Быйыл, 2024 сылга, Абый нэһилиэгэ төрүттэммитэ 230 сылын туолла. Туспа нэһилиэк буолар аата 1794 сылтан сурукка киирбитэ чуолкай биллэр.
Бу бэлиэ түгэн, история кэпсииринэн, Дьуһаал кинээстэрэ Харсан Туласынов, Чэпчэк Хантугов, Элгэс кинээстэрэ Кусентей Юнегесов, Чичап Купчагин, Иван Шоломов Абыйга дьаам станциятын арыйарга диэн этии киллэрбиттэриттэн саҕаламмыт.
Абыйдар нэһилиэкпит күнүн ылбыппыт хаһыс да сыла. Сыл ахсын олус сэргэхтик ыытыллар күммүтүн кыралыын-улаханныын бары долгуйа күүтэбит. Күүтүмүнэ даҕаны! Бу күҥҥэ атыы-эргиэн, көр-нар, сүүйүүлээх оонньуу, «Абый Боотур» спортивнай күрэх, тэрилтэлэр бастыҥ үлэһиттэрин чиэстээһин сарсыардаттан саҕаланан, киэһэ хойукка диэри салҕанар.
Тэрээһин Абый нэһилиэгэ төрүттэммит историятын кэпсиир театрализованнай туруорууттан саҕаланна. Баһылык Тимофей Томскай аал уотун иччитин аһатта, Айыыларга махтанна, Далбар Хотуттар арыылаах алаадьынан мустубут ыалдьыттары айах тутан күндүлээтилэр. Эҕэрдэ нүөмэрдэр тэрээһини киэргэттилэр.
Салгыы үгэс буолбут үлэ бастыҥнарын чиэстээтилэр. ОДЬКХ тэрилтэтин бастыҥ үлэһитэ Владимир Петров, ДЭС-тэн Константин Стручков, дьааһыла-садтан Людмила Черемкина, Ия Слепцова, оскуолаттан Анна Чиркова, Алексей Климовскай, култуура, сынньалаҥ кииниттэн Станислав Корякин, участковай балыыһаттан Вера Дохунаева, олохтоох дьаһалтаттан Виссарион Полушкин ааттаннылар. Бу күн Николай Бурцевка, Данил Никоновка «Абый нэһилиэгэр кылаатын иһин» бэлиэни туттардылар.
Сыл ахсын ыытыллар «Абый Боотур» күрэххэ уолаттар оҕунан ытыыга, сүүрүүгэ, хапсаҕайга, гиирэ анньыытыгар, мас тардыһыытыгар илин-кэлин түһүстүлэр. «Абый Боотур-2024» муҥутуур кыайыылааҕынан Константин Стручков иккис төгүлүн ааттанна. Сыаналаах бирииһинэн, анаан оҥоһуллубут тирии курунан, саха быһаҕынан наҕараадаланна.
Маны таһынан, күн устата олохтоохторго лотерея оонньонно. Супер бирииһи — телевизоры Владимир Дохунаев сүүйдэ. Оҕолору босхо мороженайынан күндүлээтилэр.
Бырааһынньык үөрүүлээх чааһыгар улуус баһылыга Владимир Новиков, улуустааҕы култуура управлениетын начальнига Айталина Унарова Абый нэһилиэгэ төрүттэммитэ 230 сылынан эҕэрдэлээн туран, нэһилиэк сайдыытыгар кылааттарын киллэрбит үтүө дьоннорбутугар махтал суруктары, бэлиэлэри туттардылар.
Бу күн бэйэбит уолбут, оскуолабыт выпускнига Иннокентий Черемкин саха эстрадатын сулустарын Владлена Бурнашева-Сахаайаны, Кирилл Матвеевы кытта умнуллубат кэнсиэри бэлэхтээтилэр. Аатырбыт артыыстары илэ харахпытынан көрөн чахчы астынныбыт, дуоһуйдубут, уолбутунан киэн тутуннубут. Баһылык Тимофей Томскай, оскуола директора Раиса Бережнова артыыстарга уонна нэһилиэк аатын республикаҕа ааттата сылдьар ыччаппытыгар Иннокентийга сэмэй бэлэҕи, махтал суругу туттардылар. Ити курдук, Абый күнэ олус бэртик, сэргэхтик ааста.
Кэнники сылларга Абыйдар араас бырайыактарга, бырагыраамыларга киирсэн, элбэх үлэ ыытыллан, нэһилиэк сыллата сайдар. Бу барыта үрдүкү салалта, улуус, нэһилиэк дьаһалтата, бары тэрилтэлэр биир түбүктээх үлэлэрин түмүгэ буолар. Сторутааҕыта, Абыйбыт 230 сааһын көрсө, 4G интернет сибээс киирбитэ нэһилиэкпит да сайда, үүнэ, чэчирии турарын туоһулуур.
Нэһилиэкпит сайдарын туһугар иннибит диэки биир сомоҕо буолан эрэллээхтик хардыылаан иһиэҕиҥ!
Анна ЧИРКОВА.