Халлаан хайа барыахтыы итиинэн ыһыахтаммыта хаһыс да күнэ. Үрдүк күн, бэл, иитэ да көстүбэт буола туналыйар. Тыынар тыыннаах итииргээн тыына-быара хааттаран күлүк сири былдьаһа сатыыр. Ип-итии, киһи тыҥатын буһарар салгын эти-хааны хаарыйан хамсаныах да санаа кэлбэт.
Ол гынан баран, холкуос ото-маһа, сүөһүтэ-аһа көрүүтэ-истиитэ суох туруо дуо – сэниэ эһиннэр, күһэҥэ быһыннар да оттуохха, ынаҕы ыахха, оттугу бэлэмниэххэ наада. Сэрии кэмэ буолан эр дьон суохтарын кэриэтэ. Бу Хоптоҕоттон алта биэрэстэ тэйиччи сытар учаастакка урут отучча ыал олорбутуттан билигин сүүрбэччэ тэлгэһэттэн буруо унаарбат, көрдөөх-нардаах саҥа иһиллибэт буолбута иккис сыла. Хоргуйуу, ыалдьыы сатыылаабыта ыраатта.
Кулуһун курдук көнө уҥуохтаах Маайа кыыс быйыл уон сэттэтин туолан, учаастак сүрүн үлэһитэ буолан сылдьаахтыыр. Урукку кэм эбитэ буоллар, сылдьаахтыыр диэм суоҕа эбитэ буолуо. Ону баара ааспыт кыһын аҕата оҕонньор тыаттан мас тиэйэ сылдьан сүрэҕэ тохтоон өлөөхтөөбүтэ. Оттон ийэтэ барахсан уруккуттан араҥ буолан, кэргэнин кэнниттэн, санаа баттаан, сүргэтэ тостон, ыар олох содулуттан, харалдьыт тахсыыта хотонун таһыгар охтубутун ыала эмээхсин булан, бэрт нэһиилэ чычаас баҕайы иин хаһан, хатырыктаах хаптаһынынан бүрүйэн уҥуох туппуттара.
Хоптоҕо бу учаастагар аҕыйах субан борооску баарын үс кыыс көрөр-истэр, тарбахха баттанар ыанар ынахтарын күҥҥэ иккитэ ыыллар эрээри, сүөһүлэрэ дуона суох үүтү биэрэллэр. Ол тоҕото, төһө да кыһанналлар, биллэр. Кураан сайын аһыҥа буулаан ходуһалар, мэччирэҥ сирдэрэ кубарыччы хатан тураллар. Кыргыттар сайылыкка олорор аҕыйах оҕону кытта, куул тутан баран, ходуһа сирин биир гына сүүрэн муҥнаналлар. Ол аата эрдэ хаһыллыбыт оҥкучахтарга түһэрэ сатыыллар да, соччолоох туһаны оҥордубут диэн астымматтар.
Сайылыктан биэрэстэ кэриҥэ тэйиччи балачча кэҥэс көлүччэ баара, бу үлүгэр куйааска уолан балыга бараммыт, оннооҕор чохуну да утары ууммат буолбут. Сэрии иннинэ манна илим үтэн, сааһын куйуурдаан дьон иһэ син кэлэр этэ, ол билигин умнулунна, туор-муор олох кэллэ. Сэрии кэмэ буолан бэрээдэк кытаанах, сэрии сокуона дииллэр. Биир туорах бурдук, салаа от ханна да бычалыйыа суохтаах, оннооҕор күтэр хасааһын буллаххына, ону бырабылыанньаҕа аҕалан туттарыахтааххын.
***
Маайа аҕата туппут буор тэпсилгэннээх кыракый балаҕаныгар соҕотоҕун олороохтуур. Холбуллубут үүттэн, нуорма килиэбиттэн атын аһынан чычырбас буолан, улаатан иһэр кыыс улаханнык холунна, уҥуох тирии хаалла. Чугас уруулааҕа-аймахтааҕа да биллибэт, онон, таһыттан көмөлөһөр киһитэ мэлигир. Ийэ-аҕа тапталыгар угуттанан улааппыт кыыс, дьылҕатыгар оҕустаран, сүөм түһэн сылдьаахтыыр, дьонун өйдөөн кэллэҕинэ хараҕын уута кэлбитин бэйэтэ да билбэккэ хаалар. Икки сылынан аҕа убайдааҕа, иллэрээ сыл сэриигэ баран сүттэ. Биир да сурук киниттэн суох. Араас сабаҕалааһыннар эмиэ санаа ындыыта буоланнар, Маайа аччыктыырын таһынан, аны, убайын ахтара күүһүрэн, төбөтө биир кэм уобуруччунан ыга тардыллар курдук ыалдьар, чэчэгэйэ тиҥиргэччи тэбэрэ тохтообот. Кэлин сэниэтэ эстэн мэйиитэ эргийэрэ, оттон-мастан тутуһара элбээн барда.
