Кыра да бюджеттаах нэһилиэк элбэҕи оҥоруон сөп

Тохсунньу тиһэх күнүгэр, тибии тибэн, суол суох буолан, урукку график кэһиллэн, улуус Баһылыгын 2023 сыллаах үлэтин отчуота улууска бастакынан Ураһалаах нэһилиэгэр буолан ааста. Владимир Новиковы кытта улуус сүрүн тэрилтэлэрин салайааччылара кэлиспиттэр.

 

Кулууп дьиэтигэр элбэх киһи мустубута дьон улууска туох үлэ ыытыллыбытын интэриэһиргиирин туоһуулуур. Уонна, биллэн турар, бэйэлэрин Сутуруохаларын ис кыһалҕаларын быһааттараары, уруккуттан баар проблемаларга ханнык миэрэлэр ылыллыбыттарын истээри кэлбиттэрэ ботур-ботур кэпсэтэллэриттэн биллэр.

Отчуот дакылаата нууччалыы тылынан ааҕылынна эрээри, мунньах сахалыы тылынан барда. Ол — олохтоохтор бэйэлэрин тылларынан баар кыһалҕалары толору ыйыталларыгар уонна этинэллэригэр табыгастаах. Отчуот сүрүн балаһыанньалара бүгүҥҥү хаһыаппытыгар тахсыбытынан, ону хатылыы барбаппыт.

Барыта 15 ыйытыы оҥоһулунна. Дьон саамай ыалдьар боппуруостара — дьиэлэр тымныыларыгар туһаайылынна. Ол курдук, оҕо уһуйаана, олорор дьиэлэр, тэрилтэлэр хонтуоралара тымныытын этинээччилэр бары кэриэтэ тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Онно сүрүн биричиинэтинэн котельнай эргэрбитинэн, хачыгаардар аҕыйахтарынан матыыптаатылар. Манна диэн эттэххэ, биһиги хаһыаппыт бу тиэмэҕэ хаста да суруйбута, онон проблема бүгүҥҥү күннээҕи эрэ буолбатах диэх кэриҥнээхпит.

Олору ОДЬКХ управлениетын салайааччыта Павел Акакиев быһаара сатаабыта ыраатта. Ыйытыыларга хоруйдууругар бу сырыыга саамай улахан проблема котельнайга баар диэн саҕалаата. Хачыгаар курдук күүстээх үлэҕэ үлэһит тиийбэт, хантан да аҕалар кыах суох, бэлэмнэнии үлэтин сайыҥҥаттан саҕалыахха наада диэн сөпкө этэр. Тымныы биричиинэтин кини ититэр трасса урукку кэмҥэ, бөһүөлэк  турар сирин оллурун-боллурун учоттаабакка сыыһа таҥыллыбытынан уонна котельнай эргэрбитинэн, турбалар диаметрдара кыраларынан быһаарда. Дьиэлэргэ сантехническай өрөмүөнү ким оҥороруй диэҥҥэ, управляющай хампаанньа суоҕунан дьиэ хаһаайына бэйэтэ оҥостуохтаах, олохтоох дьаһалтаҕа этин, биһиги да туора туран хаалыахпыт суоҕа диэтэ. Кырдьык проблема олус сытыы. Ону Павел Михайлович этэрин курдук, саба түһэн көмөлөөн, күһүн кэлэрин кэтэспэккэ сылаас күннэртэн саҕалыыр саамай сөптөөх.

Оттон иккис котельный туттуллар кэмэ кэллэ, хаһан тутуллуой диэн боппуруоска улуус баһылыга балаһыанньа кытаанаҕан этэн туран, саҥаны тутууга экономическай уонна да атын обоснование баар буолуохтаах, бу хайысхаҕа үлэ салҕаныа диэн эрэннэрдэ. Мунньах биир кыттыылааҕа котельнай итии уута хааттарбакка сүүрэригэр-барарыгар, көмө насос бөһүөлэк ортотугар туруоруллара буоллар диэн этии киллэрбитин, дьон да салайааччылар да биһирии иһиттилэр.

