Оскуолаҕа — үтүөнү түстүүр ытык мас

Техническэй наука доктора А.Е.Слепцов аатынан Абый орто оскуолата  бу дьыл ахсынньы ыйыгар  110 сааһын бэлиэтиир.

Үөрэнээччилэр, учууталлар оскуолабыт үбүлүөйүн көрсө «110 үтүө дьыала» хамсааһыҥҥа кыттабыт. Бастатан туран, үлэ, уруһуй учуутала С. Слепцов «Үтүөнү түстүүр ытык мас» (Древо добрых дел) диэн анаан мас оҥорбута. Бу мас хас биирдии сэбирдэҕэ — үтүө дьыала. Маспыт хайыы-үйэ үтүө дьыала сэбирдэҕинэн туолан эрэр.

Бу үлэни быһаччы дьаһайар оскуола педагог-организатора Владимир Дохунаев кэпсиир: «Аҕа дойду сэриитин кыттыылаахтара, тыыл ветераннара» диэн стеланы кырааскалааһын, ветеран иитээччилэргэ, учууталларга хаар ыраастааһына, сайыҥҥы лааҕыр кэмигэр оҕуруокка көмө, эмтээх отону хомуйуу, агрооскуола ыанньыксытын солбуйуу  о.д.а  элбэх үтүө дьыаланы үөрэнээччилэр оҥордулар. Бу дьыалаҕа үөрэнээччилэр эрэ буолбакка, учууталлар, иитээччилэр  эмиэ кыттыстылар.  Ол курдук, бу саас дьааһыла-саад иитээччилэрэ ветеран үлэһиттэригэр муус  таһаарбыттара,  учууталлар биир күн күргүөмүнэн отон сыыстаан,  50 кг отону оскуола остолобуойугар туттарбыттара. Кыһыҥҥы дьиэ сибэккитин естественнэй-математическай цикл учууталлара (сал. И.П. Томская) бэлэхтээтилэр.

Үтүө дьыалаҕа ордук үөрүүлээҕэ төрөппүттэр  көмөлөрө буолар. Ол курдук,  К.Г.Никулин, Е.В.Черемкин, Н.В.Черемкин. «Мы — дети земли Олонхо» диэн улуустааҕы күрэххэ оскуола оҕолорун буор-босхо тиэйбиттэрэ.   Анал байыаннай дьайыыга (СВО) биһиги оскуолабыт  хас да выпускнига кытталлар. Уолаттарбытыгар «Кыыс Куо» куруһуок иитиллээччилэрэ (сал. Д.Г.Булдакова)  сири-уоту аһаталларыгар анал мал бэлэмнээн ыыппыттара. Туһалаах маллар — үүт, чэй, тымтык мас, сылгы сиэлэ кыра мөһөөччүккэ угуллан, улуус байыаннай комиссариатыгар туттарыллыбыта.  Маннык үтүө дьыалалар өссө да салҕана тураллар».

 Т. Сухомясова, 80 саастаах  ытык кырдьаҕас: «Мин «Харыйачаан» дьааһыла-саадка 31 сыл үлэлээбитим. Үлэлиир сылларбын ахта саныыбын, иллээх-эйэлээх, бары бииргэ түмсэн, биир киһи курдук үчүгэй коллектив этибит.  Билигин даҕаны эдэр коллектив ветераннары умнубат (Сэб. Е.Е.Черемкина

). Хас бырааһынньык ахсын эҕэрдэлииллэр, бэлэх оҥороллор, тэрээһиннэргэ ыҥыраллар.  Кыайбат, кыаллыбат үлэбитигэр кэлэн күүс-көмө, өйөбүл буолаллар. Быйыл муус аҕалан үөрдүбүттэрэ. Үлэлээбит коллективпар өрүүтүн махтал буоллун, үлэлэригэр ситиһиини, дьоллоох олоҕу баҕарабын».

А. Черемкина, 6 кылаас салайааччыта: «Оскуолабытыгар үтүө дьыала хамсааһын баарын кылааһым төрөппүттэрэ билэллэр. Быйыл бэйэлэрэ этии киллэрэн, «Күһүҥҥү бокс» диэн ааттаан дойдубут аһын соҕотоҕун олорор Н.И. Индееваҕка бэлэхтээтилэр. Оҕуруот аһын арааһа, отон, балык, кус бэлэхтээх тиийэн, биир дойдулаахпытын, ытык кырдьаҕаһы  күндүлээтибит. Наталья Степановна үөрдэ, долгуйда. «Биир дойдулаахтарым, оскуола үөрэнээччилэрэ миигин хаһан да умнубаттар, куруук  көмөлөһөллөр, дьиэм тас үлэтин улахан кылаас уолаттара күһүн ахсын өрө тардан бараллар. Үтүө дьыалаҕыт сүүс төгүл үтүөнэн эргийиэҕэ», — диэн ис сүрэҕиттэн махтанна. Оттон үөрүүнү бэлэхтээбит алтыс кылаастар уонна кинилэр төрөппүттэрэ үтүө дьыаланы оҥорон дьоллоннулар, тэҥҥэ үөрдүлэр.

Абый орто оскуолатын коллектива бу курдук тигинэччи үлэлээн, саҥа үөрэх дьылын саҕалаата. Бары учууталларга, үөрэнээччилэргэ баҕа санаа бастыҥын, түбүктээх үлэҕитигэр, үөрэххитигэр ситиһиилэри баҕарабыт!

Анна Чиркова, Абый.