Ил Дархан Саха сиригэр Дойдуну көмүскээччи сылын биллэрбитин үөрэ, сэргии, долгуйа иһиттим

Ветеран-педагог Варвара Черемкина Ил Дархан Айсен Николаев Ил Түмэҥҥэ туһаайан этиитин истэн, бэйэтин санаатын үллэһиннэ:

—   Ил Дархан Саха сиригэр Дойдуну көмүскээччи сылын биллэрбитин үөрэ, сэргии, долгуйа иһиттим.Оскуоланы бутэрэр сылбытыгар, 1985 сылга, Кыайыы 40 сыла этэ. Мин оччолорго, олоххо саҥа үктэнэн иhэр эдэр киhи өйдүүбүн, Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт ветераннары. Көрсүһүүлэргэ ол ытык дьон эйэлээх олох буоларыгар эрэнэр, баҕарар санааларын этэллэрэ. Ол сыл дэриэбинэбит ыhыаҕар хас биирдиилэрэ сэргэ туруорбуттара. Ол сэргэлэр билигин кинилэр хорсун олохторун туоhута буолан тураллар. Бүгүн, 40 сыл ааспытын кэннэ, ол  Аҕа дойду сэриитигэр кыттыбыт аҕабын, сураҕа суох сүппүт ийэм убайын, тыыл бэтэрээннэрин саныыбын. Ийэ дойдубут туhугар байыаннай дьайыыга сылдьар эдэркээн оҕолор тустарыгар долгуйабын. Билиҥҥи байыаннай дьайыы тохтууругар, эйэлээх олох буоларыгар баҕарабын!