«Оҕобунан киэн туттабын», — диир ийэ

Саха Республикатыгар Ийэлэр күннэрин 1993 сылтан бэлиэтиибит. Бу үтүө күн мин эдьиий тэ4э саныыр дьүөгэм Бережнова Мария Владимировна туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Мария киэҥ сиринэн тайаан сытар Саха сирин соҕуруунну улууһуттан биирдэстэригэр – Өлүөхүмэ улууһугар Абаҕа нэһилиэгэр 1970 сыллаахха от ыйын 16 күнүгэр Зинаида Степановна, Владимир Ильич Корниловтар дьиэ кэргэнигэр бэһис оҕонон күн сирин көрбүтэ.

Абыйтан төрүттээх Бережнов Егору хараҕынан хайҕаан, сүрэҕинэн сөбүлээн, сис ыал Николай, Евдокия Бережновтарга кийиит буолан кэлбитэ номнуо 33 сыл буолла.

 

 Мария — кэнчээри ыччаты иитээччи, үтүөнү-кэрэни саҕааччы

Мария Владимировна Абыйдааҕы «Харыйачаан» детсадка 199ҕ сылтан маннай иитээччи көмөлөһөөччүтүнэн, билигин иитээччинэн таһаарыылаахтык  үлэлии сылдьар .

Бииргэ үлэлиир коллегалара ахталларынан, Мария Владимировна   кырачааннарга ийэлии сымнаҕас сыһыаннаах, үлэтигэр куруук үөрэ-көтө кэлэр иитээччи быһыытынан биллэр. Кини ыытар дьарыктара туох эрэ сонун, оҕолору интириэhиргэтэр «аптаах» буолар.  Хас биирдии оҕо уратытын учуотуур, личность быhыытынан сайдарыгар сѳптѳѳх сыhыаны олохтуур. Оҕо болҕомтолоох буоларын ситиhэр, моториката сайдарыгар күүскэ үлэлэhэр. Кыра эрдэхтэриттэн бэйэлэрин көрүнэр, суунар-тараанар үөрэҕи иҥэрэр. Мария Владимировна улуус, республика иhинэн ыытыллар конкурстарга кыттар, бэйэтин билиитин хаҥаттар. Ханнык да уопсай үлэттэн туора турбат, общественнай олох актыыбынай кыттыылааҕа. Элбэх тѳрѳппүт махталын ылар, «Харыйачаан» оҕо саадын колективын биир убаастанар иитээччитэ.

 

Мария- сатабыллаах хаһаайка

Мария илиитигэр олус талааннаах. «Саха сатаабата суох» диэн бэргэн этии киниэхэ ананар курдук. Уруhуйдуур, иистэнэр, асчыт бэрдэ. Маны таһынан Мария-дизайнер. Кини кумааҕыттан кырыйан уустук оҥоһуулаах, сиэдэрэй оһуордара юбилейга, араас бырааһынньыктарга мааны киэргэл буолаллар. Дьиэ иһин олус тупсаҕай гына оҥорор талааннаах. Бэйэтэ уруһуйдаабыт, пластилинынан оҥорбут хартыыналара — дьиэтигэр биир кэрэ муннук. Кэргэнин Егору кытта тэҥҥэ уһанар, дьиэ малын, мебели оҥорсор. Сайын тэлгэһэтэ сибэккинэн туолар, оҕуруот аһын арааһын хото олордор.

 

Мария-истиҥ ийэ, эйэҕэс эбээ.

Мария икки уол иһирэх ийэтэ. Уолаттар кыра эрдэхтэриттэн окко-маска, куска-хааска, үлэҕэ-хамнаска аҕаларын кытта тэҥҥэ сылдьан, хара үлэҕэ эриллэн-мускуллан улааппыттара.  Дьиэ үлэтигэр ийэлэригэр олус көмөлөөх, дьоҥҥо истин сыһыаннаах, культуралаах уолаттар. Ийэлэрин таҥара курдук көрөн, истин доҕордуулар, бэйэ-бэйэлэригэр олус сымнаҕас майгылаахтар. «Оҕолорбун-уолаттарбын ийэм Зинаида Степановна биһигини хайдах ииппитэ да, оннук иитэ сатыыбын. Эдьиий, убай, бэйэҕиттэн улахан дьоҥҥо убаастабыл, культура, тулуур, дьулуур, күүстээх санаа — бу барыта ийэм иҥэрбит иитиитэ буолар. Ийэ үөрэҕэ — үйэ тухары барар үөрэх», — диэн санаатын үллэстэр.  Билигин улахан уола Николай Удачнайга  вахтаҕа улэлиир. Кэргэннээх, 2 кыыс  амарах аҕата.

