Бу — төһө да көстүбэтин, киэҥ араҥаҕа биллибэтин иһин, улуус хаһаайыстыбатыгар олус наадалаах, нэһилиэнньэҕэ күүтүүлээх тэрилтэ буолар. Кини үлэтэ-хамнаһа улуус сиригэр-уотугар эпизоотическай балаһыанньа туруктаах, киһиэхэ уонна кыылларга дьайар уопсай ыарыылатан нэһилиэнньэни харыстааһын, кыыл-сүөл сыстыганнаах ыарыыттан маассабайдык охтубатын туһугар үлэлэһэр аналлаах. Онтон да атын функцията элбэх.
Ону барытын — дьоһуннаахтык, ирдэбилгэ эппиэттиир гына үлэлиирин туһугар, ветеринария управлениетын үлэлиир усулуобуйата эҥкилэ суох үчүгэй буолуохтаах, үрдүкү структуралар оннугу тэрийиэх тустаахтар.
Ветеринария Абыйдааҕы управлениета уонна чинчийэр лабораторията 2021 сылтан Уус Алданнааҕы управление филиала буолан турар. Управление филиалын бу салааҕа 37 сыл эппиэтинэстээхтик үлэлээбит Екатерина Чиркова салайар.
Кини үлэни ис-иһиттэн бэркэ билэр буолан, кэпсээнин үлэ миэстэтин хааччыйыыттан саҕалаата.
— Ыалдьартан илии арахпат дииллэринии, сүрүн кыһалҕабын, бастатан туран, үҥсэбин. Дьиэбитин көрдүн дии, наһаа улахан, хаарбах, 1200 кв. м. Итинтэн ветеринария 300 кв м эрэ ылан олорор да, 4 киһиэхэ бу дьиэ сабардамын, хааччыллыытын толору төлөһөр кыахпыт суох. Аны тымныытыттан икки ветеринар үлэлээн бүппүтэ. Муостата барыта хамсыы турар. Ону баара дьиэлэрэ үчүгэй дииллэр… Бэйэбитигэр сөп, дьоҕус дьиэни оҥосто, өрөмүөннээн эрдэхпитинэ, ханнык да өрөмүөҥҥэ харчы көрүллүбэт диэннэр, көспөтүбүт. Балыыһа территориятыгар 100 кв м иэннээх биһиэхэ сөп түбэһэр дьиэ баар ээ, ону биэрэллэрэ буоллар диэн ыра санаалаахпын.
— Сөп, ити кырдьык, сүдү проблема, хаһыат суруйуута тугу эмэ туһалыыра дуу… Билигин үлэ-хамнас ис хоһоонугар киириэххэ.
— Кэлин кэмҥэ сүөһүбүт ахсаана бытааннык да буоллар, эбиллэн иһэр. Уус Дьааҥыттан 600 табаны, Орто Халыматтан 100 сылгыны аҕалбыттара. Онон түбүкпүт үксээтэ. Ынах сүөһү, сылгы, таба ыалдьыбаттарын туһугар биһиги ахсаабакка үлэлэһэбит. Бары нэһилиэктэргэ ветеринардар бааллар, арай Муҥурдаахха үлэһит көстө илик. Ветеринардар былааннаах үлэлэрин толору оҥороллор, биһиэхэ отчуоттууллар. Федеральнай структура буоларбыт быһыытынан, вакциналарынан, эмтэринэн хааччылыы олус үчүгэй. Куораттан аҕаларга урбаанньыттар көмөлөрө кырата суох. Лабораториябыт сүөһүлэр, кыыллар ыарыыларын диагнозтыыр, сүөһүттэн ылар бородууксуйаны экспетизалыыр, онтон да атын ураты үлэлэрдээх. Кэмиттэн кэмигэр сүөһүлэргэ туберкулезтан, табаларга бруцелезтан вакцинанан прививкалыыбыт, лейкоз анаалыһын түмүгүнэн эмтиибит, урут атахтааһын диэн ыарыы баарын улаханнык аччатан турабыт. Билигин наһаа үчүгэй эмтэр бааллар. Витаминизацияны хайаан да оҥоробут. Кыһыары саас табалары харааллааһыҥҥа эбэһээт кыттабыт, эмтээһин уонна сэрэтии үлэлэрин утумнаахтык ыытабыт. Ити сыалга, табаҕа эрэ анаан, анал ветеринарнай фельдшери тутабыт, Сыаҥааннаахха олорон үлэлиир. Табаһыттар үлэлэригэр бэриниилээх дьон, оннооҕор сылы быһа дьиэ кэргэнинэн үлэлиир дьон баааллар.
— Чааһынай сүөһүлээх ыаллары кытта үлэ хайдаҕый?
— Нэһилиэктэргэ сибиинньэни, кууруссаны иитии балачча сайынна, чааһынай ынахтаахтар, сылгылаахтар эмиэ бааллар. Кинилэр наадыйыыларын, ветеринарнай көмөнү төлөбүрдээх өҥөҕө көһөрбүттэрэ ыраатта. Вакцинация эрэ босхо. Сайыҥҥы кэмҥэ дьон ынахтарын субаннаан кэбиһэллэр, онон кинилэри көрдөөһүҥҥэ, буларга бириэмэ барар. Үгүстэр бэйдиэ ыттары кытта ветеринария үлэлиэхтэһиэхтээҕин курдук этинээччилэр. Оннук буолбатах, биһиги кинилэри сүһүрдэр да, букатыннаахтык утутар да бырааппыт суох. Биһиги функциябыт эчэтии буолбатах —эмтээһин буолар. Ыттаах, куоскалаах киһи элбээтэ. Кэлин эппэрээссийэлэтэ аҕалаллара хойунна Ол курдук тыһыларын төрөөбөт гыннара, атыырдарын аттата аҕалаллар. Сыстыганнаах ыарыы суох диэххэ наада.
— Ветеринар үлэтэ сыанан аҕаабат үлэ. Кадрдар тустарынан кылгастык…
— Кадр туһунан эттэххэ, штат быһыытынан 15 киһи буолуохтааҕын уон иккибит. Үлэһиттэрим олус эппиэтинэстээхтэр, былааннарын толорон иһэллэр. Бэтэрээннэрбит барыталаатылар. Кыһыннары-сайыннары түбүк бөҕө, хас биирдии сүөһүнү эмтээһин олус эппиэтинэстээх, түмүгүн кэтэһиилээх, уустук үлэ. Бу идэлээх бырааһынньыкпытынан бэтэрээн ветеринардарбын, бу ситимҥэ үлэлиир, үлэлээбит дьоммун — Тамара Ильинаны, Михаил Ефимовы, Акулина Хабарованы, Александр Бальчиновы, Лидия Шкулеваны, Лариса Софронованы, Анна Слепцова уонна да атыттары ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин, олохторугар уйгуну, кытаанах доруобуйаны, тулууру, дьулууру баҕарабын.
— Махтанабын, Екатерина Михайловна, ыра санаан туоллун, сөптөөх дьиэни булунуҥ.
Николай ПЕТРОВ.