Ийэ кыыһынаан

Белай Гора бөһүөлэгин социальнай-культурнай киин дьиэтигэр Арассыыйаҕа дьиэ кэргэн, Саха Сиригэр оҕо саас сылларыгар олоҕуран улуустааҕы “Ийэ кыыһынаан“ күрэх буолан ааста.

Муҥурдаах нэһилиэгиттэн Алена Корякина кыыһынаан Наталиналыын, Абый нэһилиэгиттэн Туйаара Новикова кыыһынаан Миленалыын, Уолбут нэһилиэгиттэн Екатерина Соломонова кыыһынаан Дариналыын, олохтоох Белай Гора бөһүөлэгиттэн Вера Слепцова кыыһынаан Аниталыын уонна Дария Андросова кыыһынаан Вероникалыын биэс араас түһүмэххэ күөн көрсөннөр төрүт култуураларын, үгэстэрин, таҥастарын-саптарын көрөөччүлэрбитигэр сырдаттылар, чаҕылхай толорууларынан дьон биһирэбилин ыллылар.

Эппиэтинэстээх дьүүллүүр сүбэҕэ улууспут аҕа баһылыга Владимир Новиков, улуус дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ уонна култууратын салайааччыта Айталина Унарова, бөһүөлэк дьокутааттарын Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Ия Трушкова сыаналаатылар. Түгэнинэн туһанан үөрүүлээх күнүнэн олохтоохтору истиҥ тылларынан эҕэрдэлээтилэр, бэйэ-бэйэни өйөөн-өйдөһөн, үтүө сыһыаннаах буоларга ыҥырдылар.

Тэрээһин түмүгүнэн, дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан кыайыылаах үрдүк анал аатын Муҥурдаах нэһилиэгиттэн Корякиннар дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэлэрэ Алена Валерьевна уонна кини сибэкки кэриэтэ тэтэркэй кыысчаана Наталина ыллылар. Кыттааччыларбыт көрүҥ аайы анал ааттар кыайыылаахтара буоллулар, ону тэҥэ “Көрөөччү биһирэбилэ” анал аат элбэх оҕолоох күн-күбэй ийэҕэ Туйаара Гаврильевнаҕа уонна кини кыталык кыыһыгар Миленаҕа иҥэриллиннэ.

Олохтоох Белай Гора дьаһалтатын баһылыга Айсен Мыреев өйөөһүнүнэн кыттыылаахтар бары анал ааттар кыайыылахтарын туһунан туоһу суруктарынан, ленталарынан, сибэккилэринэн уонна харчыннан наҕараадаланнылар.

Улуустааҕы “Ийэ кыыһынаан“ күрэххэ кыттыбыт бар дьоммутугар барҕа махталбытын тириэрдэбит, чөл олохтоох, чэгиэн туруктаах буолууну баҕарабыт!

Мичил Кириллин,

Белай Гора бөһүөлэгин социальнай-культурнай киин директора.

Читайте дальше