Степан Новиков кэриэһигэр ырыа күрэһэ

Муҥурдаах нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, айылҕаттан талааннаах музыкант, мелодист, ырыа куттаах Степан Иннокентевич Новиков сырдык кэриэһигэр «Ырыа – олох аргыһа» аһаҕас күрэс иккис төгүлүн ыытылынна.

Степан Новиков олоҕун түгэннэрин кылгастык ахтан аһарыахха. 1966 с. кулун тутар 14 күнүгэр Сыаҥааннаахха Силипсиэптэртэн ситимнээх, Тэкэллэй олоҥхоһуттан сыдьааннаах, элбэх оҕолоох Новиковтар дьиэ кэргэӊӊэ сэттис оҕонон күн сирин көрбүтэ.

1984 с. Муҥурдаах орто оскуолатын үөрэнэн бүтэрбитэ. Ол кэннэ  сопхуоска оробуочайдаабыта. 1984-1986 сс. Монголияҕа сулууспалаабыта. Онтон дойдутугар төннөн, сопхуоска салгыы үлэлээбитэ.

1987 с. Муҥурдаах кулуубугар уус-уран салайааччынан үлэлээбитэ. Ол кэннэ быстах кэмҥэ сопхуоска уонна атыы-эргиэн тэрилтэтигэр үлэлии сылдьыбыта.

1994 с. Левина Татьяна Михайловналыын сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан, алаһа дьиэ тэринэн, ыал буолбуттара. Кинилэр икки уоллаахтар.

Степан, аҕатын туйаҕын хатаран, булчут, сааһыт бэрдэ этэ. Онон уолаттарын батыһыннара сылдьан, булка-алка үөрэппитэ.

1995 с. кулуупка аккомпониаторынан үлэлии киирбитэ. 2000-2004 сс., 2010-2014 сс. Кулуупка дириэктэрдээбитэ. Ол үлэлии сылдьан 2006 с. Дьокуускайдааҕы култуура колледжын кэтэхтэн үөрэнэн бүтэрбитэ.

2014 сылтан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри звукооператорынан үлэлээбитэ.

Ырыа араас күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттара. Олортон биирдэстэрэ Мирнэйгэ «Туой Хайа» ырыа күрэҕэр баран, дипломант аатын ылбыта.

«Уйаандьы уолаттара» эр дьон ансаамбылын хормейстера, салайааччыта этэ. Оскуола оҕолорун, улахан дьону ырыа эйгэтигэр уһуйбута.

Айылҕаттан айдарыылаах артыыс, сыанкаларга, испэктээкиллэргэ табыллан оонньуура.

Култуура эйгэтигэр үтүө суобастаах үлэтин иһин 2010 с. Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна бэлиэнэн наҕараадаламмыта.

Степан Новиков музыкант, мелодист, култуура эйгэтигэр үүнэн-үрдээн тахсыытын хоһоон тыла доҕуһуоллаах тэттик уус-уран туруоруунан саҕалаатыбыт. Оҕо эрдэҕинээҕитин Саян Нератов оонньоото, эдэр сааһын – Юлиан Слепцов, орто сааһын – Юрий Новиков. Степан саҥатын Владимир Дохунаев аахта. Бу туруорууга ырыа туһунан санаалар, Степан олоҕун түгэннэриттэн кэрчиктэри киллэрдибит, ааптар суох буолбутун да кэннэ кини айбыт ырыаларыгар тыыннаах диэн көрдөрөргө дьулустубут.

Бу күрэскэ Степан Иннокентьевич сырдык аатыгар, айар үлэтигэр сүгүрүйэн, 21 ырыаһыт күөн-көрсөн, кыахтарын холоннулар.

Күрэс икки түһүмэҕинэн барда. Бастакы түһүмэххэ Степан ырыалара ылланнылар. Дьоҥҥо биллэринэн, кини 11 хоһооҥҥо мелодия айбыта билигин баар. Дьиҥэ, өссө да баара эбитэ буолуо, ону уһуллан хаалбыта, чугас дьонун өйүгэр хаалбыта оччо. Инньэ гынан, сорох ырыа хаста да ылланна. Ол курдук, конкурсаннар “Кэтэһии”, Бырастыы” ырыатын элбэхтэ ыллаатылар. Оттон “Индигирдии ойуулуу”, “Сүрэхпит кистэлэ буолуоҕа”, “Абый – ийэ сир дойдубут” биирдиитэ ылланнылар. “Саргылаана” диэн ырыатын сиэн инитэ Юрий Новиков көрөөччүлэргэ ыллаан иһитиннэрдэ.

