Тыа сирин сайдыыта тыа дьонун олохторун туругуттан тутулуктааҕын бары бэркэ билэбит. Быйыл сайыммыт сүрдээх куйаас буолан, сир-дойду кууран, от-мас урукку сылларга курдук өлгөмнүк үүммэтэ диэххэ сөп. Ол эрээри, Абый дьон кыахтарынан күөх илгэни сомсо сатаатылар.
Абый нэһилиэгин тыатын хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин кытта хайдах сайын ааспытын, кыстыкка бэлэмнэнии, сүрүн кыһалҕалар о.д.а тыын боппуруостар тустарынан кэпсэттибит.
Нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын сүрүннүүр исписэлиис Марта Слепцова:
– Быйыл үчүгэй сайын ааста. Сорох ходуһалар кураайылаан соччо үүммэтилэр да буоллар, чааһынайдар 350 туонна оту бэлэмнээн, былаан туолла. Абый нэһилиэгэр 27 ыал сыспай сиэллээҕи иитэр. Билиҥҥи туругунан 303 төбө сылгы, 139 биэ, онтон төрүөҕэ 66 төбө баар. 20 хаһаайыстыбаҕа 134 ынах сүөһү баар. Мантан ынаҕа 46, төрүөҕэ 43. Бааһынай хаһаайыстыба уопсайа 54 ынатаахх (18-һа ыанар ынах), 272 сылгылаах (118-һа биэ) тутар. Бу сайын 470 туоннаны оттоото.
Улууска тыа хаһаайыстыбатын түргэнник сайдар салаатын сайыннарар сыаллаах тыа хаһаайыстыбатын управлениета иккис сылын олохтоохтор сакаастарынан куурусса, сибиинньэ, коза аҕалан атыылыыр. Биһиги нэһилиэкпитигэр быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх ыал куурусса ылан иитиннэ. Ол курдук, 10 ыал 110 кууруссаны көрөр-харайар. Нэһилиэнньэ сайыны быһа сибиэһэй сымыытынан хааччыллынна. Оҕуруот үүнүүтэ эмиэ үчүгэй. Хортуоска арыый мөлтөх соҕус дииллэр оҕуруоччуттар. Ол да буоллар бэйэлэрин хааччынар, сыл тахсар оҕуруот аһын арааһын хомуйдулар.
Быйыл ынахтаах, сылгылаах ыаллар бэйэлэрэ туруорсан, төлөһөн икки түптэһити анаан үлэлэттилэр. Инньэ гынан хойуу бырдахтаах, үөннээх-көйүүрдээх кэмҥэ сүөһүлэр абыраннылар.
Чааһынайдар быйылгы кыстыкка уопсайа 259 сылгыны, ол иһигэр 137 биэни, 87 ынах сүөһүнү, ол иһигэр 43 ынаҕы хаалларар былааннаахтар. Нэһилиэнньэ саастаах өттө сүөһүнү кыайан көрбөт буолан иһэр. Эдэрдэртэн ахсааннаах киһи ииттэр. Көрүөн баҕалаах дьон тиэхиникэнэн оттуур, тиэйэр сыаната олус ыараханын кыайан уйумматтар. Кыһын от тиэйиитигэр кыһалҕаланабыт. Тыраахтар суох.
Субсидия харчыта суол баарыгар түспэтэҕэ. Дьон бензин, сэлээркэ ыларын ыарырҕатар. Сыл ахсын комбикорм, бензин таһар ороскуоту олохтоох дьаһалта төлүүрэ, быйыл улуус дьаһалтата уйунна. Түгэнинэн туһанан, улуус, нэһилиэк дьаһалталарыгар махталбытын тиэрдэбит. Инникитин да маннык өйөбүл хаалара буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Дьооску учаастагын исписэлииһэ Вера Дохунаева иһитиннэрэринэн, Слепцов И.И. бааһынай хаһаайыстыбата 120 ынах сүөһүлээх (42-тэ ыанар ынах), 123 сылгылаах (онто 63-һэ биэ). Уопсайа 150 туонна оту оттоммуттар. ЧааҺынайдар 23 ынах сүөһү (7-тэ ыанар ынах), 67 сылгы (27-тэ биэ) көрөллөр. 63 туонна оту бэлэмнээбиттэр. Абый нэһилиэгин ветеринарнай учаастагар икки үлэһит баар. Оксана Жиркова уонна Аэлита Егорова. Иккиэн уопуттаах ветеринардар. Кинилэр сыстыганнаах ыарыы турбатын туһугар туруулаһаллар.
Оксана Жиркова, бэтэринээрнэй пуун сэбиэдиссэйэ:
– Билигин ынах сүөһү субаҥҥа сылдьар. Туруктара этэҥҥэ. Биһиэхэ эрэ буолбатах, сүөһү ахсаана сылтан сыл аайы аҕыйыы турар. Ол биричиинэтэ биллэр – эдэр дьон сүөһү ииппэт. Сир, ходуһа оҥоруута эмиэ кыһалҕа. Сир өртөммөт буолан, иҥэмтэлээх от үүммэт. Сүөһүлэр ыраах мэччийэ барбаттар. Бөһүөлэктэн арахсыбат буоллулар. Ол түмүгэр сыстыганнаах (инфекционнай) ыарыы туруон сөп. Былаанынан сүөһүлэргэ эмтиир-профилактикалыыр быһыы туруорабыт. Ону таһынан үүт, эт техническэй регламенын тутуһаммыт бэрэбиэркэлэри ыытабыт. Аныгы ирдэбилинэн, сүөһү барыта чиптаныахтаах. Быйыл саас сылгылары чиптааһын саҕаламмыта. Биир сүрүн кыһалҕанан, биир эрэ оҕустаахпыт буолар. Чугас нэһилиэктэртэн атын боруода оҕуһу аҕалан иитэр бэрт буолуо этэ. Сүөһү барыта уруурҕаһан, хаана биир буолан хаалла.
Ити курдук, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин тулуурдаахтар, дьулуурдаахтар эрэ тулуйаллар. Сүөһү иитиитигэр, сиртэн үүнээйини ылыыга, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын оҥорон таһаарыыга ыарахаттартан толлубакка, биир күн тохтообокко үлэлээн, олох уйгутун түстэһэр дьоммут, эһиги, баар буолан, тыа сирэ эстибэт, сайдар кыахтаах.
Анна Чиркова, Абый с.