Биир саас бииргэ үлэлээбит, ити кэмҥэ атын нэһилиэккэ сайылыы тахсыбыт Бурхалей диэн ааттаах табаарыспар андылыы барар буоллум. Сирин-уотун үчүгэйдик билбэппин. Атаһым ааттаах-суоллаах Ньалыым диэн тоҕус хас тоҕойдоох күөлгэ андаатар көһөрө барбыт сурахтаах. «Онно кэллин» диэн миэхэ илдьиттээбит.
Дьонуттан ыйыталаһан, хаарта уруһуйдатан, күнүскү чэй кэнниттэн айаҥҥа туруннум. Бастаан тыраахтар суолун устун хонуунан бэрт чэпчэкитик дэгэйэн элэҥнэтэн истим. Онтон ойуур саҕатыгар тиийиибэр суолум омооно дириҥээн ууланан барда. Эбиитигэр тыа быыһынан хаамар ыараатар ыараан истэ, күн биллэрдик арҕаалаата. Үрүксээкпэр сүгэн иһэр аҕыс бухаанка килиэбим, кэнсиэрбэлэрим, ботуруоннарым, түүрэ эриллибит таба тириитэ тэлгэҕим, таҥаһым-сабым, кэһии бытыылкаларым, үс уостаах саам, батарантааһым санныбын быһа түһэн кэбистилэр. Көлөһүн-балаһын аллыыта манна буолла, тамаҕым хатта. Хата чаас аҥарынан тыам эмискэ баҕайы бµүэн хаалла, күөл кытыыта көһүннэ. Мин тохтоон тыын ыла түһэн баран, титириктэринэн хаххалатан бытааннык аллараа ууга түстүм. Хомустаах эбит, ол быыһыттан биэс кунньалгы тилигирээн көтөн тахсыбыттарын ытаммын иккини сууллардым. Күөл кытыытыгар тохтоон, сынньана таарыйа аһыырга быһаарынным да, котелок диэни умнан кэбиспиппин. Биир куһу начаас үлүгэр ньылбы анньан үргээн, иһин-үөһүн хостоон баран, үтэн сиэтим, тимир куруускалаахпар уу оргутан истим. Үссэммит, сынньаммыт киһи быһыытынан салгыы айаннаатым. Ойууру кыйа барар эрэйдээх, халтараана да бэрт, сылбах, хойуу талах мэһэйдиирэ, төҥкөйө-төҥкөйө көнүү таһаҕастаах киһиэхэ сыанан аҕаабат. Хараҕым күөлтэн арахсыбат. Күөл мууһа көҕөрө сытар, онон-манан маҥан харахтардаах, кытыыта ырбыыламмыт, онно көрдөххө, уута хап-хара, онно уһун-синньигэс имигэс оттор дагдаһаллар. Уруһуйбун көрбүтүм — мууһунан барар буоллахха ыппыт охтуу быһалыыһыбын. Оттон күөлү эргийэ хаамтахха, аҕыс тоҕойу эргийэн, таарыйан уонунан биэрэстэни ордук хаамыыһыбын. Хоту дойду күөллэрэ улаханнара, киэҥнэрэ диибин диэн — улуу дойдулар буоллахтара…
Ол саҕана акаары да эбиппин, ырбыы синньигэс сирин булан үрүксээкпин, бушлаппын мууска элиттим. Хата ураҕас ыламмын уум дириҥин быһаардым. Миигин моонньубунан буолсу. Аны сыганньахтаныы буолла. Таҥаспын, саппыкыбын барытын суулуу тутан, курунан баайан баран, эмиэ мууска кыыраттым. Бэйэм мутуктардаах ураҕаспын туппутунан ууга киирдим, өйдөнөр бокуойа суох моонньоох баспынан хара ууга «бар» гынным. Бастаан утаа тымныытыттан тыыным хаайтарыах курдук буолла эрээри, син тыын ыллым, аны малларым чугастара чугуйар санааны кыйдаан кэбистэ. Баара эрэ үс миэтэрэ кэтиттээх ырбыы этэ буоллаҕа. Айаҕым, муннум уу анныгар буолаары гынаннар, атаҕым төбөтүнэн дугунан мууспар чугаһаатым да, киһи хайдах да гынан тахсар кыаҕа суох эбит. Муус үөһэ кырыыта халтараана сүр. Ыксааһын буолла, булумахтанан-булумахтанан били ураҕаһым уһун мутугун алҕаска муус хараҕар батары биэрэммин, тардыһан, аҥар атахпын муус үрдүгэр бырахтым, таарыччы испин муус кылдьыытыгар хайа тардан кэбистим. Онтон ураҕаспын төттөрү ыламмын, уу түгэҕэр тоҥ сиргэ тирээн анньынным уонна, дьэ, таҕыстым ээ. Кэпсээтэххэ боростуойун иһин кэмигэр ыарахан этэ, хата лаппа кыанар буоламмын этэҥҥэ таҕыстаҕым буолуо. Таҥаспар сыыллан кэллим, кэннибиттэн кыһыл суол хаалбыт этэ.
Күнүскү күн сырылаччы тыгар, салгын сылаас. Сотторбунан соттубута буолаат, ыксал бөҕөнөн таҥынным. Мууһум кыычыгырыыр, тыынар курдук түллэҥниир эбит. Көр эрэ, онно эрэ өй киирдэ эбээт. Төһө да муус үрдүнэн быһалаатарбын, күөл анараа өттүгэр ырбыыта төһө киэҥэ биллибэт. Ону хайдах туоруур боппуруос буолсу. Аны мууһум чарааһа эмиэ куттаата. Онон төттөрү кытылга тахсарга быһаарынным, малбын, саабын аны кытылга тамнааччы буоллум. Төттөрү сыгынньахтанным. Онтон бэйэм хаһан баҕарар быалаах сылдьар үгэспинэн, ол быабын ураҕаспар баайан икки тиит икки ардыгар ииллэрэ быраҕан, эмиэ кэһэн киирэн быабынан тардыһан туораатым.
Манна хонноҕум дии. Кутаа оттон куруускабар чэй оргутунан, ордубут куспун үөлэн кимнээҕэр үчүгэйдик аһаатым, итинним. Кырдалга тахсаммын, куруҥтан охтубут титириктэри хомуйан кэккэлэччи уурталаатым, үрдүгэр имитиллибит таба тириитэ тэллэхпин тэлгээтим, курума саппыкыбын өрө тардынным, бушлаппын бүрүнэн утуйан турдум.
Ити курдук, булт абылаҥа киһини өйүн көтүтэр, араас быһылааннарга түбэһиннэрэр буоллаҕа.
Сарсыныгар эмиэ итии, куйаас күн үөскээтэ. Маарыын кэпсээбитим курдук үксүн ыркый быыһынан айаннаан, аара, ол да буоллар, биир эрдэҕэһи бултаан, табаарыспар кэтэһиилээх ыалдьыт буолан тиийдим ээ. Ол саас иккиэйэҕин анды, умсаах бөҕөнү сууґһрбыппыт, киһи астынар гына бултаабыппыт.
Николай АРЧИНСКАЙ.