Биһиги билсиһиибит
Александра Константиновна Чирковалыын аан бастаан, айах атан, 1996 с. ахсынньы ыйыгар, Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин биир кабинетыгар көрсөн кэпсэппитим. Мин, оччолорго, Тааттаҕа, Чөркөөх балыыһатын кылаабынай бырааһынан саҥардыы ананан, тэрилтэм үбүлүөйүгэр сүүрэ сылдьарым. Александра Константиновна Норуот ньымаларынан эмтиир киин дириэктэрин наукаҕа солбуйааччынан, министиэристибэ кылаабынай специалиһынан үлэлиирэ.
Ол кэнниттэн, хомнуо хойут, 2014 с. Абый эмчиттэрин туһунан кинигэни суруйарга сөбүлэһэн, муус устар ыйга Белай Гораҕа кэлбитим. Онно улуус баһылыга Михаил Гаврильевич Никулин Александра Константиновналыын уонна балыыһа салайааччыларыныын дьаһалтаҕа көрүһүннэрбитэ. Александраттан наһаа толлор этим, ити иннинээҕи күҥҥэ «Мой отец ‒ шаман» диэн кинигэтин булан, биир тыынынан ааҕан кэбиспитим. Ол кэпсэтиигэ, Александра Константиновна, быһа-бааччы: «Кыайыаҥ, суруй», ‒ диэбит сүгэ-балта тылларыттан эр ыламмын, «Абый аанньаллара, Элгэс эмчиттэрэ» диэн элбэх архыып үлэлээх кинигэ, сыл бүтүүтэ түмүктэнэн, бэчээккэ барбыта. Суруйар кэммэр киниэхэ куораттааҕы дьиэтигэр сылдьар, айар дьон быһыытынан өйдөһөр, сүбэлэһэр буолбуппут. 2015 с. күһүөрү кыһын, Бэчээт дьиэтигэр, миэхэ аналлаах поэзия киэһэтин тэрийбиттэрэ. Онно кини эмиэ баара. Ол түгэни санатар чүмэчи иннигэр олорор хаартыската хаалбыт… 2016, 2018 сылларга кинигэлэрин презентацияларын эрэнэн ыыттарбыта. Хомойуох иһин, быйыл саас, үһүс презентациятын бэйэтэ суоҕар ыыппытым…
Умсугуйан суруйуу
Александра Константиновна тиһэх кинигэтин суруйарга 2018 сыллаахтан туруммута. Ол эрээри, хараҕынан моһуогуран, уһуннук эмтэнэн,
үлэбитин 2021 с. ыам ыйын саҥатыгар саҕалаабыппыт. Кини олус сүргэтэ көтөҕүллэн сылдьара. Туруга да этэҥҥэ этэ. Туттара-хаптара түргэнэ, чэпчэкитэ, өйө-санаата дьэҥкэтэ, билиитэ-көрүүтэ киэҥэ ‒ таһыччы киһи буоллаҕа! Бэйэтин сааһыгар тэҥнэммэт эдэр көстүүлээҕэ. Кинилиин алтыһарга, аҕам саастаах киһиэхэ сүр баттатыы диэн суоҕа, хайдах эрэ, бэйэҥ тэҥнээҕиҥ курдук чэпчэкитик өйдөһөрүҥ. Алтыһар дьоно үгүс этэ. Судургу баҕайытык, «бэҕэһээ Кончаловскай эбэтэр Ястржембскай эрийэ сырытта» диэн кэпсээннээх тоһуйааччы.
