Ураһалаахтана төрүттээх, Белай Гораҕа олорбут, үлэ, тыыл бэтэрээнэ, 5 оҕо тапталлаах ийэтэ Ефимова Матрена Пантелеймоновна (1931-2021) Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаланарыгар оҕо этэ. Ийэтэ – Ефимова Анна Николаевна. Ииппит аҕата – Климовскай Алексей Захарович. Матрена – 6 оҕолоох ыал улахан оҕото этэ. Кини Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕанааҕы кэм туһунан суруйан хаалларбыт ахтыытын таһаарабыт.
Ефимова Матрена Пантелеймоновна ахтыыта
1941 сыллаахха буолбут Аҕа дойду Улуу сэриитэ саҕаламмыт сылыгар, мин 10 саастаах этим. Ураһалаах начальнай оскуолатыгар үөрэнэрим.
Сэрии буолбутун туһунан, ким, хаһан, ханна биллэрбиттэрин өйдөөбөппүн. Үөрэх сыла бүтэн, оҕолор тарҕаспыт бириэмэлэрэ этэ. От үлэтэ саҕаланарыгар, ыччат биригээдэтэ диэни тэрийбиттэрэ. Биһиги, кыралар, онно киирбиппит. Арыыйда улахан хас да кыыс баара: Черемкина Елена, Стручкова Нюта… Учууталбыт Феодосия Гаврильевна Матвеева көрөн-истэн сырытыннарбыта.
Ааҕар балаҕаҥҥа үлэлиир Наташа диэн Абыйтан сылдьар кыыс биригээдэҕэ үлэҕэ анаммыта. Оройуонтан командировкаҕа сылдьар Слепцов Алексей Гаврильевич бэрээдэктээн, дьаһайсан сырытыннарбыта. Биригэдьиирбит Дружинаҕа үөрэнэр Ефимов Константин Николаевич буолбута. Уолбут диэн оттонор күөлү оттуурбутугар туттарбыттара. Дьиэҕэ барбакка, сиргэ хонон сылдьарбыт. Сороҕор хонтуора үлэһиттэрэ от охсон көмөлөһөллөрө. Кэнники оттуу сырыттахпытына, сороҕор дьиэбитигэр ыыталлара. Оччоҕо киэһэ омурҕан кэнниттэн дьиэбит диэки сүүрэргэ бэлэм буолаары, сүгэһэрбитин кэтэн сылдьарбыт.
Күөлбүт сиэнигэр талах тууну туруоран, күстэх, кыра балык түбэстэҕинэ, өйүөҕэ эбии буолара. Биригэдьиирбит бэйэтэ астыыр. Аны самыыры баҕарбаппыт, оппутун хомуйохпутун наада диэн билинэбит. Урут самыырга дьиэбитигэр ыыппатахтарына, үөрүүнэн сүүрэр этибит, таарыччы отон сиэн, дэлби илийэн, дьиэбитигэр тиийэрбит. Сотору күөлбүтүн оттоон бүтэрэн туттардыбыт. Төһө баарбытын улахан дьон биригээдэлэригэр сыһыардылар.
Биригээдэҕэ сырыттахпына, Ураһалаах Алыыта диэн оттуур сиргэ улахан тыал түспүтэ. Оту мустарбат, ол иһин биһигини дьиэбитигэр көҥүллээн ыыппыттара. Онуоха биһигини көрөннөр, хонтуораҕа ыҥыран, күрээн сылдьаҕыт диэн мөҕөн: “Үлэҕитигэр барыҥ”, — диэн төттөрү ыыталлар. Онно доҕорум, Ефимова Нюта, бүтэһик оттообут сайына эбит. Ол кыһын ситэри үөрэммэккэ тыҥатынан ыалдьан өлбүтэ…
Биирдэ бугул тиэрэ сылдьан, омурҕаннаары оҥостубуппут, испиискэбит суох эбит. Онон биригээдэҕэ чох ыла бардыбыт. Чох аҕалан, дьэ, чэйбитин өрдүбүт.
