Сайыны үчүгэйин үлүмнэһэ

Кылгас сайын быйаҥнаах күннэрин баттаһа, Муҥурдаах нэһилиэгин дьоно-сэргэтэ, үлүмнэһэн туран, окко сылдьаллар. Маннык хаарыаннаах кэмҥэ баһылыктара Олег Корякин, ходуһаҕа окко бараары ыксыы да сырыттар, солото суоҕун аахсыбакка, хаһыат корреспонденын кытта кылгастык да буоллар, кэпсэтэн ааспыта, кини олох-дьаһах тымырын билэрин, хаһаайыстыба барыта туруктаах буоларыгар сыратын-сылбатын уурарын көрдөрөр.

Олег Петрович билиҥҥи кэм биир саамай ыарахан боппуруоһуттан саҕалаата. Ол ойуур баһаарын утары сэрэтэр үлэ. Кини кэпсииринэн, эрдэттэн, сэрэххэ хааччыллан, быйыл сайын Сыаҥааннаах бөһүөлэгин уот туруутуттан харыстыыр сыаллаах минерализованнай балаһаны саҥардыбыттар. Эмиэ итинник хабааннаах үлэ Буур Хаайбыкка ыытыллан, күүстээх мелиоративнай үлэни оҥорбуттар. Онон кэнэҕэскитин бу сир уруккулуу өлгөм оту биэрэригэр саарбахтаммат. Бу сайын хаһаайыстыбалар билиҥҥитэ, от ыйын 31 күнүнээҕи туругунан, 299 тонна оту оттообуттар. Чааһынайдар да, тэриллиилээх хаһаайыстыбалар да көхтөөхтүк үлэлииллэрэ бэлиэтэннэ.

Нэһилиэккэ сайыҥҥы-күһүҥҥү өрөмүөн үлэтин туһунан ыйытыыга Олег Петрович, дьонугар эрэллээҕин этэн туран, нэһилиэк тэрилтэлэрэ сылын аайы буоларын курдук, дьиэлэрин-уоттарын, түннүктэрин-ааннарын өрөмүөннэнэн, кырааскалаан бүтэн эрэллэрин эттэ. Холобур, оҕо уһуйаанын былыргы кыараҕас түннүктэрин  билиҥҥи саҥалыы түннүктэринэн уларыттылар диэн мичээрдиир. Кыстыгы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ хайдах курдук хаачыстыбалаах үлэлэриттэн тутулуктааҕын бары билэбит. Сыаҥааннаахха теплотрассаны өрөмүөннээһиҥҥэ балачча көхтөөх үлэ ыытылларын, нэһилиэнньэ коммунальщиктарга эрэнэрин, дьиэлэргэ итии мэлдьи баар буоларыгар итэҕэйэллэрин эттэ.

Үлэҕэ-хамнаска биир саҥа сүүрээн быһыытынан волонтерскай этэрээт үлэтин саҕалаабытын кэпсээтэ. Төһө да маҥнай утаа аҕыйах састааптаах буоллар, этэрээт мемориалы тупсарыыга, сибэкки арааһын олордууга, олору көрүүгэ-харайыыга, нэһилиэк уулуссаларын ыраастааһыҥҥа үлэлээн эһиилгигэ олук уурбутун бэлиэтээтэ. Эһиил өссө ситэрэн-хоторон, бу хамсааһын арыый далааһыннаах буолуо диир кини уонна хаһыат нөҥүө волонтердарга, салайааччыларыгар Маргарита Михайловна Левинаҕа махтанарын тириэртэ. Ыраас, чэгиэн олох сүнньүнэн кэпсэтиигэ баһылык олохтоохтортон волонтер оҕолорго найылаабакка, бэйэлэрин түөлбэлэринэн ыраас олоҕу тутуһалларыгар, уулуссаларга мээнэ ыһа-тоҕо сылдьыбаттарыгар көрдөстө. Онон, Муҥурдаах нэһилиэгэ, ньир-бааччы үлэлээн-хамсаан, олох долгунун кытта бииргэ сылдьарын истэн, астынныбыт. Олег Петрович ылсыбыт тэтимин ыһыктыбакка, нэһилиэгин социальнай-экономическай таһыма үрдүк кэдиискэ тахсарыгар үлэтэ табылыннын диэн туран түмүктүүбүт.

 

Николай ПЕТРОВ.