Дьону сомоҕолуур, ыччаты үтүөҕэ, эрчимнээх чөл олоххо угуйар соруктаах турнир

Муҥурдаах нэһилиэгэр өтөрүнэн буолбатах улахан тэрээһин буолан ааста — Российскай Федерация үтүөлээх тренерэ, көҥүл тустууга Россия үс төгүллээх призера, Саха сирин хапсаҕайга 10 төгүллээх чемпиона, араас улахан таһымнаах дойду уонна норуоттар икки арлыларынааҕы турнирдар призердара Стручков Василий Егорович — Абый Бааска төрөөбүт түөлбэтигэр анаан-минээн кэлэн, Абый улууһун оҕолоругар көҥүл тустууга, хапсаҕайга уонна улахан дьоҥҥо хапсаҕайга бэйэтин аатынан  — Абый Бааска турниры — ыытта. Дьиҥэр бу күрэхтэһии былааннаммыта ыраатта да, хаҥсык ыарыы буулаан, дьэ, быйыл эрэ тэрилиннэ. Манна Абый улууһун дьаһалтата, Абый улууһун оҕо спортивнай оскуолатын салалтата, чуолаан Александр Новиков, Муҥурдаах нэһилэгин дьаһалтата (Олег Корякин) сүүнэ үлэни ыыппыттарын бэлиэиэххэ наада.

Олохтоох патриот дьон, ол саҕана нэһилиэги салайан олорбут Акулина Никулина уонна нефтебаза директора Владимир Никулин үстэ төхтүрүйэн оҥотторбут арочнай спорт саалаларыгар үс күн устата тыҥааһыннаах киирсиилэрдээх тустуу уонна хапсаҕай бырааһынньыга сэргэхтик ыытыллан ааста. Дьон-сэргэ сүрдэрэ-куттара үөрбүттэрэ сирэйдэриттэн-харахтарыттан биллэр. Уһун сылларга көрсүбэтэхтэр куустуһан ылаллара, күө-дьаа кэпсэтэллэрэ — сир аайы. Манна биһиги түмсүүлээхпитин, бары дьаһалы бииргэ көмөлөөн оҥорорбут көһүннэ. Улуус культуратын салаата (Айталина Унарова) уонна олохтоох Духовнай киин үлэһиттэрэ (Анджела Рязанская) культурнай өттүн кыайа-хото туппуттара, турнир аһыллыытыгар-сабыллыытыгар эдэр-эмэн саастаахтары кытыннаран, сиэри-туому толорбуттара уонна олус үчүгэй холбоһуктаах, ураты ис тыыннаах концеры нэһилиэнньэҕэ бэлэхтээбиттэрэ ону толору туоһулуур. Күрэхтэһии бары этаптарыгар тыл этэн, баҕа санааларын тириэрдэн, улуус баһылыга Владимир Новиков, нэһилиэктэр баһылыктара, делегациялар саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри сылдьыбыттара элбэҕи этэр. Онон Абый Бааска дьону сомоҕолуур, ыччаты үтүөҕэ, эрчимнээх чөл олоххо угуйарга туруорбут сыалын ситистэ.

Турнирга барыта 88 кыттааччы туһунна диэтилэр, ол гынан баран Уолбуттан кэлбэтэхтэрэ хомолтолоох диэххэ. Мин атын үлэлээх-соруктаах буоламмын финалы эрэ көрдүм. Онно көрдөххө, кыра уолаттар олус баҕалаахтара, харса суох киирсэллэрэ, эриллэн сүгүн-саҕын бырахтарбаттара астыннарда. Арай техника, тактика өттүнэн өссө да чочуллаллара эрэйиллэр. Ити баҕа санаа тустууктарга барыларыгар туһаайыллар. Хапсаҕайга республика таһымыгар тустуох, бырахсыах уолаттар баалларын көрдүм. Утумнаах эчиллии, чөл олоҕу тутуһуу баар буоллаҕына, улахан ситиһиилэр баар буолсулар. Онуоха Василий Егоровичтыын кэпсэппиппиттэн быһа тардан биэрэбин.

