Хирург күннээҕи түбүктэрэ

Абый оройуонун киин балыыһатын хирург бырааһа Владимир Семенович Филиппов манна иккис төгүлүн төхтүрүйэн үлэлиир. Ол хайдаҕый диэххит, саас сааһынан бэйэтин кэпсээниттэн билиһиннэрдэххэ маннык эбит.

Билиҥҥи Хаҥалас улууһугар оскуолаҕа үөрэнэр эрдэхпиттэн тоҕо эрэ эмчит буолуохпун баҕарарым. Бэйэм да сөҕөбүн, ыалым оҕолорун кытта наар укуол туруора, эпэрээссийэ оҥоро оонньуурум. Ол курдук, биэлсэр буолан баран (Владимир Семенович 1979 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медицинскэй училищены бүтэрэн, фельдшер идэтин баһылаабыт), сотору буолаат И.М. Сеченов аатынан Москватааҕы Маҥнайгы медицинскэй институкка алта сыл үөрэммитим. Үлэлиэхтээх идэбинэн хирург специальноһын талбытым. Институту бүтэрэн баран икки сыл армияҕа сулууспалаабытым. Кэлэн баран, биир сыл Булуҥҥа үлэлии-үлэлии интернатураны ааспытым. Онтон Эдьигээҥҥэ уһуннук үлэлээбитим. Онон хоту дойдуну сөбүлээн, 2001 сыллаахха Абый улууһугар көһөн кэлбитим, 2005 сыллаахха диэри дьоҥҥо-сэргэҕэ сирдэрбэккэ, араас ыарыыны бохсуһан, эмтээн, эпэрээсийэлээн, бэйэм санаабар үчүгэйдик үлэлээбитим. Тургутууну ааспыт курдук санаммытым. Ол гынан баран, дьиэ кэргэним балаһыанньатынан, Покровскайга төннөргө күһэллэн, онно хирург бырааһынан уонна уопсай практика бырааһынан уон биэс сыл үлэлээбитим.

Онтон миигин кадр суоҕуттан Белай Гораҕа ыҥырбыттара, Доруобуйа харыстабылын министерствота көҥүллээн, иккис төгүлбүн үлэлии кэлбитим. Аны манна уһуннук үлэлиир санаалаахпын. Дьонун да үчүгэйдик биллим, уопут да балачча баар буолла, дьоҥҥо туһалаан, көмөлөһөн хаалыахха диэн санаанан салайтарабын. Ол мин кэлиэм иннинэ манна хирург тохтоон үлэлээбэт буола сылдьыбыт кэмэ эбит, киргизтэр, узбектар кэлэ сылдьыбыттара да ону бигэргэтэр.

Билигин Белай Гораҕа поликлиникаҕа хирургическай кабинекка пациеннары көрөбүн-истэбин, тугунан ыалдьалларын быһаарабын. Ону сэргэ стационарга араас ыарыһахтары эмтиибин, сорох куһаҕан эттиктэри эпэрээссийэ көмөтүнэн ылан кэбиһэбин. Сүрүннээн миэхэ травмалаах, үөстэригэр, ииктэригэр таастаах, оһоҕосторо бүөлэммит, абцестаах, ириҥэлээх кутургуйалаах, илиилэрэ-атахтара, атын органнара тостубут, охтон эчэйбит, силгэлэрэ ууммут, сүһүөхтэрэ ыалдьар дьон кэлэллэр. Үлүйбүт, ууга буспут да суох буолбатах. Олус элбэх киһини эмтээтим, стационарга сылга ортотунан 120 киһини эпэрээссийэлээтим, онтон амбулаторияҕа эмтээбитим сылга 600-700 киһи буолара буолуо. Өссө ити сыыппараларга диспансерга сытааччылары, инбэлииттэри, үлэҕэ травмаламмыт дьону эбэн кэбис…

Көрөрүн курдук, соҕотохпун. Медсиэстэрэм Маргарита Корякиналыын иккиэйэхпит, анестизиолог, анастезист туһунан этэ да барыллыбат, онон түбүк үгүс, соло суох.

Дьиэ кэргэммин ыйытар буоллаххына, кэргэннээхпин, идэтинэн медицинскэй сиэстэрэ, Сыаҥааннааха олорор, манна кэлэ-бара сылдьар. Астмалаах буолан III курууппалаах инбэлииккэ тахсыбыта. Үс оҕолоохпут. Улахан уолбут Хаҥалас улууһугар Үөһээ Бэстээххэ «Якутцемеҥҥэ» үлэлиир. Кыыспыт Брянскай куоракка олорор, икки оҕолоох. Үһүс оҕобут ХИФУ Естественнэй наукаларын институтун 1 курсун бүтэрдэ, метеоролог идэтигэр үөрэнэр.

Мин Абый улууһугар үлэлии кэлбиппин дьылҕабар таба тайаммыт эбиппин дии саныыбын. Манна иллээх, сатаан үлэлиир, дьон доруобуйата тупсарыгар кыһаллан үлэлиир, сэмэй коллективка түбэстим. Билигин биһиги ыра санаабыт диэн — саҥа киэҥ-куоҥ, сырдык, саҥа малынан, эмтиир сэбинэн-сэбиргэлинэн хааччыллыбыт балыыһа буолар. Ыччаттар да кэлитэлиэх курдук торумнааһын баар.

РS: Бэртээхэй түмүк буолла. Ол гынан баран, автор быһыытынан биири бэлиэтээри гынабын. Ити Владимир Семенович «сэмэйдэр» диэн эппитин соһуйа иһиттим. Бу матырыйаалы оҥорорбор хас да киһиттэн аккаас ыллбытым. Бэйэлэрин тустарынан кэпсиэхтэрин, дьоҥҥо-сэргэҕэ биллэ сатыахтарын баҕарбаттар курдук. Ол олуона баҕайы. Дьон билигин саастарын үгэнигэр үлэлии, чэлгийэ сылдьаннар, саатар биирдэ хаһыакка тахсаллара туох куһаҕаннаах буолуой. Мин үгүс киһини билэбин — «эдэр-сэнэх эрдэхпитинэ үлэбит сыаналамматаҕа» диэн хомойон, хоргутан этээччилэри. Онон аһары сэмэй буола сатааһын ньүдьү балай хараҥаҕа саһа сатыыһын курдук көстүөн, сыаналаныан сөп.

Николай ПЕТРОВ.