилиэгэр кэлэн көрөн-истэн, нэһилиэнньэ үөрүүтэ улахан. Кэлбит хас биирдии киһиэхэ дириҥ билиилээхтэрин, эйэҕэс сыһыаннаахтарын көрдөрдүлэр.
Мантан салгыы маҥан халааттаах аанньаллары кытта сэһэргэһиибиттэн сырдатыым.
Ол курдук, Сыаҥааннаахха барыта 11 испийэлиис, ол иһигэр 9 быраас, 2 орто медперсонал кэллэ. Барыта 112 киһи көрдөрдө, онтон 40-чата оҕо. Мантан салгыы биирдиилээн быраас тугу кэпсээбитин ааҕыҥ.
УЗД специалиһа А.А .Петров: «Уопсай балаһыанньаны этэр буоллахха, УЗИ-га көрдөрбүт дьон бары кэриэтэ доруобайдар. Аҕа саастаах дьон сүһүөхтэрэ ыалдьар диэн бэлиэтии көрдүм, хас биирдии кырдьаҕас артрозтаах. Дьахталлар үксүн гинеколог ыйыытынан көрдөрүннүлэр. Атын нэһилиэктэргэ холоотоххо, элбэх эр киһи көрдөрдө. Мөлтөх туруктаах суох. Аны сотору оҕо быраастарын кытта кэлсиэҕим».
Кардиолог Г.Д. Руссц: «Сүрэҕи ЭКГ, УЗИ аппарааттарынан көрдүбүт. Улахан ыарыһах суох. Үксүлэрэ гипертониялаахтар».
Терапевт С.В. Обутова: «Хаан баттааһынынан учуокка турар 22 киһиттэн 4 эрэ киһи көрдөрбөтө. Олортон иккитэ бултуу барбыт. Саахардаах киһи аҕыйаҕа үөрдэр».
Пульмонолог В.Н. Ыланова: «Хомойуох иһин, хобуллаах 5 киһини буллубут. Эмтэммэттэр эбит. Ыарыы биричиинэтэ – табахтааһын».
Оторинголог В.А. Рожина: «Хроническай тонзиллиттаахтар бааллар. Субкомпенсированнай формата, ол аата миндалиналары ыраастаатахха, үтүөрүөхтэрин сөп. Улууска анал исписийэлииһи ыҥыран үлэлэтиэххэ сөп. Тонзиллор диэн дьоҕус аппарататы ылан, эмтиэххэ сөп. Биир хроническай отиттаах ыарыһах баар, операцияланыан сөп. Көрдөрөр дьон үгүстэрэ мөлтөхтүк истэр буоллубут дииллэр. Уонтан тахса киһини фарингит, ларингит диагноһынан учуокка ыллыбыт. Дьокуускайга медицинэ киинигэр көрдөрүнэллэригэр сүбэлээтибит.
Биһиги кииммитигэр лорсурдолог диэн саҥа исписийэлииһи ылаары сылдьаллар. Онон аныгыскы сырыыга кэлсэрэ буолуо. Ол истибэт дьону көрүө-истиэ. Кулгааҕар истэр аппарааттаах биир кырдьаҕас баар эбит. Кини аппараата эргэрбит, онон социальнай харалта тэрилтэтигэр докумуон толорон, саҥаны ылыахтарын наада».
Гинеколог А.Н. Загаруля: «Миэхэ 40-ча дьахтар көрдөрүннэ. Ыарахан туруктаах ыарыһах суох. Биир кырдьаҕаһы учуокка ыллыбыт. Онкологиялаахтар суохтар. Тымныйыылаахтар бааллар».
Офтальмолог Т.С. Сташкова: «Эпэрээссийэҕэ наадыйар катаракталаах ыарыһахтар бааллар. Хас да глаукомалаах киһини буллубут, киин сиргэ көрдөрүнэллэригэр сүбэлээтибит. Оттон уруккуттан учуокка турар ыарыһахтар кэтээн көрүүгэ сылдьаллар. Дьиҥэ, улуус балыыһата Дьокуускайтан анал биригээдэни ыҥыран, хараҕы оройуоҥҥа эпэрээссийэлииллэрин курдук кэпсэтэллэрэ ордук. Тоҕо диэтэххэ, ыарыһахтар үгүстэрэ кырдьаҕастар, ыраах айаны тулуйбаттар».
Ону таһынан олохтоох балыыһа медиктэрэ ыарыһахтары үчүгэйдик көрөллөр эбит диэн хайҕаатылар. Нэһилиэнньэни эминэн толору хааччыйыахтарын наадатын ыйдылар. Бу үлэлииллэригэр балыыһа үлэһиттэрэ көмөлөспүттэригэр, олус үчүгэйдик көрсүбүттэригэр, минньигэстик аһаппыттарыгар ис сүрэхтэн махтаннылар.
Кэлбит медиктэр үгүстэрэ эдэр дьон. Онон биир киэһэ спортзалга волейбол оонньоотулар. Саҥа өрөмүөннэммит спортзалбытын наһаа үчүгэй диэн хайҕаатылар. Интернет суоҕа куһаҕан эбит, ол гынан баран, хата, төлөпүөнтэн сынньанныбыт диэн күлсэллэр.
Дьэ, ити курдук маҥан халааттаах аанньалларбыт үөрэ-көтө санааларын үллэһиннилэр. Арктика олохтоохторугар быраастар биригээдэлэрэ кэлэн үлэлээн бараллара улахан махталлаах дьыала. Онон бу хамсааһын инникитин да үлэлии турарыгар баҕарабыт.
Анджела Рязанская.
Хаартыскаҕа: Быраастар олохтоохтору кытта волейбол оонньоотулар