Кэпсэтии бэйэ тиэргэниттэн улуус киинин тула барда

Уһун унньуктаах айан улугурдуох курдугун алардарынан, алыыларынан барар этирик суол нэҥсиэтэ уонна суолга көрсүбүт кыһыл саһылбыт (иккитэ), куобахпыт, хабдьыларбыт сэргэхситэн, көх-нам буолан, сэһэргэһэ айаннаан Кэбэргэнэҕэ тиийдибит. Суолу интэриэһиргиир буоллаххытына — дорожниктар маладьыастар, хас да күннээх халыҥ тибиини ыраастааннар, суол олус үчүгэй. Тыанан барар суол оллурун-боллурун, ама да кинилэр буоллаллар, асфальт курдук кылааккайдаабат буоллахтара.

Кэбэргэнэ олохтоохторун актыыбынайдарын, көхтөөхтөрүн уруккуттан истэбин, билэбин. Бу да сырыыга улуус баһылыгын Владимир Новиков сыллааҕы үлэ отчуотугар кулууп саалата туола сыспыт.

Буоларын курдук, баһылык отчуот нууччалыы дакылаатын ааҕан бүтэрбитин кэннэ ыйыылар, этиниилэр саҕаланнылар. Бастаан кэтэмэҕэйдээн уһуох курдук буолан баран, ыйытыктар хойдон истилэр, сорохторо өссө этии булкаастаах буоланнар, көрсүһүү икки чаастан быдан таһынан барда.

Нотариус курдук, билиҥҥи үйэҕэ докумуоннары, нэһилиэстибэни бигэргэтэр, атын да, ким барыта наадыйар боппуруоһа турбутун, Владимир Вадимович нотариус урбаанньыт быһыытынан үлэлиирин, кылгас кэмҥэ кэлэн барарын, нэһилиэктэргэ барар-кэлэр ыарахан диэн сылдьыбатын, интернетинэн үлэлиирин быһаарда. Биир оҕо практикатын бара сылдьарын, бэс ыйыгар кэллэҕинэ, бэйэбит нотариустаныахтаахпытын эттэ.

Белай Гораҕа остолобуой баар буолуо дуо диэбиттэрэ, өссө биир сытыы проблема баарын итэҕэттэ. Онуоха баҕалаах, сүүнэ ороскуоту уйунар кыахтаах урбаанньыт суох, билигин ас астыы-астыы маҕаһыыннарынан атыылыыллар диэн хоруйдаата баһылык. Дьон ахсаана элбээн, остолобуойданыан баҕалаах ороскуот сабылларын дакаастаатаҕына, субсидияҕа көмө оҥоруохпут диэн олохтоохтук быһаарда.

Дьон республикаҕа үөскүү турар быһыыны-майгыны кэтээн билэ олорорун бу да сырыыга итэҕэйдим. Ол курдук, нэһилиэнньэ хамсааһына (миграция) долгутар эбит. Нэһилиэк таһымынан ыллахха, өрүс порда учаастакка кубулуйуоҕуттан, Кэбэргэнэҕэ сырыы аҕыйаан, олох-дьаһах уларыйда, урукку буолбатах, онуоха кэскилбит хайдаҕый диэн ыйытыыга Владимир Вадимович кэмэ оннук, үс сүрүн кыһалҕаны— оскуоланы, балыыһаны, дьон иллэҥ кэмин туһалаахтык атаарыыны быһаара иликпитинэ, миграция тохтообот, ол иһин ити боппуостарга үлэлэһэбит диэтэ. Нэһилиэктэргэ дьон ахсаана аччыы турар, арай Майыарга — биир таһымҥа турар. Эдэр дьон үлэ усулуобуйатын ирдииллэр, онно биир күүстээх харданан оптоволоконнай сибээс олоххо киириитэ буолуо диэн хоруйдаата.

Бэйэ дьарыктаах буолууга, олорор сири тупсарыыга, тэрилтэлэр сайдыыларыгар, дьон барыытын аҕыйатар ханнык үлэлэр ыыттылларын истиэх боппуруостар син киирдилэр.

Бэйэ дьыалатын аһарга баһылык докумуону хомуйууттан саҕалыырга сүбэлээтэ, кими да туоратан хаалларыахпыт суоҕа, көҕүлүөхпүт, көмөлөһүөхпүт диэн эрэннэрдэ. Дьиэ-уот тутуута «Хаарбах дьиэттэн көһөрүү» программатынан ыытылларын санатта, ол гынан баран ыраах нэһилиэктэргэ табыгаһа суох буолан, ыарахаттардаах диэтэ. Ил Дархан кэлэ сылдьан саҥа кэлбит үлэһит дьиэлээх буолуохтаах диэн сорук туруорбута. Онно Майыар син бэркэ үлэлэһэр диэн бэлиэтээтэ. Олорор сири тупсарыыга, дьиэ тутуутугар ханнык да тутуу турар сирэ экспертизаны ааһыахтааҕын, анал программаҕа киириллиэхтээҕин санатта.

Баһылык самолетунан сырыы былырыын хаһааҥҥытааҕар да элбэхтик оҥоһуллубутун, көтүү нэһилиэк сайаапкатынан самолет 65 бырыһыан туоллаҕына эрэ көтөрүн дьон болҕойбот эбитин, көтөр күн киһи аҕыйаан, отбой буоларын иһитиннэрэн сонньуйда.

Улуус уонна оройуон киинин дьаһалталара холбоһоллорун, аптека, кырдьаҕастар дьиэлэрин, кууһунан атыы, оптоволоконнай сибээс тустарынан ыйытыыларга хоруйдары атын отчуоттарга көрүҥ, хатылыыр миэстэ суох. Белай Гора проблемаларыгар — чуолаан арыгы, пиибэ атыытыгар, септик уута водоканал аттынан сүүрүгүрэн, быраҕыллыбыт кладовкаларга бөх мунньуллан, экология алдьанарын тула этиниилэр таҕыстылар. Дьон бэйэлэрин эрэ кыһалҕаларын буолбакка, атын сиргэ баары эмиэ кыһалҕа оҥостон кэпсэтэллэрэ ураты үчүгэй чувствоны үөскэтэр. Маны сэргэ улахан, правительство отчуотугар этиллиэхтээх хас да этии киирбитин протоколга киллэрдилэр.

Культураҕа сыһыаннаах боппуруостартан музей үлэтин, Прокопий Слепцов, Николай Абыйчанин үбүлүөйдээҕи тэрээһиннэрин туһунан культура управлениетын салайааччыта Айталина Унарова сиһилии кэпсээбитин олохтоохтор биһирии иһиттилэр.

 

Быһаарыы: Хоһулаһар ыйытыылар уонна эппиэттэр, хаһыат иэнэ кыратынан, манна суруллубатылар. Атын нэһилиэктэргэ ыытыллыбыт отчуоттан атылыы матырыйааллары ааҕаргытыгар көрдөһөбүт.

Николай ПЕТРОВ.