Дьооскуга уот станциятын тутуута саҕаланна

Бу күннэргэ Дьооскуга үлэ-хамнас күөстүү оргуйар. Дьокуускай куораттан «Анмар-2» тэрилтэ 4 киһилээх анал биригээдэтэ кэлэн дизельнэй уот станциятын тута сылдьаллар.

Маастарынан Семен Яковлев, тутааччыларынан Иван Федоров, Семен Васильев уонна Сергей Яковлев үлэлииллэр. Станция тутуута былаан быһыытынан быйыл, 2024 сылга түмүктэниэхтээҕин, кыһыҥҥы суол-иис эрдэ быстан, тиэллэн иһэр тутуу матырыйааллаах массыына аара Муоматтан төннүбүтэ. Санатар буоллахха, Оттоох Атахха саҥа станция тутуллара былааҥҥа киирбитэ хас да сыл буолла. Былырыын баччаҕа Анмардар тэрилтэ ыскылаатын туппуттара.

«Олохтоохтор олус үчүгэйдик көрүстүлэр, киирэ-тахса билсэллэр, куһунан, хааһынан, күннээҕи аһынан күндүлүү олороллор. Олус үөрдүбүт, махтанабыт», — диэн тутааччы уолаттар олохтоохторго махталларын тириэрлэллэр диэн олохтоох станция маастара Сергей Чирков иһитиннэрэр.

Анна ЧИРКОВА, Абый.