Биир түбэлтэни өйдүүбүн, биригээдэҕэ мин соҕотох оҕо хаалбыт эбиппин. Биригэдьиирбит Костя эмиэ онно баар эбит. Дьоннорум миигин ыҥыран, сорудах биэрдилэр: “Оҕо атаҕа — ыт атаҕа” дииллэр. Онон эн дьиэҕэр баран кэл. Биһиги чэйбит, табахпыт бүттэ, өйүө да наада”, — диэннэр дьиэбэр ыыттылар. Бөһүөлэккэ кэлэн, наадалаах дьоҥҥо сылдьан, өйүө хомуйан, төттөрү барарга тэринним. Киэһэрдэ. Бу сайын ийэм үүт аһын астааччынан үлэлии сылдьара. Ийэм сүбэлиир: “Киэһэ ыамҥа ынахтар кэлэн эрэллэрэ буолуо. Ынах киһиэхэ эмиэ доҕор буолааччы. Атаҕын анныттан үгүрүө саҥаран баран көтөн тахсыа, оннооҕор эһэккэни куттуур үһү. Ону эн соһуйума, куттаннаххына, сүүрбэт буол, мунан хаалыаҥ”, — диир. Баҕарбатар даҕаны, оннук сүбэлээн ыытта. Дьэ, туох да буолбакка, дьоммор тиийэн кэллим. Орто Күөл диэн сиргэ эбии оттууллар этэ. Сотору оскуолабыт арыллан, мин үһүс кылаас үөрэнээччитэ буолуохтаахпын. Ити курдук бастакы сайыммыт бүттэҕэ.
1942 сыллаахха биһиги бары дьиэнэн бииргэ оттуур буоллубут. Ийэбит 3 ыйдаах оҕолоох. Оҕолорун биһиккэ сүгэ сылдьаллар, күнүс балааккаҕа биһигэр утуйар этэ. Биригээдэҕэ эбии икки дьахтар баар. Сайын устата Ураһалаах Алыыта диэн сиргэ оттуубут. Күһүөрү дьиэбитигэр барарбытыгар ийэм ырбаахытын эҥээрэ тыаһыырын өйдүүбүн. Инчэҕэй таҥас тоҥор буолбут этэ. Дьиэҕэ баар оҕолору эбэбит көрөр-истэр, оҕолуур. Эбэбит сүүсчэ саастаах. Ити курдук иккис сайыммыт ааста.
1943 сыллаахха ийэбит сэттэ көстөөх сиргэ, фермаҕа үүт аһын астааччынан ыыттылар. Онно барыбыт бардыбыт. Эбэккэни Сутуруоха күөлүгэр ыалга хаалларан бардахтара. Алексей Захарович ыраах учаастакка оттуу барбыт буолуохтаах. Ол иһин миигин Бережнов Спиридон биригээдэтигэр биэрдилэр. Кинилэр бары дьиэнэн Дьарҕаалаах Алыыта диэн сиргэ оттообуттара. Миигин көрөн-истэн үчүгэйдик сырытыннарбыттара. Биригэдьиирбит Спиридон күнү быһа саҥата суох сылдьааччы. Ол курдук сайыммыт үчүгэйдик ааспыта.
Саас саһаан кэрдиитэ диэн баар буолааччы. Уу мэһэйдээбэт сиригэр саһаан туруоран, саас субуотунньуктаан бэлэмнииллэр. Онно оскуола оҕолоро эмиэ от үлэтэ саҕаланыар диэри үлэлииллэрэ.
Ийэбин 1943 сыллаахха масчытынан анаабыттара. Бэйэтэ тыаҕа тахсан, кэрдэн, тиэйэн киллэриэхтээх. Отторун тиэйиэхтээх. Улахан сыарҕа түҥнэстэр диэн икки оҕустаах, сыарҕалаах сылдьааччы.
Сарсыарда эрдэ туран маһыгар тахсар, кэллэҕинэ буһарарыгар дьиэҕэ тиэстэ туруоран барар. Мастан төннөрүгэр ийэбитин күүтэбит, сыарҕатыгар туох эрэ маҥан баар буоллаҕына, ийэбит хабдьы бултаабыт диэн үөрэбит. Ийэбит хаһан сынньанара биллибэт. Үлэтиттэн киирдэҕинэ, чэй иһэ олорон, утуктаан, чэйин тоҕон кэбиһээччи. Оһоххо көхсүн ититэрин эбэбит сөбүлээбэт этэ: “Итинник ититэр куһаҕан”, — диирэ.
Ийэбит сэттэ-аҕыс киһи таҥнар таҥаһын барытын илиитинэн тигэн таҥыннарара. Тайах тириитин имитэн, кыһын булка, үлэҕэ кэтэргэ итии уктастаах этэрбэһи тигэр. Тыс курдук хаарга элэйбэт диэн сөбүлүүллэр.
