Абый улууһа — Саха сирин алыптаах саппыйата

Бу сааскы күннэргэ ыраах хоту сытар Абый улууһун суолларыгар сойбот айан. Күнү-дьылы баттаһа, чааһынай да, судаарыстыбыннай да суолталаах атыы-эргиэн табаардарын, аһы-үөлү хааччыныы, сүрүннээн оттук тиэйиитэ, дьиэ туттар матырыйааллары тиэнэр тыҥааһыннаах кэм. Улууска нэһилиэктэр икки ардыларыгар суолларынан айан көс-биэрэстэ диэн кэмнэммэт – суол туруга хайдах тутулуктааҕыттан. Ону, этэргэ дылы, эппитинэн-хааммытынан билэн кэллибит. Улуус түөрт бөһүөлэгэр сылдьан, бу айаммыт туһунан тэттик суруйуубун «Хотугу кыым» ааҕааччыларын болҕомтотугар таһаарарга сананным.

 

Билсиэҕиҥ, доҕоттор!

Улууска муус устар 5 күнүттэн саҕалаан биир нэдиэлэҕэ кэлбит сыалбыт-сорукпут — Абый уонна Муома сирдэрин быысаһыытыгар сытар Зашиверскэй диэн былыргы куорат оннугар, бэлиэ сиргэ кэлэн, саҥа документальнай киинэбит сүрүннүүр чааһын уһулуу. Бу регионнааҕы кинематографияны өйүүр федеральнай фонда «Россия – взгляд в будущее» куонкуруска РФ 73 регионуттан 229 үлэттэн 50 өйөбүл ылбыт бырайыактартан биирдэстэрэ. «Зашиверск. Между небом и землей» документальнай киинэ бу сыл бүтүөр дылы тахсыахтаах. Уһулар бөлөх үс киһи буолан кэлбиппит: киинэ уонна телевидение режиисера, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ национальнай бибилэтиэкэтин медиакиинин кылаабынай режиссера Иван Кривогорницын, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар кыһалҕаларын институтун үлэһитэ, идэтийбит археолог, историко-культурнай экспертизаны ыытар эксперт Иван Обутов уонна бу ыстатыйа ааптара, этиллибит киинэ продюсера Екатерина Кривогорницына диэн ааҕаччыларбытын кытта билсиһиннэрэбин.

 

Сыаҥааннаах намыын тыына

Режиссер Иван Юрьевич Абый улууһун кытта тыын сибээстээх. Муҥурдаах нэһилиэгэр, ийэтин Мария Кривогорницына (Реброва) төрөөбут дойдутугар, бэйэтэ күн сирин көрөн, оскуолаҕа барыар дылы оҕо сааһа ааспыт Сыаҥааннаах сиригэр, бастатан туран, тиийиэхтээхпин диэн куораттан салгынынан кэлбит күммүтүгэр айаммыт сиринэн салҕанна.

Сыаҥааннаахха сылдьыбыт дьон бары да туоһулуохтара – лоп курдук дьиэ-уот, бэл уулуссалара көнөтө. Маннык ыраас, чэнчис нэһилиэк киэҥ Арассыыйа да үрдүнэн көстүө эбитэ дуу, суоҕа дуу?! Бу барыта: тулалыыр эйгэ, нэлэмэн халлаан, өрүү туох эрэ ырааска, сырдыкка угуйа турар Салтаһа тааһа, ып-ыраас салгын, сандаарыччы тыкпыт күн киириэн баҕарбаттыы намылыйара манна олорор олохтоох дьоҥҥо дьайыылааҕа дакаастаммыт буолуохтаах. Дьон-сэргэ истириэс диэҥҥэ олох да ытырыктаппат холкулара, намыыннара сүрдээх эбит.

