Ураһалаах сынньалаҥ киинин тэрийиитинэн сэлиэнньэ олохтоохторо Бүтүн Россиятааҕы «Мы вместе!» патриотическай акцияҕа кыттыстылар. «БАРЫ БИИРГЭ» акция быстах байыаннай дьайыыга уолаттарбыт санааларын бөҕөргөтөр сылдьар, эрэллэрин үрдэтэр сыаллаах ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ былырыын быстах хомуурга хабыллан барбыт, билигин уоппускаҕа кэлэ сылдьар Ураһалаах орто оскуолатын учуутала, дойдутун патриота, күүтүүлээх күндү байыаспыт Гаврил Л. кыттыбыта ордук долгутуулаах буолла.
Бу киэһэ ураты тыллар уонна музыкальнай эҕэрдэлэр иллээх олохпутун көмүскүү быстах байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар – чуолаан Гаврилга ананнылар. Олохтоохтор ааттарыттан ис санааттан тахсар махтал тыллары уонна ийэлэр, эбээлэр илиилэрин сылааһын иҥэрэн тикпит анал таҥас комплегын, туттар тэрили олохтоох дьаһалта баһылыга Майя Нориковна Шкулева туттарда.
Сынньалаҥ киин иһинэн үлэлиир түмсүүлэр уонна биирдииллэн ырыаһыттар кэрэ үҥкүүлэри, истиҥ ырыалары, көрдөөх-нардаах сыанкалары бэлэхтээтилэр. Нэһилиэк тэрилтэлэрэ толорбут Олег Газманов «Вперед, Россия!» ырыаларыгар улахан кылаас оҕолоро кыттыстылар.
Сэтинньи ый саҕаланыыта сынньалаҥ киинэ Ураһалаах нэһилиэгин тэрилтэлэрин «Мы вместе!» Россиятааҕы акцияҕа ыҥыран видеоклип уһулбута.
Ону таһынан педагог-наставник Мария Новикова салайар «Уран иис» куруһуогун дьарыктанааччыларын үлэлэрин көрдөрдүлэр. Мария «Нарыйа» ансаамбыл үҥкүүһүтэ, «Күбэйэ» ансаамбыл ырыаһыта. Тустаах үлэтин таһынан умсугуйан туран ииһинэн дьарыктанар, төрөппүттэргэ куруһуок ыытар.
Бэрт кыра да кыым саҕа үтүө санаа хайаатар да суус төгүл үтүөнү үөскэтэр диэн өйүнэн-санаанан акция салалынна.
Долгутуулаах киэһэни Ураһалаах орто оскуолатын эдэр учууталлара Кирилл Семенников уонна Тамара Оконешникова иилээн-саҕалаан ыыттылар.
Түгэнинэн туһанан олохтоох култуура дьиэтин үлэһиттэрин, нэһилиэнньэ аатыттан махталбытын тириэрдиэхпитин баҕарабыт. Быйыл Ураһалаах сынньалаҥ киинин киэҥ-куоҥ саалата саҥардыллан, истиэнэлэрэ көннөрүллэн, үрдэ анал матырыйаалынан сабыллан, өрөмүөннэннэ. Бу үлэни урбаанньыт Алена Хростовская дьоҕус биригээдэтэ оҥордо. Нэһилиэк бары үлэтигэр куруук күүс-көмө, өйөбүл буолар Алена Сергеевнаҕа муҥура суох махтанабыт.
Бараммат баьыыба тылларын аныыбыт:
— дьон тоҕуоруһа мустар, нэһилиэнньэни түмэр үлэ күөстүү оргуйар өрөмүөннэммит саалабыт ситэн киэркэйэригэр күнүстэри-түүннэри түбүгүрбүт күндү дьоммутугар, иистэнэр массыынаттан арахпакка түбүгүрбүт Мария Ивановна Бережноваҕа уонна Екатерина Егоровна Гороховаҕа;
— уоту-күөһү чөлүгэр түһэрэн, декорация конструкциятын барытын оҥорон көмөлөспүт биир идэлээхпитигэр, өрөспүүбүлүкэҕэ тарбахха баттанар сыана уотун-күөһун хааччыйар специалистка, Белай Гора социальнай-культурнай киинин солбуллубат үлэһитигэр Александр Гаврильевич Константиновка;
— ыччаттар ааттарыттан күүс-көмө буолбут уолаттарбытыгар Никита Соломовка, Александр Степановка, Александр Стручковка, Сергей Дмитриевка уонна Константин Слепцовка быстах үлэлэргэ көмөлөспүттэригэр.
Баҕарабыт сүрэхтэрин сылааһын утары ууммут кыһамньылаах дьоммутугар сайаҕас санааҕыт, соргулаах сүбэҕит иһин. Дьон-сэргэ ытыктабыла эһигини мэлдьи арыаллаатын, күүскүтүгэр күүс эптин.
Баҕа санааҕыт барыта барҕара туруохтун, санаабыт сырдыга эһиэхэ тиийиэхтин!
Ураһалаах култууратын киинин дириэктэрэ Мария Садовникова,
уус-уран салайааччы Галина Белоус.