 

Ийэ уонна эйэ

Мариялаах Егор кыра уоллара билигин анал байыаннай дьыалаҕа кытта сылдьар. Бу туһунан Марияттан дьоҥҥо-сэргэҕэ анаан кылгастык кэпсииригэр көрдөстүм: «Уолбут былырыын  баччаҕа Дьокуускай куораттан повестка тутан барбыта.  Билигин «СВО 83 отдельная гвардейская десантно-штурмовая бригада» диэҥҥэ сылдьар. Позывнойа -Сокол. Сулууспалыы сылдьар оҕолордоох ийэлэр, онтон-мантан истиһэн, сибээстэһэн, туспа кэпсэтэр ватсап, телеграмм бөлөхтөөхпүт. Бөлөххө баар ийэлэр бэйэ-бэйэбитин өйдөһөн, өйөһөн бары биир ыал курдук буоллубут. Биир эмэ ийэ санната түстэҕинэ, табыллымаары  гыннаҕына, бары кини тула буолабыт, сүбэ-ама бэрсэбит.  Аныгы үйэ буолан, уолум сибээскэ таҕыстар эрэ куруук билсэ олорор. Санаарҕааман, кыайыахпыт, барыта үчүгэй  диэн санаабытын көтөҕөр, уоскутар.  Таспар да таһаарбатарбын,  бастаан ийэ киһи долгуйбутум, куттаммытым.  Билигин уоскуйан, оҕобутугар эрэллээхпит. Кыра эрдэҕиттэн бэйэтин кыанар, тулуурдаах. Улууска биллэр спортсмен.  Уолаттарбыт иккиэн ытык иэстэрин толорон аармыйаҕа  сулууспалаабыттара. Кыра эрдэхтэриттэн дьиэ кэргэн, оскуола, дойду, уопсай дьыала  туһугар бэриниилээх, толоругас гына ииппиппит. Үөрэнэр кэмнэригэр араас спорт көрүнэр иккиэн оскуола, улуус аатын элбэхтэ көмүскээбиттэрэ. Иккиэн оскуола иһинэн тэриллибит «Хоһуун» байыаннай-патриотическай кулууп чилиэннэрэ, командирдара этилэр. Бу барыта түмүллэн, өйдөрүгэр-санааларыгар кытаанахтык иҥмит  буолан, билигин оҕом анал байыаннай дьыалаҕа кытта сылдьарыттан  киэн туттабын. Үөрүүлээх сонуммутунан, от ыйын 29 күнүгэр дойду бэрэсидьиэнэ В. Путин ыйааҕынан, уолум сылдьар «СВО 83 ОГДШБ» биригээдэ байыастарыгар  Суворов, Жуков уордьанын туттардылар.  

Анал байыаннай дьыалаҕа кытта сылдьар оҕолорбутугар Абый нэһилиэгин олохтоохторо, дьаһалта (Томскай Т.А)  олус көмөлөһөр, өйүүр. Кинилэргэ төрөппүттэр ааттарыттан барҕа  махталбытын тиэрдэбит. Бу күн сиригэр барыгытыгар эйэлээх, иллээх олоҕу баҕарабыт. Оттон байыаннай дьайыыга кытта сылдьар ийэлэргэ оҕолоргутугар эрэнин диэхпин баҕарабын. Саамай хомойорум  диэн, оҕобун  уоппускаҕа ыыппатылар».

Бу уустук, мунаах кэмнэ хас биирдии улааппыт уол оҕолоох төрөппүттэр утуйар уулара уйгуурбута, аймаммыта өйдөнөр. Байыаннай дьайыыга барбыт оҕолордоох ийэлэр барахсаттар туруктарын көрүөхтээҕэр, сэрэйбит ордук. Билигин ыарахан кэмҥэ бары сомоҕолоһуулаах буоларбыт хайаан да наада. Дойдуларын туһугар байыаннай анал дьайыыга инники кирбиигэ сылдьар оҕолордоох ийэлэргэ сүгүрүйэбин. Сүгүрүйэбит эһиэхэ-күн күбэй ийэлэргэ. Эйэ уонна дьол тосхойдуннар эһиги сылдьар сиргитигэр!

 

Анна Чиркова, Абый.