Анна Михайловна Федорова «Дьүкээбил» диэн бааһынай-фермерскэй хаһаайыстыбалаах Уолбут нэһилиэгин биир биллэр киһитэ.
Биһиги кэпсэтиибит муус устар 3 күнүгэр буолан ааспыта. Онон кыра уларыйыы баар буолуон сөп. Оччолорго хотоҥҥо уон ынахтааҕа, олортон үһэ ыанара, биир ньирэй төрөөн үөрүү саҕыллыбыт кэмэ этэ… Маны таһынан алта сылгылаах эбит. Балары кэргэнинээн Юрий Никаноровичтыын көрөллөр, Мэҥэ Хаҥаластан төрүттээх Юрий Попову кытта кыттыһан сылдьалларын, оттуулларын сөбүлүү иһиттим. Элбэх буолан үлэлиир хаһан да кыайыылаах буолар баҕайы.
—Сылгылар билигин дьиэ таһыгар далга тураллар. Боруодалара диэххэ дуу, соҕуруу оройуоннардыы буолан, бырдаҕы тулуйбаттар, сатаан хаары хаһан аһаабаттар, — диир Анна Михайловна. — Ити сылгылар Тааттаттан, дьаһалтабыт төлөөн, босхо кэлбиттэрэ, ону сэргэ скороспелка кэллэҕинэ, сакаастаан, биир сибиинньэни ылааччыбын. Үүт аһын Сутуруохаҕа уонна Белай Гораҕа чааһынай дьоҥҥо атыылыыбыт. Киэҥ Күөлгэ сип-сибиэһэй сүөгэй киилэтэ 1200 солкуобайга, үүт лиитэрэтэ 200 солкуобайга хамаҕатын барар.
Кэпсэтиибит аргыый аҕай сыыйыллан, нэһилиэк дьаһалтата тыа хаһаайыстыбатыгар көмөтүгэр иэҕиллэр.
— Биһиэхэ, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорооччуларга көмө элбэх диэн, кими да киһиргэппэккэ, этиэм этэ. Мин хаһаайыстыбабар МТЗ-82 тракторы, косилканы, от харбатары, погрузчигы ыларбар субсидия биэрэн абыраатылар. Хортуоска олордор сири анаабыттара, хортуоппуйу хаһар массыынаны, дьоҥҥо куораттан бэлэм теплицалары аҕалан биэрэллэр, эти эрбэтэр станок кэлбитэ — туох да отхуоту таһаарбат абыраллаах тэрил.
Кырдьык да оннук. Баһылык Эдуард Валентинович ааспыт сылга сэттэ ИП баарын, кинилэр үлэлэрин-хамнастарын туһунан кэпсииригэр, тыа хаһаайыстыбатыгар көмө олохтоох бюджеттан 1 мөлүйүөн 418 тыһыынча 500 солкуобайдаах оҥоһуллубутун бигэргэппитэ.
Дьэ, ити курдук. Анна Михайловна, төһө да үлэтэ түбүктээх, сылаалаах буоллар, бүтэрбитэ-оһорбута эрэ баар. Киһин өссө спортзалга хомуйааччынан, библиотекаҕа хаһаайыстыбаны тэрийиигэ үлэлээтэр даҕаны, син быыс-арыт булан, «Дьиэрэй» диэн бэтэрээннэр үҥкүүлэрин ансаамбылыгар кыттар (саамай эдэрдэрэ), дьиэҕэ олорорун тэһийбэт, урут оскуолаҕа теннистиирин курдук билигин да оонньуур, скандинвскай хаамыынан дьарыктанар. Былырыын 10 тыһыынча солкуобай бириэмийэлээх «Человек труда, человек дела» диэн Үлэ сылыгар анаммыт улуустааҕы конкурска «Идэтигэр бастыҥ» диэн номинацияҕа бастаабыта. Ол иннинэ үс сыл субуруччу нэһилиэгэр сыл түмүгүнэн «Тыа хаһаайыстыбатын бастыҥ үлэһитэ» ааты ылбыта. Итинтэн көстөрүнэн, Анна Михайловна дэгиттэр, бааттаах үлэһит диэхпин баҕарабын.
Ааспыт кэмнэри аҕыннахха, «өлгөм үүнүүлээх ходуһалары, таһынан бараары дьалкыйар уулаах, араас балыктаах күөллэри санааммын, уйадыйан ылабын» диир. Билигин ол дойдулар өртөөһүн суох буолан талаҕынан былдьанан-сабыллан, туһаларыттан тахсан тураллар диэн хараастар. Ону сэбиэскэй кэм кэнниттэн мелиоративнай үлэлэр сыыһа ыытылланнар, күөллэр уулара төттөрү сүүрүгүрэн түһэн хаалбыттарынан, халыҥ муоҕунан бүрүллүбүттэринэн быһаарар, сиэннэр куурдулар-хаттылар, — диэн Уолбут олохтоохторун уопсай хомолтолорун биллэрдэ. Бүтүүбүтүгэр олохтоох аһы нэһилиэнньэҕэ батарарга, улуус киинигэр анал маҕаһыын баара буоллар диэн баҕа санаатын эттэ.
Николай ПЕТРОВ.