Сэтинньи ый сахаҕа күүтүүлээх ый буоллаҕа: муҥха балыгын, саҥа идэһэ хоргуннаах миинин амсайар, булчуттарга сонор суолугар турунар үөрүүлээх кэм. Дэлэҕэ да бу ыйы Байанай ыйынан ааттыахтара дуо…
Уолбут нэһилиэгэр култуура сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ уонна көхтөөх төрөппүттэр оскуола оҕолоругар 8 түһүмэхтээх Байанай күрэҕин тэрийэн ыыттылар.
Күрэххэ булт сиэрин-туомун көрдөрдүлэр, булка сыһыаннаах көрдөөх күрэхтэри ыыттылар. Оҕолор хаарга хапкаан ииттилэр, сыал ыттылар, маамыкта быраҕан кыыраттылар, илимтэн балык араардылар уонна да атын сүүрүүлээх-көтүүлээх түһүмэхтэргэ кытыннылар. Маны таһынан булт туһунан таабырыннары таайа, тоҥуу хаарга баай Байанай мөссүөнүн, бэйэлэрин көрүүлэринэн, айан уруһуйдаатылар.
Бу күрэххэ көхтөөх аҕа Владимир Слепцов сылаас үллүктээх балаакка аҕалан, мустубут дьон тоҥмокко, астына, бириэмэлэрин туһалаахтык атаардылар.
Оҕолор чэбдик салгыҥҥа дуоһуйа оонньоотулар, булт суруллубатах сокуоннарын кытта билистилэр. Түмүгэр кулууп үлэһиттэриттэн бэлэх тутан, илии тутуурдаах, өттүк харалаах үөрэ-көтө тарҕастылар.
Лариса СЛЕПЦОВА.