От үлэтэ саҕаланна

Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар. Ол курдук хаһаайыстыбалар, биирдиилээн ыаллар окко киирэн эрэллэр.

Улуус быйылгы сылга окко былаана — 1 764 туонна, ол иһигэр кэтэх хаһаайыстыбалар (ЛПХ) — 764 тн, бааһынай хаһаайыстыбалар (КФХ, ИП) — 964 тн., подсобнай хаһаайыстыбалар (агрооскуолалар)  36 тн. оттуохтаахтар.  Бу 170 тн. былырыыҥҥытааҕы былаантан элбэх. Нэһилиэктэринэн: Абый – 635 т., Оттоох Атах учаастага – 400 т., Майыар – 181 т., Муҥурдаах – 292 т., Уолбут – 256 т.

Абый нэһилиэгэр урбаанньыт Анатолий Стручков ходуһаҕа бу ый 2 күнүттэн киирбит. Кураан күннэри баттаһа номнуо  350 тн. оту бэлэмнээбит. Оттоох Атахха Иван Слепцов эмиэ оттоон саҕалаабыт. Майыарга биирдииллээн отчуттар тахсан эрэллэр. Манна ходуһалар уулаах туралларын бэлиэтииллэр (ардах уута).

Тыа хаһаайыстыбатын управлениетын специалиһа Марина Слепцова иһитиннэрбитинэн, окко маассабайдык киирии от ыйын 20 күнүн кэннэ буолуо. Улуус үрдүнэн от үүнүүтэ орто.

Сусанна Никитина