Күнүһүн киһи сүрэҕин-быарын ыган, туруккун туймаардар салгын түүнүн арыый намырыыр, тыынарга чэпчээбит курдук буолар. Маайа тапчааныгар сытар көҥүс хомуһуттан өрүллүбүт сөрүөтүн үрдүгэр чап-чараас тэллэҕин тэлгэнэн, сиидэс бырастыынанан сабынан утуйа сатаан муҥнанна да уута кэлэн биэрбэтэ. Кураанах куртаҕа курулуйан ыалдьар, ону тэҥэ кулгааҕа чуҥкунуур, төбөтө хайа барыах курдук. Тугу да саныыр, ыралыыр кыаҕа суох буолан, окко-маска тырыта тыытыллан бааһырбыт атахтарын түөһүн диэки тардынан токуруччу туттан сытаахтаата…
Халлаан суһуктуйуута, тэлгэһэ таһыгар лаглайбыт тиит мас үөһээҥҥи лабаатыгар кэҕэ кэлэн түһэн, куккуутаан чоргуйда. Кыыс ону истэ сытан түүлүгүрэн дуу, түһээн дуу ийэтэ солуур тутуурдаах олбуор аанын аһа турарын көрөн, киниэхэ утары сүүрэн иһэн, аҕата ситэ бүтэрбэтэх тэлиэгэтин олгуобуйатыттан иҥнэн охтон түстэ. Уонна… ханна да барбытын өйдөөбөт.
— Маайыыс, уһугун эрэ! Бу туох буоллун! – диэн ыксаабыт куолас иһиллибитигэр, бэрт нэһиилэ уһуктан, хараҕын аһан көрбүтэ, биригэдьиир Силип оҕонньор турар эбит.
— Оо, оҕом барахсан, туох ааттаах титирээтиҥ, кубарыйан түһэҥҥин, олох ыалдьыбыккын дии. Турар кыахтааххын дуо? Бу мин дьоммун көрө сылдьан таарыйдым, — дии-дии Силип кыыс сүүһүн тутан көрдө. Онтон туран долбуурга тиийэн ону-маны хаһыспахтаан баран, уҥа диэки бурдук тардар суоруна тулатын чинчийдэ. Арааһа, туох эмэ ыстыыр баара буолуо диэн көрдөөтө быһыылаах. Үс атахтаах дьоҕус төгүрүк остуолга турар алтан чаанньыктан сойбут сулумах ууну чааскыга кутан аҕалан, Маайа хаппыт уоһун атытан иһэртэ. Маайа, дьэ, сэргэхсийдэ.
***
Ити күн кини нэһиилэ сүөдэҥнээн Хоптоҕо учаастагын сыҥаһа сыттана сытар Арҕаа бас халдьаайытыгар күрүө сиэрдийэтин хатырыктааһыҥҥа сырытта. Күнүскү аһылыктарыгар Балбаара эмээхсин ыҥыран, сөрүүн ымдааны кытта хаппыт лэппиэскэ тооромоһун сиэтилэр.
— Тукаам, эн тоҕо эрэ кэнники кэмҥэ сэниэтэ-оноото суох сылдьаахтыыгын эбээт. Дьоҥҥун аһыйаргын бүтэйдии сэрэйэбит, ол гынан баран, өлбүтү кытта барсыбыт суох. Хайдах эмэ бэйэҕин көрүнэн сылдьыаҥ этэ, — диэн Балбаара сөтөлө кэлэн былаатынан айаҕын сапта-сапта сүбэлээбитэ буолла.
— Ыарытыйабын быһыылаах, саатар мэйиим эргийэрэ тохтообот, — Маайа этэбин дуу, суох дуу диэн саараан, сири кымаахтыы олорбохтоон баран аргыый иһиллэр-иһиллибэттии ыган таһаарда.
