Кэбэргэнэҕэ үгэс буолбут «Бөҕө Боотур» күрэхтэһиитэ быйыл улуустааҕы күрэхтэһии быһыытынан ыытылынна.
Бу күрэхтэһии 2020 сылтан норуот хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Юрий Жирков сырдык кэриэһигэр ыытыллара. Бириистэри, мэтээллэри Юрий Михайлович уола Андрей Юрьевич туруорааччы. Былырын сайын кини эмискэ олохтон барбытын кэннэ, кыргыттара Екатерина уонна Анна Андреевналар аҕаларын үтүө үгэһин салҕаан, аны «Бөҕө Боотур» оонньуулар Юрий уонна Андрей Жирковтар сырдык кэриэстэригэр ананан ыытыллар буоллулар. Кинилэр ааттара Майыар орто оскуолатыгар мэлдьи ааттана туруохтара диэн үөрэбит.
«Бөҕө Боотур» көрүҥнэрэ — тардыныы, тутум эргиир, тутан турар маһы үрдүнэн ойуу, пресс хачайдааһына, аҥар атахха олбу солбу олоруу-туруу, өссө кырынаастааһын диэн баар. Балары 1 мүнүүтэҕэ оҥороллор. Охто-охто оҥороллоро көҥүллэнэр. Оҕо кыаҕын барытын туһаннын диэн.
«Бөҕө Боотур» күрэхтэһии түмүгүнэн Айтал Ребров (Кэбэргэнэ) хас да көрүҥҥэ бастаан I миэстэни ылла, II миэстэ — Слава Дохунаев (Абый), III миэстэ — Дьулус Новиков (Белай Гора) буоллулар.
Хас көрүҥ аайы кыайыылаахтарга олохтоохтор анал бириистэри туруорбуттарын хайгыахха эрэ сөп. Ити курдук, оҕолору чэбдик олоххо, эт-хаан өттүнэн чэгиэн, күүстээх, тулуурдаах буолууга угуйар дьон баарыттан киһи үөрэр.
«Бөҕө Боотуру» 2002 сыллаахха уол оҕо аһара кыаҕа суох буолан эрэр диэн санааттан толкуйдаан таһаарбытым. Оҕолор 6 көрүҥҥэ күрэхтэһэллэр. Үгүс көрүҥ аныгы кросс-фит диэҥҥэ майгынныыр эрээри, биһиэнэ кросс-фит республикаҕа киириэн быдан инниттэн олоххо киирбитэ. Манна оскуола уола барыта кыттыыны сөбүлээн ылар. Онон көхтөөхтүк барар. Бу күрэххэ чахчы тула өттүнэн кыахтаах эрэ киһи кыайыыны ситиһэр, биир эрэ көрүҥҥэ үчүгэйдэтии татым, киһи ситиһиитэ сэмэй, кыра буолар. Элбэх күүһү-кыаҕы эрэйэр көрүҥ. Хас сыл аайы ыытыллар буолан, оҕолор бэлэмнээх буолаллар.
Онон «Бөҕө Боотур» оонньууну улуус таһымынан статустаан ыытар сөп буолуо. Быйыл этэргэ дылы, «боруобунай шарбыт» биһиги, атын сирдэртэн оҕолору ыҥыран күрэхтэһиннэрбиппит, сөптөөх суолга тахсыбыппытын көрдөрдө.
Владимир Корякин, Кэбэргэнэ.