Иккис түһүмэххэ кыттааччылар көҥүл ырыаны толордулар. Манна бары сүрэхтэрэ сөбүлүүрүнэн, куоластарыгар, ис туруктарыгар барсар ырыалары талбыттар. Ол курдук, бытаан да, тэтимнээх да, 90-с сыллардааҕы, аныгы да, нууччалыы да, эбээннии тыллардаах да  ырыалары  ыллаан, бииртэн биир үчүгэй нүөмэри көрдөрөн, көрөөччүлэр астыннылар.

Бу күрэскэ Степан Иннокентьевичтыын алтыспыт, бииргэ үлэлээбит олохтоох ааптар, “Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайката, Абый оройуонун “Хобо” литературнай түмсүүтүн чилиэнэ, олохтоох ааптар Галина Стручкова кытынна. Кини икки хоһоонун Степан ырыа гынан көтүппүтүн билэбит. Биирдэстэрин, “Абый – ийэ сир дойдубут” ырыаны, 2011 с. улуус иһинэн өрөгөй ырыатын суруйууга куонкурус  биллэриллибитигэр иккиэн айбыттара уонна улахан биһирэбили ылбыттара. Бу ырыаны “Кыраһа” ансаамбыл ураты иэйиилээхтик толороро.

Оттон “Кубалар” диэн ырыа хайдах айыллыбытын Галина Стручкова икки сыллааҕыта “Угуйар уйан тойугум” кинигэтин сүрэхтэниитигэр кэпсээн турардаах. Ол курдук, биирдэ ырыа куонкурсугар кыттаары сырыттаҕына, эмискэ иэйиитэ уһуктан, тыллар кутуллан киирбиттэрин кумааҕыга суруйан, Степаҥҥа илдьэн көрдөрбүт. Онуоха киһитэ аахпыт, тахсан табахтаан киирбит уонна аҕыйах мүнүүтэ иһигэр мелодиятын айан кэбиспит. Ити курдук сорох ырыа түргэнник айыллар буолар эбит. Галина бу түһүмэххэ “Кубалары” ыллаан иһитиннэрбитэ күндү буолла.

Онтон иккис түһүмэххэ Степан сөбүлүүр, элбэхтэ ыллаабыт, ону таһынан Галиналыын бииргэ дуэттаабыт ырыаларын “Мин дойдум” ырыаны бэлэх уунан, доҕорун сырдык аатын кэриэстиирин биллэрдэ. Хаарыаннаах киһи олохтон барбытыгар, бииргэ алтыспыт дьоно суохтууллара биллэр. Ол хас биирдии киһи тылыгар-өһүгэр биллэн ааһар. Оттон Галина айар куттаах киһи буолан, курус, хомолто, аһыйар санаатын хоһоон хомоҕой тылыгар оҕуруолуу тиспитэ:

Кулууп дьиэҕэ киирэн кэллим

Быстах кэмҥэ бу бүгүн,

Куруук бииргэ эҥэрдэспит

Үөлээннээхпин суохтааммын.

 

Кими эрэ сүтүктүүрдүү

Хостон хоһу кэрийдим.

Кини суоҕа чахчы биллэр,

Иччитэххэ кэлбиппин.

 

Санаам түһэн, харыс хаалан,

Тахсан оргууй үөһэ тыынным.

Сэмээр аҕай хааман иһэн,

Анаан хоһоон айабын.

 

Сырдык ыраас ыраларыҥ

Миигин кытта сылдьыахтара.

Сылаас, истиҥ сыһыаннарыҥ

Өйдөбүнньүк буолуохтара.

 

Умнуллубат кэрэ мичээр,

Көмүс куолас, истиҥ иэйии…

Ыллыахтара ырыаларгын

Ыраах-чугас доҕотторуҥ.

 

Туоххаһыйар түгэннэрбэр

Сылаас тыаллыын сүүрэлиэҕиҥ,

Туймаарыйар ол кэмнэрбэр

Сулус буолан сыдьаайыаҕыҥ.

