Чем запомнился 2023 год

В целом, год завершился довольно благополучно – в Год труда особенно отличились работники сельского хозяйства, перевыполнившие план заготовки кормов для КРС и лошадей. Стабильно работали жизнеобеспечивающие предприятия – ЖКХ, «Дороги Арктики», «Якутоптторг», Белогорский судоходный участок, авиапорт, нефтебаза, Белогорская РЭС. Построены или капитально отремонтированы больница в Майорском наслеге, школы в Сутуруохе и Кэбэргэнэ. В Год педагога и наставника значительных успехов достигли в образовании и культуре.

Всё население района, Абыйское землячество в Якутске в едином порыве под руководством штаба помощи семьям воинов специальной военной операции, ежедекадно отправляли маскировочные сетки, теплые вещи, продуктовые посылки, рыбу землякам на передовой СВО. Были проведены благотворительные ярмарки по поддержке воинов, в наслегах организованы сбор денежных средств для закупки тепловизоров и бронежилетов и тд.

ЯНВАРЬ

Абый нэһилиэгэр үгэс буолбут улууспут ыччатын спартакиадата буолан ааста. Хамаанданан бастакы миэстэни уонна Кубок хаһаайынынан 17 очкуолаах Белая Гора ыччата ылла, иккис миэстэҕэ 18 очкуолаах Ураһалаах хамаандата, үһүс бочуоттаах миэстэҕэ Абый ыччатын хамаандата тигистэ.

ФЕВРАЛЬ

Өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэлэр Кииннэрин быраастара улууска кэлэн үлэлииллэр. Ити дьаһалы Арктика улуустарыгар Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээбитэ. Хоту улуустарга анал быраастар тиийбэттэрин учуоттаан, дьон доруобуйатын харыстыыр сыаллаах олохтоохтор бары үрдүк квалификациялаах быраастар өҥөлөрүнэн туһаналларыгар усулуобуйа оҥоһуллан бырайыак үлэтин олунньу 2 күнүттэн саҕалаата.

Майыар национальнай нэһилиэгэр олунньу 14 күнүгэр саҥа спортивнай сааланы үөрүүлээхтик арыйдылар. Саҥа объект «Сахам сирэ – ХХI үйэҕэ» үтүө дьыала хамсааһынынан тутулунна. Саала аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир толору хааччыллыылаах, улахан площадкалаах, үөһэ этээскэ тустуунан дьарыктаныыга туспа саалалаах, раздевалкалаах, тренажернай хостоох.

 

(Продолжение в следующем выпуске)