Тыа сиригэр олох барыта оскуола тула түмүллэр. Оскуола, оҕо уһуйаана баар буолла да, манна олох баар. Оскуолаҕа тоҕуоруйар өй-санаа өттүнэн чэбдик, нэһилиэги кэскиллиир күүс. В.Н. Дохунаев аатынан Муҥурдаах оскуолата быйыл күһүн 93 сылын бэлиэтиир. Улууска, бүтүн Саха сиригэр элбэх киһини олох киэҥ аартыгар таһаарбытынан биллэр. Уурбут-туппут курдук, истиин-тастыын ыраас, эргэ да буоллар, дьэгирийбэккэ турар оскуола эбит. Манна тастан киирдэххэ, эргэ да дьиэни кыһамталаахтык туттахха, саҥатык көрүҥнээҕэ сөхтөрөр. Стендэ, эбии матырыйаал, туох баар оҕо үөрэҕэр туттар мала-сала – бу барыта учууталлар, төрөппүттэр илиилэринэн оҥорбут оҥоһуктара. Бүтэрбиттэрэ ырааппыт дьон хаартыскаҕа көрөн: «Оскуолабыт барахсан бэйэтэ бэйэтинэн турар эбит», — диэн сүрдээҕин үөрэллэр. Ол гынан баран соһуйбаттар – оннук буолуохтаах да ини диэтэхтэрэ. Урут дириэктэрдэрэ, РСФСР үтүөлээх учуутала Михаил Слепцов «тулаҕытын хомуйа, сыыһы-буору ыраастыы сылдьар баҕайыта, киһи диэн туттуулаах-хаптыылаах буолуохтаах, бэрээдэк кэһиллибитин көннөрө сылдьыллыахтаах» диэн такайара эбитэ үһү. Оттон билигин оннук ирдэбиллээхтик, эппиэтинэстээхтик Михаил Михайлович кыыһа Мария Михайловна оскуоланы салайар — бу баар тыыннаах, көлүөнэлэр быстыбат ситимнэрэ, үтүө үгэстэрэ. Оҕотун ахсаана аҕыйах оскуолаҕа биһиги, куорат төрөппүттэрэ, ымсыырабыт. Үөрэнээччилэр улаханныын-кыралыын бука бары харах далыгар сылдьаллар, биир да оҕо болҕомтото, кыһаныыта суох сылдьыбата кэрэхсэбиллээх. Оскуолаҕа сылдьан, алын кылаастарга идэлээх буолууга туһаайан, Иван Юрьевич киинэ устуутугар анал маастар-кылаас ыытта. «Дойдубар махталым диэн – мин үлэлиир үлэм, айар айымньым – устар киинэлэрим буолаллар», — диэн бэлиэтээн эттэ. Уопсай хаартыыскаҕа түстүбүт. Онуоха оскуола кыраайы үөрэтэр түмэлин салаайааччыта Анастасия Сорокоумова уста сылдьар киинэбитигэр туһалаах буоллун диэн Зашиверскай туһунан кинигэ бэлэх уунна. Оттон биһиги бу быйыл оскуола түмэлэ тэриллибитэ 10 сылын туолбутун бэлиэтээн, өссө да элбэх докумуон, архыып болҕомтолоох илиигэ киирэрин өр көһүппэтин диэн сканер бэлэхтээтибит. Дьэ, кырдьык, түмэл тэриллиэҕиттэн элбэх үлэ ыытыллыбыт. Манна бу оскуолаҕа үлэлээбит дьон бары киирбиттэр – килбиэн саалата диэх курдук. Үтүөкэннээх учууталлар уонна кинилэр туйахтарын хатарар эдэр көлүөнэ уһуйааччыларын мэтириэттэрэ «дьэ эрэ, тугу этэн-тыынан эрэҕит, кэнчээри ыччаты туохха дьулуруттугут» диэн кэпсэтэ олороллоругар дылы. «Михаил Слепцов төрүттээбит, кини мунньубут матырыйаалын түмэн, биир дойдулаахтара туттарбыт малларын-салларын сөргүтэн, экспонаттары саҥардан, туспа хостор  көрүллэннэр, оскуола түмэлэ диэн статуһа докумуонунан бигэргэтилиннэ«, — диэн Анастасия Гаврильевна кэпсээтэ.

 

Абыйдарга: саҥалыы олох уонна история

Дьэ, оһох үрдүгэр күөстүү оргуйан холлугуруур олохтоох Абый нэһилиэгэр саҥа таас оскуоланы көрө кэллибит. Манна завуч Любовь Черемкина уонна учуутал Сусанна Слепцова көрүстүлэр. Билиҥҥи бырайыагынан тутуллубут буолан толору хааччыллыылаах, бастакы этээһигэр бэртээхэй оҕо уһуйаана уонна икки этээскэ оскуола үлэлии тураллар. Манна эмиэ оҕолорго идэлэрин талалларыгар туһаайыллыбыт маастар-кылаас ыыттыбыт, бу олоххо хайдах да дьарыктаах буолбутуҥ иһин, кими баҕарар кытта кэпсэтэн, наадаҕын быһаарсан, сыалгын-соруккун толороргор наадалаах коммуникация ньымаларын оҕолорго кэпсээтибит.

Киэҥ-куоҥ дьиэҕэ дьоллоох да оҕолор үөрэнэллэр. «Оскуолабытын наһаа таптыыбыт», – оонньуу турар теннис остуолуттан харахтарын араарбакка дэстилэр оҕолор .

История холуодьаһыгар умсуу бириэмэтэ кэллэ. Манна Крест-Майортан кэлбит Таҥара дьиэтигэр тэриллибит нэһилиэк түмэлигэр сылдьан, бөһүөлэк ытыктыыр-сүгүрүйэр дьонун туһунан, бу Абый нэһилиэгин мутугун-силиһин түмэр түмэл салайаччыта Анастасия Афанасьева сиһилии, умсугутуулахтык кэпсээтэ.

 

Белай Гора: ситим холбоһуута

Эрдэттэн былааннаныллыбытын курдук, Белай Гораҕа улуус баһылыгын кытта көрсүһүү буолла. Бырайыакпыт туһунан сиһилии Владимир Новиковка кэпсээтибит. Уонна бу кэлэн иһэр үбүлүөйдээх сыллар тэрээһиннэрэ саҕаланан эрэллэрин иһиттибит. Быйыл Белай Гора тэриллибитэ 50 сылын, онтон эһиил улуус 95 сылын бэлиэтииргэ үлэ баран эрэр эбит. Ордук чуолаан, бу историяны чопчулаан, бүгүҥҥү күнү кытта быстыспат ситими олохтуурга күүскэ хамсанар таһаарыылаах үлэ күүтүллэр. Улуус түмэлигэр Вера Слепцова Абый улууһа хайдах тэриллибитин уонна хантан утумнааҕын олус сэргэхтик сырдатта. Ол курдук, Элгэс улууһун үс улууска араарбыттарыттан үгүс нэһилиэгэ Абый оройуонугар киирбитинэн сибээстээн, бу Элгэстэн саҕаланар историябыт диэн киэҥ куйаарга таһаарыахха нааадатын сөбүлээн иһиттибит.

Кэлэ-бара уонна эдэр исписийэлиистэргэ сэргээбит истээччи туһатыгар медиа-контент оҥорорго маастар-кылаас ыыттыбыт. Бу боппуруос уһулуччу суолталааҕа 2026 сылтан күүһүрэрэ көһүтүллэр — улууска кэтит балаһалаах куйаар ситимэ (оптоволоконная сеть) киириэхтээх.

 

Кэбэргэнэ кэрэ кэпсээннэрэ

Зашиверскэй сиригэр тиийэн үлэбитин толороору суолбутун аҥардыыр баҕаттан уонна биир дойдулаахтара, оройуон барыта билэр, ытыктыыр киһилэрин Татьяна Слепцова кэпсээнин истээри хонукпутугар Кэбэргэнэҕэ тиийдибит. Эдэр ыаллар мэндиэмэннээх тутуулара, дьиэлэрин-уоттарын оҥостуута аныгылыы быһыынан тутталлара харахха быраҕыллар. Кэбэргэнэлэр Муома улууһун кытта ыкса сибээскэ олороллор, инньэ гынан оҕолор, улахан дьон улуустааҕы тэрээһиннэрэ, спорт да, культура да хайысхатынан манна буолар эбит. Ол сыалтан олохтоох дьаһалта улуус өйөбүллээх ыалдьыттары хоннорор гостиница дьиэтин өрөмүөннээн, бэрт ыраас, сылаас дьиэҕэ хоннордулар. Төһө да хойут тиийдэрбит, сылаас чэй уонна итии бирэски сиэн, олус диэн махтанан саҥа күнү көрүстүбүт. Кэбэргэнэ нэһилиэгэ Кириэс Майор диэн сиртэн силистээҕин бигэргэтэр, сибээстиир бэлиэ чочуобуна туруортарбыт эбит бэртээхэй сэһэргэһээччибит Татьяна Константиновна.

Урут даҕаны, суруналыыстыы сырыттахпына, ыраах нэһилиэктэргэ тиийдэххэ дьон бары кэлэн билсиһэн, кэпсэтэн барааччылара. Бу да сырыыга, кэлэрбитин истэн, Кэбэргэнэ көхтөөх аҕам саастаахтара эбээннэр культураларын, сиэрдэрин-туомнарын харыстаан илдьэ сылдьар, дьон болҕомтотугар таһаарар ансаамбыл кыттааччылара көрсөн, бэрт олохтоохтук, дьоһуннаахтык, уруккуну-хойуккуну кэпсэттибит. Бу маннык кэпсэтиини биһиги аҕаларбыт «сир шаарын сэттэтэ эргийдибит» диир буолуохтаахтар.

 

Зашиверскэй: түҥ былыргы кыраныыссатыгар

Сыалбытын-сорукпутун ситиһэ Зашиверскайдыыр суолбутугар туруннубут. Улуус баһылыга Владимир Вадимович арыалдьыттаах айаммыт уһун айан кэпсээннээх, дириҥ санаалардаах буолан чуҥкуппата. Ыраах айаҥҥа сылдьа үөрэммит буолан, Екатерина Соломова туох баар кыра да боппуруоһу, улахан да проблеманы чымпыктаан быһаарар киһи. Тиийиэхтээх сирбит дьон бары кэлэ-бара тохтуур сирэ буолан биэрдэ. Таас хайалаах, эриэккэс мастардаах чуҥкук сир эбит. Дьон көҥүллүк сылдьыбыт хомолтолоох бэлиэлэрэ. Манна тутуллубут чочуобуна, кириэс саайбыт сирдэрэ, киирии аан – барыта туруга үчүгэй. Бу ыаллыы улуус — Муомалар дьаһанан кэбиспиттэрэ сүрдээх кэрэхсэбиллээх дьыала.

Устуубутун күн оройо саҕалаан баран киэһээҥҥэ дылы үлэлээтибит. Чочуобуна иһигэр 2004 сылтан суруллан саҕаламмыт тэтэрээттэргэ айанньыттар сурук хаалларар идэлээхтэр эбит: сүрүннээн Таҥараҕа махталлаах суруктар. Белай Гора олохтооҕо, таһаҕас тиэйэр суоппар Евгений Шафиков бу суолларынан Таҥара көмөтө, көмүскэлэ суох киһи айаннаабат диэн бэйэтэ тус көрүүлээх, истиҥ итэҕэллээх эбит. Бу манна кэлэн устуубут улуус дьаһалтата өйөбүлэ суох олох да киһи санаммат дьыалата эбит. Ол иһин хаһыат нөҥүө махтал тылын улуус аҕа баһылыгар Владимир Новиковка, кини солбуйааччытыгар Леонид Марковка, култуура управлениетын салайааччытыгар, улуустааҕы депутаттар сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлигэр Айталина Унароваҕа, телевидение эйгэтигэр өр сыл үлэлээбит Екатерина Соломоваҕа тириэрдэбит.

 

Түмүккэ

Саха сирэ дуоспуруннаах, туттуулаах-хаптыылаах, сатабыллаах саха ыалын балаҕанын курдук буоллаҕына, бу Абый улууһа кистэлэҥ сиргэ ууруллар, эҥин элбэх сахалыы да, кыра да омуктар эриэккэс маллара, кэлии дэ кэһиитэ угуллубут, чочуллан оҥоһуллубут, киэргэтиилээх саппыйата эбит диэн санаалаах дойдубар төнүннүм.

Бу курдук сыыдам сырыылаахтык, элбэх дьону кытта билсэн, бодоруһан, сибээспитин быспакка Абый улууһун кэскиллиир бырайыактарга уопсай сыал-сорук туруорунан кэллибит. Биһиги киинэбит тахсарыгар көмөлөспүт Абый үтүөкэн дьонноругар — бука барыгытыгар махтал маанытын тириэрдэбит. Көрсүөххэ диэри диэн эрэллээх араҕыстахпыт.

 

Екатерина Кривогорницына, Дьокуускай.