— Улаатан эрэ оҕо аһын да суоҕуттан итинник буолуоҥ. Били биригэдьиир Силип оройуон киинигэр киирэр үһү Ханнык эрэ хаппыт үөрэх аһыллар, онно миэстэ көрдөһүөм диирэ. Баҕар, онно хапсыһан хаалан, саатар, аһаан абыраныаҥ этэ, — Балбаара, сөтөлүн быыһыгар кыыска кэпсии олордо. — Биһигиттэн үөрэх ылыах ити эһиги үс — Муоча, Таанньа уонна эн эрэ бааргыт. Оҕонньорбут туох диэн кэлээхтиир, айыы-айа, чэ көрөн иһиллиэ, — диэт умса эргийэн түөрт атах буолла, онтон кыыс илиититтэн тутуһан туран кэллэ. — Чэ, хотуйдаар! Баран үлэбитин үмүрүтүөҕүҥ! Биһиэхэ да сэрии буоллаҕа дии, кытаатыҥ, кытарчы көрүҥ!
***
Маайа кыргыттарын кытта хатыҥнаах чараҥ кырдалынан төннөн иһэннэр, күп-күөх, халлаан өҥүн курдук сибэккилэри хомуйан, эдэр эдэрдэрэ өтөн, дьиэрэҥкэйдээн ыллыллар, маҥан хатыҥнар сиккиэр тыалга үрдэрэн лачыгыраспыт кылабачыгас лабааларын анныгар, дьапталҕа буолбут сымнаҕас сэбирдэххэ олорон дьүөгэлэрин, дьоннорун туһунан кэпсэтистилэр.
— Дьэ, кыргыттаар, дьоммут баалларыгар үчүгэйдик да олорбут эбиппит. Мин аҕам баччаларга илимнээн собо бөҕөтүн хотороро, оттон кыһын бастакы хаар түһүүтэ, холкуос дохуотун аахсыытыгар, атаҕынан эт бөҕөнү, дьааһыгынан арыыны, тоҥмут үүтү аҕалар этэ. Биһиги сыарҕаттан ампаарга киллэрэн үөрэр-көтөр этибит, — уһун өрүнүүлээх баттаҕын субуйа тардан ыһа олорон Таанньа өрө тыынна.
Онуоха харда иһиллибэтэ, бары атыны саныырдыы тутталлара өтө көстөр. Кэпсэтии аанньа тахсымаары гынна быһыылаах, кыргыттар тугу эрэ өйдүүрдүү киирэн эрэр күн көмүс кылдьыытын одуулаан саҥата суох олордулар. Кэмниэ кэнэҕэс, тэбэнэттээх, наар күлэн мичилийэ сылдьар, ол гынан баран, сэрии саҕаланыаҕыттан боччумуран хаалан дьону сөхтөрбүт Муочуска кыыс чуумпурууну алдьатан:
— Аҕам уонна күтүөтүм оҥкучахпытыгар муус укпакка бардылар. Сайынын наар муус уутунан чэйдэнэр этибит. Быллардаах күөлүн уута хайдах эрэ былыык амтаннаах буолан эрэйдэнним, ийэлээх эдьиийим ол да иһин истэринэн ыарытыйаллар дуу сах. Оо, хаһан сэрии бүтэн, дьоммут кэлэннэр, маннык олох тохтуур! Кыргыттаар, эһиэхэ дьоҥҥут тугу суруйалларый? — диэн сурук, хаһыат кэлбэтэҕэ ырааппытын бэркэ билэ сырыттар да, си-дьүгээр олоруохтааҕар ыйыппыта буолла.
— Мин убайым Сэргэй сүрдээх үчүгэйдик уруһуйдуур этэ. Били холкуос кулуубар кини суруйбут былакааттара билигин да ыйанан тураллар ээ. Сэриигэ ыҥырыллыан иннинэ фроҥҥа барааччылары атаарарга суруйтарбыттара уонна Ленин, Сталин, Карл Маркс мэтириэттэрин оҥорбутун ыйаабыттара дии. Убайым Амма өрүс биир дэриэбинэтигэр олорор кыыһы сөбүлүүр эбит этэ. Биирдэ Эрилик Эристиин кинигэтин ааҕаары быыһыттан кинини уруһуйдаабыт лииһин булан көрбүтүм, — өр баҕайы күнү көрөн хараҕа сааппыт Маайа, симириктии-симириктии, эмиэ туох да сибээһэ суох атыны кэпсиир киһи буолла. Онтон син балачча уһуннук олорон сэһэргэстилэр, сыҥаахтара, дьэ, хоҥунна.
Ити курдук, соччолоох сүнньэ суох да буоллар, урукку ахтылҕаны таһаарар кэпсэтии эдэр кыргыттар аймаммыт санааларын сайҕаабыт курдуга. Хайдах эрэ тыыннара тахсыбыт, чэпчээбит курдук туттаннар, бэл, кубархай имнэрэ кытарымтыйан көстөр буолбута…
***
Хас да хонон баран, Маайа биир киэһэ былыык хостоһон хойутаан хаалан, борооскуларын борук-сорук буолуута аһатан, таарыччы көмүлүөгэр оттор абырҕалы хомуйан кэлэн баран, олус илистэн-сылайан, саппанньаҕа хаалларбыт суоратын да тыыппакка, үгэһинэн токуруллан сытта.