Дойдугар кэлэн маннык турниры тэрийбитиҥ олус үчүгэйдик ааста. Көрөөччү астынна, уолаттар эн туттартаабыт анал бириистэри тутан үөрдүлэр…

Бу турниры эрдэттэн былааннаабытым. Абый улууһуттан урут чулуу тустууктар элбэх этилэр. Николай Неустроев ССРС чемпиона буолбута, абыйдар Хотугу зонаҕа элбэхтэ бастыыллара, билигин да киһи хараҕа хатанар уолаттара бааллар. Мин баҕа санаам диэн — Абый улууһуттан улахан түһүлгэҕэ уолаттар тахсаннар, Саха сиригэр, Россияҕа бастыыллара буоллар диэн. Ол иһин маннык турнирдары ыытан, бэлэмнээх уолаттары күрэхтэһиннэрэн, олору сүүмэрдээн, кытаанахтык эрчийэн үрдүк чыпчааларга тахсалларыгар көмөлөһүөм этэ диэн толкуйдуубун.

 Эн Дьокуускайтан хас да уолу аҕалбыккын дии.

Ити анаан-минээн уопут ыллараары куһаҕаннык истэр оҕолору үөрэтэр оскуола иитиллээччилэрин аҕаллым. Ону кытта Россия таһымнаах рефери — Эрчимэн Макаров кэлистэ, олус үчүгэйдик судьуйалаата. Мин дьүлэй оҕолору эрчийэбин, иитиллээччилэрим ортолоругар Сурдлимпийскай оонньуулар чемпионнара Василий Стрекаловскай, аан дойду чемпиона Сергей Николаев бааллар. Россия үтүөлээх тренерин аатын 2010 сыллаахха иҥэрбиттэрэ, оттон Саха Республикатын үтүөлээх тренерэ 2017 сыллаахха буолбутум. Бу аҕалбыт уолаттарбыттан Ефимов Адилет орто саастаах оҕолорго манна чемпионнаата. Оҕолортон чемпионнартан ураты Шкулев Мирон, Зырянов Давид, Айал Дохунаев ис сүрэхтэриттэн баҕаран тусталлара, кыайыыга дьулуурдара миигин дуоһутта.  (Итиннэ мин эбии Айсен Собакин, Илья Суздалов, Айсен Слепцов, Слепцов Эрсан, Слепцов Ростислав, Никонов Игнат ааттарын ааттаабыппар улуу тустуук, тренер сөбүлэстэ — НП). Улахаттартан Марат Слепцову, Дьулустаан Новиковы, Михаил Ноговицыны, бэтэрээннэртэн 68 саастаах Владимир Корякины, улуус ОДьКХ начальнигын Павел Акакиевы ааттыам этэ. Маннык сүрэхтэрин баҕатынан ыччаты бэйэлэрин холобурдарынан көбүөргэ ыҥырар кырдьаҕас уонна салайааччы кыттыбыттара турниры киэргэттэ.

Дьонуҥ-сэргэҥ төһө бэркэ көрүстүлэр?

Маннык чиэстээһини мин күүппэтэҕим, син биир ханна да буоларыныы ыытыахтара дии санаабытым. Онтум олус долгутуулаах, истиҥ буолан биэрдэ. Оннооҕор бииргэ үөрэммит кылааһынньыктарым кэлэн бэлэх туттаран, ырыа ыллаан айхаллаатылар. Кэргэммин Дарьялыын астынныбыт, музейга анаан бэйэбит бэлэхпитин биэрдибит. Ити — дьоһун да буоллар, дууһанан сылытыллыбыт мин туспунан экспонаттары туруорбут музейы көрөн уйадыйдым. Түбүк бөҕөнү көрсүбүт биир дойдулаахтарбар барҕа махтал. Бары этэҥҥэ, доруобай сырыттынар диэн «Хотугу кыым» хаһыатынан ыра санаабын тириэрдэбин уонна бу курдук улуус сонунун кэпсиир хаһыакка суруттара охсуҥ диэн ыҥырабын. Кылгас, субу буолбуту кэпсиир куйаар ситимнэригэр сонуну ааҕар букатын атын буоллаҕа.  Дойдубар сынньанан күүс-уох ылыам уонна кэлэр Сурдлимпийскай оонньууларга бэлэмнэниини салгыахпыт.

 

Кэпсэттэ Николай Петров.