Сутуруохаҕа икки ыал саҥа дьиэ күлүүһүн туттулар

Сэтинньи 7 күнүгэр Ураһалаах нэһилиэгэр «2019-2025 сылларга хаарбах туруктаах дьиэттэн дьону көһөрүү» федеральнай бырагырааманан Дьокуускай куоракка, Александр Захарченко уулусса 5 нүөмэрдээх дьиэтигэр икки ыалга күлүүс туттардылар.

Үөрүүлээх быһыыга-майгыга тустаах бырагыраамаҕа хапсар икки ыалга нэһилиэк баһылыга Майя Шкулева кыбартыыра күлүүһүн туттарда.

Иннокентий Николаевич, Елена Терентьевна Семеновтар, Евдокия Ивановна Слепцова толору хааччыллыылаах, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир, саҥа таас дьиэлэрин видеонан көрөн олус үөрдүлэр, сүргэлэрэ көтөҕүлүннэ.

Саҥа кыбартыыра олохтоохторо үөрүүлэрин үллэстэн бэйэлэрин эҕэрдэлэрин, баҕа санааларын тириэртилэр.

Иннокентий Семенов: Бүгүн Дьокуускай куоракка икки хостоох
квартирам күлүүһүн ыламмын үөрэн, долгуйан турабын. Саҥам да тахсыа
суох курдук, ол эрэн эттэхпинэ табыллар. 94 сааспар дьоллоох кэмҥэ түбэстим, мантан ордук үөрүү баар буолуо дуо?

— Евдокия Слепцова: Бүгүн саҥа дьиэ күлүүһүн тутан үөрэн, долгуйан турабын. Бу программаҕа хапсан дьиэлэнэрбитигэр күүс-көмө буолбут, үлэни ыыппыт дьоммутугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Этэҥҥэ буолуҥ, дьон туһугар сүүрэр-көтөр чахчы туруу үлэһиттэргэ инникитин да ситиһиилэри баҕарабын.

Александра ЗАРОВНЯЕВА.