Ити хас да хонук иһигэр учаастакка биир тыһаҕас оборчоҕо батыллан тимирбитэ. Ол аймалҕана, куттала ааһа илигинэ, саамай хомолтолооҕо, Балбаара эмээхсин ол түүн сөтөлүн содулугар силигэр чачайан быстыбытын булбуттара. Онтон сарсыҥҥытыгар Бүөтүйэ оҕонньору ампаарын күлүгэр сытарын оҕолор от мунньа баран иһэннэр көрөн тыллаабыттара. Дьэҥкирэн өлбүт диэн кистии-саба саҥа ыал аайы тарҕаммыта. Сэниэлэрэ эстибит дьон, сайын эрэ буолан, син обургу иини хаһан, онно иккиэннэрин бииргэ уган уҥуох туппуттара, олорон ааспыт бэлиэлэрин — чараас хаптаһынтан оҥоһуллубут сулустаах синньигэс остуолбаны туруорбуттара.
Ол түгэнтэн ыла биригэдьиир Силип хас сарсыарда аайы ыалларын ааннарын тоҥсуйан тыыннаахтарын туоһулаһан ааһар идэлэммитэ.
Күн кылбайан, эн эрэ кыһалҕаҕар кыһаммакка, Хоптоҕо илин баһын тыатын үрдүнэн кылбааран тахсыыта, Кууһумалаах бөтүүктэрэ кынатын тыастаахтык охсунан кэһиэхтээх куолаһынан хаһыытаан тоҕо барда, ону кытта Силип тэллэҕин ыта чардыргыыра иһилиннэ. Сотору соҕус, ампаартан (сөрүүн диэн манна утуйар) оҕонньор бэйэтэ тахсан сылабаарыгар уу кутан оргутта уонна чэйдээбитэ буолаат, ыаллары көрө-истэ, сэнэх өттүлэрин үлэҕэ ыҥыра олбуоруттан таҕыста. Эмээхсинэ оройуон киинигэр балыыһаҕа киирбитэ иккис ыйыгар барда, сиэн кыыһа куоракка өстүөкүлэ собуота аһыллыбытыгар онно үлэлиир. Онон оҕонньор соҕотох. Төһө да куйаас сатыылаатар, тоҥонохторо лаҕыыр буолбут бороҥ бинсээгин устубат, хара хортууһун өрө анньына сылдьар идэлээх. Үс-хас ыалы уһугуннаран, сис туттубутунан Маайа балаҕанын таһыгар кэлэн тохтоото.
— Хайа, Маайыыс! Бааргын дуо? — дии-дии ааны тоҥсуйан көрдө да, ким да хоруйдаабата. Оҕонньор сүрэх баастаах киһи быһыытынан, аны түннүккэ кэлэн чарапчыланан өҥөйөн көрбүтэ — кыыһа сөрүө үрдүгэр атахтарын ууннары быраҕан тыыллан сытар эбит. Силип, саҥа аллайбытынан, ааны аһан киирэн иһэн, үрдүк боруоктан иҥнэн охто сыһан, туруйалаан тиийэн кыыс оронуттан тайана түстэ. Көрдөҕүнэ кыыһа тыыммат, сүүһүн тутан көрбүтэ тымныы көлөһүн аллыбыт, уоһа көҕөрөн хаалбыт, нукаай курдук сытар эбит. Оҕонньор түргэтээбитэ буолан бадьаалаан, уһааттан уу баһан аҕалан, кыыс сирэйигэр ибиирдэ. Маайа онно эрэ тыын ылан уһуутаата.
— Ээ, барахсаныам, наһаа да куттаатыҥ, аны маннык буоллаххына табыллыа суоххун. Хоргуйан уҥар эбиккин, киһи суоҕуна оннукка-манныкка тиийэн хааллаххына да көҥүл, — эҥин дии-дии Силип сыттыгы көбүтэн, кыыһын онно өйөөн олорто. Маайа хараҕын уота умуллан хаалбыт, аллараа сыҥааҕа түспүт, бэйэтэ нукаай курдук.