Сылгы тириититтэн сарыыта диэн арааран ылан, имитэ-имитэ оҥорон, мааны сарыы этэрбэс буолар. Кыһынын кэтиллибэт, тымныы буолар.
Ынах тириитин имитэн оҥорон, уу өппөт, сайынын окко кэтэргэ үчүгэй этэрбэһи оҥорор. Оттон сарыы тириититтэн таҥас арааһа оҥоһуллар, үтүлүк, бэрчээккэ, сайыҥҥы этэрбэс буолар. Итини барытын ийэм бэйэтэ оҥорорун өйдүүбүн. Онтон сэрии саҕана американскай ханнык эрэ куулу кырааскалаан былааччыйа тиктибит, тыаҕа сылдьарыгар (оччотооҕу дьахталлар эр киһилии таҥныбыттар этэ). Биир дьахтар кыһыл суорҕан баарын үллэстэн туһаммыттар үһү. Сайын каникулга кэлбиппэр, эбэм миэхэ этэр: “Көр, аны ийэҥ куулунан ырбаахы тиктэр”, — диэн сөбүлээбэтин кэпсиир.
Начальнай кылааска үөрэх дьылын бүтэрдэхпитинэ, биһигини Дружинаҕа ыыталлар. Сороҕор атынан, сороҕор сатыы, хас да хонугунан тиийэбит. Онон аны дьоммутун кыһын устата сайыҥҥа диэри көрсүбэппит. Дьоммут эмиэ кыра да буоллар, биһиги көмөбүтүн суохтууллар. Муус таһааччы, уу баһааччы буолан, көмө баар буолааччы. Сороҕор, бириэмэ көһүннэҕинэ, ийэбин кытта ынахпытын көлүнэн, чугас сискэ маска тахсабыт. Тоҕо эрэ Таатта Сиһэ диэн ааттанара. Онно сискэ сыарҕа халыйан, ынах атаҕын оһоллонуо диэн миигин сыарҕа тутааччынан илдьэр эбит. Онтон ынахпытын хотоҥҥо киллэрэн, сынньатан баран, киэһээҥҥи ыамҥа тахсыахтаахпыт. Онно мин сырдыгы тутааччынан тахсабын.
Начальнай оскуолаҕа үөрэнэр аймахпыт кыыс биһиэхэ олорор. Ол кыыстыын муус таһар, уу баһар биһиги үлэбит буолара. Кыһын муус эрэ уутун иһэбит, сайынын хас да күөлү супту сүүрэн ааһар сиэн баар, ууну онтон эрэ баһабыт. Ханан эрэ Индигииргэ көрсүһэр буолуохтаахтар. Алексей Гаврильевич, тыыга олорон, биһиэхэтиийэн кэлээччи. Атын көлөҕө наадыйбат курдук этэ.
Ийэбит сэрии бүппүтүн да кэннэ фермаҕа үлэтин тохтоппотоҕо. Холкуостары бөдөҥсүтэр көһөрүүгэ диэри үлэлээбитэ. 1951 сыллаахха Ожогиҥҥа кэлэн, кэнники Сутуруохаҕа кэлэн, сайын эмиэ окко сылдьыбыта. Арыы Тумулга баран үлэлээн кэлбитэ.
Кини туһунан Стручков Михаил Иванович суруйар: «Ефимова Анна Николевна сэрии сылларыгар фермаҕа үлэлээбитэ. Монньу-таҕа, улахан уҥуохтаах, кыайыгас буолан, эр дьону кытта тэҥҥэ ыарахан үлэҕэ сылдьыбыта. Улахан саҥа фермаҕа хас да оҕус көлөнөн от тиэйэрин көрөр этим.
Анна Николаевнаны дьон бары ытыктыыллара, убаастыыллара. Алта оҕо тапталлаах ийэтэ этэ. 1912-1961 с. диэри олорбута».
1947с. Дружина орто оскуолатыгар 9-10 кылаастар сабылланнар, мин ситэри үөрэммэккэ, холкуоска хаалан, 1948 сылтан кассир кладовщигынан үлэлээбитим. Сайын үлэм таһынан, окко сылдьарым.
Ефимова Матрена Пантелеймоновна тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ.