Сарсыарда 8 чааска Абый улууһун быыбардыыр учаастактарыгар быыбар саҕаланна. Белай Гора быыбардыыр учаастагар дьон бэйэлэрин гражданскай позицияларын биллэрэ — Россия Президенин быыбарыгар кэлбиттэр. Государственнай гимн кэнниттэн куоластааһын саҕаланна. Бастакынан бюллетени учуутал Мария Иннокентьевна Корякина урнаҕа укта.
Миронов Эдуард Устинович директор РЭС:
— Мин дойдубут инникитин, оҕолорбут кэскиллэрин туһугар куоластаатым. Биһиги улууспутугар улахан үлэлэр ыытыллалларын кэрэһэлии быыбар буолла. Республикаҕа Өлүөнэ өрүһү туоруур баарҕай муоста тутуллар буолбутуттан үөрэбин.
Стручков Леонид Иванович, пенсионер:
— Бүгүн олус улахан событие. Россия Президенин талыы — биһиги олохпут инникитин быһаарар түгэн. Онон бэйэм гражданскай иэспин толордум.
Абый улууһун Ураһалаах нэһилиэгин 7-с нүөмэрдээх быыбардыыр учаастагар биир бастакынан оҕо уһуйаанын сэбиэдиссэйэ Аида Стручкова куоластаата.
— Россия инникитин туһугар куоласпын биэрдим. Абый улууһун бары олохтоохторун быыбарга актыыбынайдык кыттаргытыгар ыҥырабын.
Россияҕа дьиэ кэргэн сылыгар Максимовтар дьиэ кэргэнинэн – оҕолорун илдьэ кэлэн Россия Президенин быыбардаатылар.