Күрэс түмүгүнэн Майыар нэһилиэгин “Эдек” этно-култуурунай киин методиһа Сергей Слепцов «Кылаан чыпчаал» аатын ылан, кыайыы өрөгөйүн биллэ, Степан Новиков дьиэ кэргэнэ туруорбут улахан тэлэбиисэрин тутта. Бастакы үрдэли — Мичил Кириллин (Үрүҥ Хайа, бииргэ төрөөбүттэртэн бириис — гитара), иккис үрдэли — Дмитрий Слепцов (Майыар, кылааһынньыктарыттан — смартфон), үһүс үрдэли – Дария Алексеева (Үрүҥ Хайа, Варвара Левина дьиэ кэргэниттэн – микроволновка), бастакы үктэли – Туйаара Новикова (Абый, Степан сиэн инилэриттэн – кыра тэлэбиисэр), иккис үктэли – Павел Семенов (Үрүҥ Хайа, Клара, Мария Ильиничналар оҕолоруттан — пылесос), үһүс үктэли уонна “Көрөөччү биһирэбилэ” анал ааты Юлиан Слепцов (Муҥурдаах, Александра Стручкова дьиэ кэргэниттэн люстра, Анна Слепцова оҕолоруттан – гамак, А.А.Дохунаева аатынан Төрүт култуура киинин бириэмийэтин) тутан үөрдүлэр-көттүлэр.

Ону таһынан анал ааттар ананнылар: Үрүҥ Хайа кыттааччыларыгар “Утум удьуор ырыаһыт” – Дария Андросова, “Алыптаах куолас” – Августина Стручкова, “Ырыалаах таҥаһы дьүөрэлээччи” — Мария Слепцова, “Тапталы туойааччы” — Любовь Андросова, Абыйдарга “Сыана дьиҥнээх маастара” – Раиса Стручкова, “Ырыа-хоһоон аргыстаах” — Надежда Черемкина, Ураһалаахтан кэлбит соҕотох кыттааччыга “Кэскиллээх ырыаһыт” — Карина Слепцова, Майыардарга “Ылбаҕай ырыаһыт” — Евдокия Черемкина,

Дьокуускайтан кэлэ сылдьар Степан Стручковка — “Саамай ыраахтан кэлбит биир дойдулааҕа”, Муҥурдаахтарга “Истиҥ иэйии” – Василий Ребров, “Кэрэхсэбиллээх куолас” – Елена Титова, “Саҥа аат” – Валерия Стручкова, “Кылыһахтаах куолас” — Татьяна Иванова, “Ырыа-тойук аргыстаах” — Галина Стручкова.

Онон хас биирдии кыттааччы бириискэ тиксэн үөрүү-көтүү үктэллэнэн барда.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Николай Аммосов, М.А.Слепцова аатынан Абыйдааҕы култуура уонна сынньалаҥ киинин звукооператора, музыка учуутала үөрэхтээх Владимир Слепцов, Кэбэргэнэттэн “Нечэ” ансаамбыл салайааччыта, музыка учуутала Альбина Соломова үлэлээтилэр.

Быйыл бу тэрээһин буоларыгар анаан, Төрүт култуура киинин сүбэтинэн, кылгас кэм иһигэр убайа Петр Новиков ырыанньык хомуурунньугун, аҕыйах ахтыылаах брошюра оҥорон таһаарда. Ырыалары нуотаҕа Аграфена Глушак түһэрдэ. Николай Аммосов Юрий Новиковтыын ырыа музыкатын саҥаттан записьтаан, саҥардан, тупсаран биэрдилэр. Онно олоҕуран, ырыалары устан, диискэ хомуурунньугун таһаардылар. Инньэ гынан, Степан ырыаларын үйэтитиигэ, тарҕатыыга бастакы хардыы оҥоһулунна. Инникитин ити матырыйаалы өссө тупсаран, сыыһаны-халтыны көннөрөн, хаачыстыбалаах гына Дьокуускайга таһаардахтарына, өссө үчүгэй буолуо этэ. Степан Иннокентьевиһы норуот наһаа истиҥник саныыр-ахтар, онон бииргэ алтыспыт, билэр дьонуттан ахтыы хомуйан, 60 сылыгар баай ис хоһоонноох кинигэ таһааралларыгар баҕарабын.

А.А.Дохунаева аатынан Төрүт култуура киинин аатыттан бу күрэскэ кыттыбыт ырыаһыттарбытыгар, тэрээһиҥҥэ кыттыбыт, бириистэри олохтообут аймахтарыгар, дьонугар-сэргэтигэр бука барыларыгар истиҥ махталбытын тиэрдэбит.

Степан Иннокентьевич сырдык ыраас дууһата, эйэҕэс, көрсүө майгыта, истиӊ-иһирэх ырыалара  сырдык өйдөбүл буолан, дьон сүрэҕэр өрүү тыыннаах. “Тыыннаахпын хас биирдии ырыабар, иһиллиэм хас биирдии дорҕооммор” дииллэринии, Степан Новиков ырыалара үйэлэри уҥуордаан, ыллана турдуннар.

Анджела Рязанская, Сыаҥааннаах.