Биир сүүмэх ыйытыы оҕолору араас конкурстарга, тэрээһиннэргэ, кырдьаҕастары санаторийга эмтэтиигэ кэлэр-барар борогуоннарын тула таҕыста. Онно иһиттэххэ, курортнай-санаторнай эмтэниигэ кэнники икки сылга 7,5 мөлүйүөн солкуобай төлөммүт. Үөрэх салаатын хайысхатынан итинник барыыларга төлөбүрүн бастатан туран оҥороллор диэн буолла.

Олохтоохтору килиэп буһарар пекарня дьиэтэ улаханнык долгутар. Ол курдук, муостатыттан өһүөтүгэр тиийэ эргэрэн, батареялара бүтэн, оһоҕо алдьанан эрэрэ манна үлэлиир табыгаһа суоҕун ааһан, киһи олоҕор кутталлаах буолбут. Пекарь уол итинтэн сылтаан үлэлээн бүтэн эрэр. Оттон, дьиҥэ, Сутуроха минньигэс килиэбэ Белай Гораҕа кытта былдьаһык ээ! Улуус баһылыга бу боппуруоска урбаанньыт сайаапкатынан матырыйаалларынан, оһоҕунан, турбаларынан көмөлөһүөхпүт диэн эппитэ дьон санаатын көтөхтө. Итиннэ хабааннаах, спортзал тутуутун боппуруоһа күөрэйэн тахсыбытын, баһылык бу тутуу бырабыыталыстыба урукку бэрэссэдээтэлин сорудаҕар киирэн турар, онон ханнык эмэ программаҕа киллэрэр кыах баарын санатта.

Агрооскуола хас да сүөһүнү иитэн турар, онуоха саха боруода ынаҕа баара буоллар, бары өттүнэн табыгастаах буолуон сөбүнэн, ити боруоданы аҕалар наадалааҕа этилиннэ. Баһылык атыылаһар кыаллар, ол гынан баран сиринэн аҕалар ыарахаттардаах, эмиэ үлэлэһиэхпит диэтэ. Түргэнник ситэр бородууксуйалаах куурусса, сибиинньэ туһунан бу да сырыыга этилиннэ, салгыы үлэ барар диэн буолла.

Ити кэнниттэн эр дьон доруобуйатын көрүммэт, балыыһаҕа көрдөрүммэт, ол иһин араас буолаллар диэн этииттэн сылтаан, кылаабынай быраас Эдуард Никулин бэрт олохтоох тыллаах-өстөөх быһаарыылары биэрдэ, мобильнай биригээдэлэр, саа көҥүлүгэр клиническэй психолог кэлэллэрин эттэ, нэһилиэккэ аптечнай пуун аһылларын иһитиннэрэн үөртэ.

Сутуруоха уонна Белай Гора икки ардыларыгар автобус сырыытын олохтуур туһунан этиигэ баһылык гараж, уматык, көрүү-истии, өрөмүөн, саппаас чаас булуута олус ыараханын санатта, ол гынан баран баҕалаах урбаанньыт баар буоллаҕына, ааҕан-суоттаан көрүөххэ сөбүн иһитиннэрдэ.

Уопсайынан, ханнык да этии, үҥсүү суругунан киирэр буоллаҕына, тустаах тэрилтэлэр ол суруктарга киирбити туората дуу, ылына дуу охсуохтаахтар диэн өйдөбүл  отчуокка элбэхтэ иһилиннэ. Эмиэ да сөп ээ.

Түмүктээн эттэххэ, Сутуруохатааҕы көрсүһүү биир баайылаах дьон кэпсэппиттэрин курдук, тымныы кулуупка итии сыһыан, хардарыта өйдөһүү ортотугар ааһан, отчуот биһирэннэ. Арай эрэннэриллибит толоруллара эрэ хаалла.

Николай ПЕТРОВ.