Анал байыаннай дьайыы иһитиннэрэр-көрдөрөр средстволарга бастакы нүөмэрдээх сонун буолбута ыраатта. Кэлиҥҥи кэмҥэ саха буойуннарын хорсун быһыылара аан дойдуну барытын тилэри көттө. Кинилэр сэриилэһэр соҕотох танкалара аҕыс бронированнай техниканы, ол иһигэр икки танканы, урусхаллааһынын курдук түбэлтэ историяҕа суох. Онон икки уолбут Российскай Федерация Геройдара буоллулар — наводчик Алексей Неустроев уонна водитель Филипп Евсеев.Ол иннинэ Россия Геройун аатын Александр Колесов ылбыта. Биһиги, сахалар, кинилэринэн киэн туттабыт.
Биһиги эмиэ киэн туттабыт бэйэбит сэмэй буойуннарбытынан — биир дойдулаахтарбытынан, Анал байыаннай дьайыыга дойдубут көҥүлүн иһин тус кылааттарын киллэрсэ сылдьар Майыар нэһилиэгин олохтоохторунан Михаилынан уонна Гаврилынан.
Майыар нэһилиэгин дьаһалтатын кылаабынай специалиһа Юлия Захарова кэпсииринэн, Хомуурга ыҥырыллыбыт буойуннар дьиэ кэргэттэригэр сылы быһа араас өрүттээх көмө оҥоһуллубут.
Михаил үс оҕолоох аҕа, сэттэ да сэттэлээх саҥа дьиэни тутта сырыттаҕына бэбиэскэ кэлбитэ, онон кини уталыппакка, дьиэтин бүтэрбэккэ барарга күһэллибитэ. Кини үлэлиир олох-дьаһах коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтэ (салайааччылар Алексей Слепцов, Петр Черов) бу дьиэҕэ ититии систиэмэтин киллэрдэ. Дьаһалта, ОДьХ үлэһиттэрэ, землеустроитель дьиэ иккис мэндиэмэнигэр тахсар кирилиэһи оҥордулар.
Нэһилиэк дьоно харчынан 70-тан тахса тыһыынча солкуобайы хомуйан көмөлөстүлэр. Ону таһынан олохтоохтор биэс да түөрт миэтэрэ иэннээх маскировкаланар сиэккэни таҥан соҕуруу ыытаарга бэлэмнээтилэр. Бастакы сиэккэни Кэбэргэнэ дьахталлара араас кырадыһыннары дьиэлэриттэн аҕалан тистилэр. Бу күннэргэ баһылык Иван Атласов эбии 15 миэтэрэ таҥаһы атыылаһан ыытта. Үлэ салгыы барар. Маны таһынан баһылык мобилизация байыаһыгар Гаврилга анал саха быһаҕын оҥотторон уоппускаҕа кэлэ сырыттаҕына туттарда.
Ити курдук, Майыар дьоно-сэргэтэ, үтгүө санаалаах партиоттар, киин сиртэн төһө да ыраах олордоллор, өбүгэлэрин үгэһин халбаҥнаабакка тутуһан, Ийэ дойдуларын туруулаһан көмүскээбит дьонноругар, уопсайынан саха саллааттарыгар көмөлөрө салҕанан бара турар.
Александра ЗАРОВНЯЕВА