Айар үлэ умсугутуулаах. Турукка киирэн хааллаххына, аһыыргын, утуйаргын да умнан кэбиһэҕин. Константиновна эмиэ оннук эбит этэ. «Собуоттанан» хаалан, уһун күнү быһа, олох хойукка диэри, олорон хаалааччыбыт. Сороҕор, аһары үлэлээн кэбиһэн, ыарытыйа да сыһара, оччоҕуна сынньатааччыбын. Дьиэбэр, ыйан биэрбит тиэкистэрин нууччалыы тылбаастыырым. Онтон кэлэн доргуччу ааҕан иһитиннэрэр, сөҥнөһөр этибит. Кинигэ тутулун, туох кэнниттэн туох кэлэрин барытын бэйэтэ сааһылаабыта. Күһүөрү сайын хара барылын бүтэрбиппит. Ол эрээри, кини ойууннааһын туһунан кэпсиир түһүмэҕин наука хараҕынан өссө дириҥэтэн, ситэрэн суруйуон баҕарар этэ. Онуоха, Белай Гораҕа, дьиэтигэр, элбэх туһааннаах литература баарын аҕалан ырытар санаалааҕа. Ол эрээри, хара дьайдаах дьаҥҥа хаптаран хаалан, Александра Константиновна барахсан, тоҕус ый устата ыарахан ыарыыны кытта турууласпыта. Тыҥата бүппүт киһи диэтэххэ, санаатын, айылҕатын күүһүнэн уонна аймахтарын, доҕотторун үтүө кыһамньыларынан, балтыларын Светлана, Виктория сылаас-сымнаҕас көрүүлэринэн, соҕотохсуйбакка сыппыта. Ол тухары олоххо тардыһар биир сүрүн күүһүнэн ‒ кинигэтин түмүктүүр булгуруйбат дьулуура буолбута. «Кинигэм таҕыстаҕына, аҕам иннигэр уонна бу орто дойдуга кэлэн ааспыт ытык иэспин төлөөбүт курдук сананыам. Туох да хом санаата суох айанныам», ‒ диирэ. Аҕатын, Константин Иванович Чирков, саха улуу ойуунун аата, ити үлэтин кытта өссө ыраатыаҕар, аан дойдуга салгыы айанныаҕар бигэ эрэллээҕэ. 2022 сыл ыам ыйын бүтүүтэ, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сыттаҕына, бэйэтин тылыттан ситэрэн-хоторон, хаартыскаларын барытын кумааҕыга таһааран көрдөрөн, ханан, хайдах киллэрэрбитин сааһылаан, бэчээккэ бэлэмнээн, «Айар» кыһаҕа туттарбыппыт. Ол үөрүүтүгэр, сөбүлүүр «Муус Хайа» рестораныттан саламаат, алаадьы, таба этэ аҕалтарбыппыт…
Ытык өйдөбүл
Александра Константиновна «Избранный духами стихий» кэриэс кинигэтэ быйыл Казахстан Астана куоратыгар уонна Новосибирскайга икки улахан быыстапкаҕа кыайыылааҕынан таҕыста. Өссө да айанныа, тылбаастаныа, ытык дьоммутун аан дойдуга ааттатыа турдаҕа…
Бу күннэргэ Хаҥалаһынан, Дьокуускайынан уһулуччулаах этнограф Гаврил Васильевич Ксенофонтов 135 сылыгар аналлаах декада бара турар. Ол чэрчитинэн, Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын института сэтинньи 4 күнүгэр Александра Константиновнаҕа аналлаах төгүрүк остуолу тэрийэр. Манна атын регионнартан уонна дойдулартан кэлбит, итиэннэ Сахабыт сирин биллиилээх учуонайдара түмсүөхтэрэ. Александра Константиновна, 1992 сыллаахха, бу институкка ыытыллыбыт аан дойду таһымнаах ойууннааһыҥҥа аналлаах бастакы конференцияҕа, аан бастаан дьон иннигэр тахсан, аҕатын дьылҕатын туһунан долгутуулаах дакылаатын оҥорбута. Онно улахан сэҥээриини ылан, чинчийэр, суруйар үлэҕэ бигэтик үктэммитэ, омук сирдэригэр айана саҕаламмыта. Билигин эмиэ, бэйэтин бэлиэ, 85 сааһын көрсө, кэриэс кинигэтинэн, аан дойду учуонай аймаҕар дорҕоонноохтук ахтыллыа.
Мария Решетникова, быраас, суруйааччы, Белай Гора орто оскуолатын выпускнига.