Индигир эбэни киртэн-хохтон босхолуохха!

Абый улууһун айылҕатын туһунан кэпсиир буоллахха, дьикти, уникальнай дойду. Манна хас да айылҕа заповедниктара бааллар, чуолкайдаатахха биэс, араас сиртэн хостонор баайбыт суох диэххэ табыллыбат, мамонт фаунатын туһунан этэ да барыллыбат.

Бу кэрэ дойдуну туораттан дьайыыттан, дьон харса суох ааҥныылларыттан харыстыахха диэтэххэ, сүҥкэн үлэ ыытыллыах тустаах. Биһиги дьолбутугар Сахабыт сиригэр биһиги улууспут, сир баайын хостоон, айылҕаҕа хоромньуну таһаарбат, промышленноһа суох соҕотох оройуон, онон ийэ айылҕабыт былыргылыы силигилээн турар…

Бүгүн редакция ыалдьыта — СР Айылҕа харыстабылын министерствотын Абый улууһунааҕы территориальнай тэрилтэтин салайааччыта Анатолий Николаевич Софронов.

Бу тэрилтэ боломуоччуйата олус киэҥ, дириҥ эбит, ол курдук, федеральнай функциятынан — бултааһыны хонтуруоллуур, салгын, почва, уу, хамсыыр харамай туруктарын кэтиир, бөх-сыыс, бытовой отходтар хайдах хараллалларын, кэмигэр суох оҥоһуллан иһэрин бэлиэтиир, буруйдуур- ыстарааптыыр дьаһаллары ылар бырааптаах.

Тулалыыр эйгэбит олохтоох дьон доруобуйаларыгар хайдах дьайарын, аныгылыы эттэххэ, тыаны, өрүһү, үрэхтэри, күөллэри мониториннааннар, квартал аайы республиканскай лабораторияҕа анаалыһы ыыталлар. Итиниэхэ биир, киһи дьиксиниэх, түбэлтэтэ тахсыбыт. Сайыҥҥы II кварталлааҕы боруоба түмүгүнэн, Индигиргэ Сутуруоха, Белай Гора үөһэ-аллара сүүрүктэригэр алюминий нуормата тиксиэхтээх нуорматын аһары түспүтэ бэлиэтэммит. Хомойуох иһин, манна туохтан итинник быһыы тахсыбытын биллэрэ иликтэр. Сабаҕалаатахха, көмүсчүттэртэн буолуон сөп.

Аны балаҕан ыйыгар прокуратура дьаһалынан, Белай Гора аннынан Индигир кытылыгар быраҕыллан, сорохторо кумаҕынан көмүллэн сытар суднолар тастарынан, ууну-сири чинчийэн көрүү ыытыллыбыт. Рейдэ бүппүтүн кэннэ, бу территорияттан ылыллыбыт уу хаһаайыстыбаннай наадаҕа сөптөөх дуу, суох дуу, балыгы бултуур табыллар дуо диэн ыйытыылаах уу анаалыһын  Республикатааҕы экологическай мониторинг информационнай, аналитическай киинигэр ыыппыттара: боруобаны ылбыт сиргитигэр уу састаабыгар нефть бородууксуйата буолуохтааҕынааҕар 96 төгүл элбэх, — диэн ис хоһоонноох эппиэт кэлбит. Итиннэ Рыбохрана, Росрыболовство, экология тэрилтэлэрин бэрэстэбиитэллэрэ кыттыылаах сирийэн көрүүгэ, биир лихтертан уматык тобоҕун анал сиргэ сүөкээбэккэ, судно бааҕар хаалларбыттара булуллубут, сыта да кэлэр эбит. Ол баахтара дьэбиннирэн тэһэ баран, нефть тобоҕо сиргэ, ууга тарҕаммыт. Аны ким да эппиэттиир диэн суох, БРП-лар да, ЛОРП да бу биһиги борохуоттарбыт-хараабылларбыт буолбатахтар, састааптан тахсыбыттара былыр үйэ буолла диэн айылҕа харыстабылын дьонун чугаһаппатахтар. Онон бу ыгым боппуруоска күүстээх үлэ барара эрэйиллэр. Анатолий Николаевич этэринэн, суднолар корпустарын быһыта эрбээн металлолом оҥоруохха уонна утилизациялыхха сөп. «Итиниэхэ анал программаларга киирэн үбү-харчыны булуохха диэн правительствонан, Ил Дархан, премьер Абыйга кэлэ сырыттахтарына туруорса сатаабыппыт. Биһиэхэ барсар, туһалыан сөптөөх «Чистая Арктика» диэн программа баар. Быраҕыллыбыт, хаһаайына суох суднолар аҥардас Күркүлүҥҥэ 22 устуука сытар. Санаан да көрдөххө, кинилэр хас уонунан сылларга ууга, почваҕа төһөлөөх буортуну оҥорбуттара буолуой, дьаһалталары кытта, бары биир сүбэнэн, күүстээх үлэни саҕалыахпытын наада, —  диир кини. — Иккис кыһалҕабыт — дьон таһаарар дьиэтээҕи бөхтөрө. Свалка бөһүөлэккэ киирэрэ чугаһаата. Ол гынан баран, кэлин Белай Гора дьаһалтата хамсаныах курдук, суол оҥоһулунна, Абыйдааҕы олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыбата бөҕү уматар анал оборудованиены атыыласпыта, аны саас кулун тутарга сирин-уотун быһааран баран туруоруоҕа, хайдаҕын көрүөхпүт буоллаҕа».

Дьэ, итинник. Бүгүн манан бүтэбит, дьиҥэ, айылҕа туруга, экология боппуруостара бүппэт тема, онон Анатолий Николаевичтыын ый аайы араас проблемнай боппуруостарга матырыйааллары бэчээттииргэ сөбүлэстибит. Күүтүҥ.

Николай Петров.