Кыһыҥҥы суолбут сабыллар бүтэһик күннэрин баттаһа, улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын салаатынан түргэнник ситэр дьиэ кыылларын аҕаллылар. Муҥурдаах нэһилиэгин тыа хаһаайыстыбатын специалиһа Валерий Никулинтан ыйыталастым:
- Быйыл нэһилиэккэ 2 коза, 71 куурусса, 8 сибиинньэ кэллэ. 74 кууруссаны сакаастаабыппыт, 71 ыыттылар. Кыыллар, көтөрдөр аара өлбөккө, үчүгэй туруктаах этэҥҥэ кэллилэр.
Козалар тыһылаах атыыр. Наһаа үчүгэй буолаллар эбит. Атыыра кып-кыраһыабай, маҥан дьүһүннээх. Тыһыта арыый улахан. Суоскаттан аһыыллар. Бу козалары Хатастан ыыппыт дьон хайдах туруктаах тиийдилэр диэн эрийэн билсэ сылдьыбыттара.
Сыана күнтэн күн ыарыы турар кэмигэр, маннык көмө кэлэрэ дьиэ кэргэттэр эбии дохуот киллэринэллэригэр, дьарыктаах буолалларыгар уонна буортута суох бэйэ бородууксуйатын оҥостоллоругар үчүгэй тирэх буолар. Холобур, быйыл чааһынайдарга куурусса сымыыта 26 солкуобайга тэҥнэстэ. Ол да иһин сылтан сыл дьиэ кыылын ииттиэн баҕалаах дьон элбиир.
Ньургустаана Аммосова, Сыаҥааннаах олохтооҕо:
- Былырыын да, быйыл да иккилии сибиинньэни ыллым. Биирэ балтым гиэнэ. Улахаттар. Сибиинньэҕэ саамай үчүгэй, уотар аһынан абыраат үүтэ уонна үүт бэйэтинэн буолар эбит. Онно килиэби былаан биэрэбин. Ону кытта оптовайтан пшено ылбытым. Сүрдээҕин уойбуттара, этэ сыа да сыа этэ.
Быйыл 5 кууруссаны ыллым. Кыралар. Сибиинньэлэри, кууруссалары барыларын хотоҥҥо туруорабын.
10 төрүүр ынахтаахпын, онтон сэттэтэ төрөөтө, үһэ төрөөрү турар. 9 борооскулаахпын. Түгэнинэн туһанан этэрдээхпин. Биһиги нэһилиэкпитигэр бэтэринээр суоҕа наһаа улаханнык атахтыыр. Холобур, билигин алта оҕуспун кыайан аттаппакка сылдьабын. Аттаппатахпына, сыллааҕы үлэм халлааҥҥа көтүө турдаҕа. Онон бэтэринэр боппуруоһун быһаараллара буоллар, абыраныа этибит.
Оттон тыа хаһаайыстыбатын салалтатыгар уонна чуолаан олохтоох дьаһалтабытыгар бу кыыллары, көтөрдөрү уонна бурдукпутун куорат сыанатынан, буор босхо дьиэбитигэр диэри массыынан аҕалан биэрэллэрин иһин наһаа истиҥник махтанабын.
Анджела РЯЗАНСКАЯ.