Абый улууһа сүөһү аһылыгар 1764 тонна оту бэлэмниир соруктаах-былааннаах.
Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салаата биллэрэринэн улууска 1258 тонна дороххой аһылык бэлэмнэннэ, ол аата сезоннааҕы былаан 71, 32 бырыһыан туолан иһэр. Бу республика орто көрдөрүүтүттэн улахан диэн бэлиэтиэххэ наада.
Нэһилиэктэринэн аттаран көрөр эбит буоллахха:
Абый нэһилиэгэр 681 га сир охсуллан, 597 тонна от кэбиһиллэн турар. Былаан туолара бэрт кыра хаалла, билигин 94,02 бырыһыан. Отчуттар бу күннэргэ күрүө-хаһаа тутуутугар үлэлэһэллэр.
Дьооску учаастагар 245 га сир охсулунна, 235 тонна от бэлэмнэннэ. Былаан аҥарыттан эрэ ордук толоруллан турар — 58,75 бырыһыан.
Муҥурдаах нэһилиэгэ былаанын аһара толорон, улууска бастакы күөҥҥэ сылдьар. Манна атырдьах ыйын саҕаланыыта 135, 5 га сир охсуллан 299 тонна от кэбиһилиннэ. Онон сезоннааҕы былаан 102, 40 бырыһыан туолла!
Майыар нэһилиэгэ 71,5 га сири оҕустаран 98 тонна оттоох, онон былаан 54,14 бырыһыан эрэ. Хаалбыт кэмҥэ тэтим күүһүрэрэр ирдэнэр.
Уолбут нэһилиэгэр 46 га сир охсулунна, 29 тонна от бэлэмнэннэ диэн тыа хаһаайыстыбатын салаатын субуоккатыгар ыйыллар. Бу бу кэмҥэ саамай мөлтөх көрдөрүү — былаан баара-суоҕа 11,33 бырыһыан туолан иһэр.
Улуус үрдүнэн ходуһаларга 231 киһи үлэлиир. От үлэтигэр 54 тыраахтар, 85 звено (ол иһигэр 15 механизированнай, 32 механизированнай аҥардаах, 9 көлө-илии уонна 29 илии звенолара) кытталлар.
Былырыыҥҥы сыл атырдьах ыйын 1 күнүн кытта тэҥнээн көрдөххө, быйыл сайын бу кэмҥэ былааны толоруу 541,5 тоннанан куоһарыы баар.
Тыа хаһаайыстыбатын кылаабынай специалиһа М.А. СЛЕПЦОВА.