— Кыһаллар, өйүүр дьоно суох кыайан манна олоруо суоххун. Күһүммүт кэллэ. Хотоммутун сыбыа, оппутун тиэйиэ, оттукпутун булунуо этибит. Үнүр оройуон киинигэр киирэ сырыттахпына, сэбиэт Ньукулай эппитэ — тырахтарыыс кыргыттары хомуйан куурус аһан үөрэтэллэр үһү. Онно суруттаран көрүөх баҕайы дуу… Баҕар ылыахтара, өйүүн боломуочунай тахсар диэбиттэрэ. Кинилиин кэпсэтэн көрүллүө, — оҕонньор кыыһын сааратаары айаҕа биир кэм баллыгырас.
***
… Биир кыһын ааста. Бүгүн Маайалаах бааһына сирин хорутуохтаахтар. Сааскы халлаан ып-ыраас, омуннаах сүүрүктээх синньигэс үрэх чуумпуран, хонуу хаара ууллан, сир кырыһа барахсан син кууран эрэр эбит. Суол кытыыта уонна намыһах сир номнуо көҕөрөн эрэрин көрө-көрө, Маайы түөһүн муҥунан өрө тыынна, төҥкөйөн ытыһыгар буору ылан имитэн көрөн баран чиҥ буолбут суолга бырахта. Онтукта бытарыс гыммытыгар, сири хорутан, бурдугу ыһарга кэмэ кэлбит дии санаата. Манна өссө бэҕэһээ киэһэ буочукалаах уматыгы аҕалбыттара, онон тохтообокко үлэлиэхтээхтэр.
Кыыс аргыый аҕа хааман тыраахтарын чинчийбитэ буолла, пускааһын тардан собуоттаан баран, түөрт лэмиэхтээх булуугун түһэрэн, хорутуутун саҕалаата. Эргиллэн көрдөҕүнэ, тиэрэ быраҕыллыбыт, килбэчийэр буор хара субурҕата элбээн иһэр. Кырыска сууйуллубут булуук сиэркилэ курдук ыраастаммыта көстөрө элбээтэ. Ити курдук, дьүөгэ кыыһын кытта солбуйса сылдьан, хараҥарыар диэри үлэлээтилэр. Ортотугар биирдэ омурҕаннаан ыллылар.
—Маайаа, бүгүн дьиэбитигэр барбаппыт дуо? — тоҥон кумуччу туттубут Муоча кыыс ыксаабыт куолаһынан ыйытта.
—Өссө кыратык хоруппут киһи. Сир олох куура-хата илигинэ, элбэҕи хорутуохха наада. Сарсын-өйүүн боромньулуохпут этэ буоллаҕа, — Маайа тыраахтарын фаратын көннөрө туран хоруйдаата.
Ити киэһэ балачча сири тиэрэн, сылайан-элэйэн, ол гынан баран алдьаммакка, син тулуһан сылдьыбыттарыттан астынан кыргыттар Хоптоҕолорун буллулар…
Хас да хонон, хорутан бүтэн баран, аны тиэрбит сирдэрин дэхсилээһиҥҥэ киирдилэр. Тимир тоһоҕолороох эрэһиэккэ курдук боромньулара сири тараахтаан, бэриинэ курдук сымнатта, ыраастаата, тэҥнээтэ. Дьэ, онтон сиэмэ дьаарыссаны ыһыы саҕаланна. Кыргыттар ырычаахтаһан туран, тыраахтардарыгар үс сеялканы холбоннулар, кууллары икки өттүттэн ылан, ап-араҥас бурдуктарын сеялкалар дьааһыктарыгар сүөкээтилэр. Тиритэннэр, чылыгырыайкаларын устан, күрүө үөһээҥҥи сиэрдийэтигэр ыйаатылар.
Сеялкалар аллараа киһи турар дуоскаларыгар Муочуска уонна икки саҥа кыыс турдулар. Маайа аргыый аҕай хаамтаран, кэннин хайыһан көрө-көрө иннин диэки айаннаата. Кини хаһан үөрэммитэ буолла, тыраахтарын сунууру тарпыт курдук көнөтүк, уҥа-хаҥас иэҕэҥнэппэккэ баран истэ. Дьаарыысса туорахтара сошниктар турбаларынан сиргэ тохтон, көбүтүллүбүт буорунан көмүлүннүлэр. Ол курдук, ким эрэ тарааҕынан тараабытын курдук көнө субурҕалар үөскээтэр үөскээн истилэр. Маайа үөрэн, уоһа ыпсыбакка мичээрдии олордо, аанын аһан:
— Кыргыттаар, кытаатын! Маннык үлэлээтэхпитинэ бу бааһынаны сарсын бүтэриэхпит. Сир ийэ көмүс туорахтары үөрэ-көтө ылла-аа! — диэн дьүөгэлэрин күүрээннээх үлэҕэ көҕүлүү олордо.
Николай ПЕТРОВ.