Урут да, билиҥҥи кэмҥэ да дьахтар барахсан ханна тиийбэтэҕэ-түгэммэтэҕэ баарай… Историяҕа сыһыаран эттэххэ, кинилэр ордук ыарахан кэмнэргэ эр дьону солбуйа үлэ ыараханыгар, сырыы кытаанаҕар сылдьалларын кинигэттэн да, хаһыаттан да ааҕан билиэххэ сөп.
Дьахталлар Аан дойдутааҕы күннэрэ чугаһаабытынан «Хотугу кыым» бүгүҥҥү биир героинята Галина Атласова туһунан бэрт кылгастык да буоллар билиһиннэрэр тоҕоостоох. Кини уустук олоҕун эридьиэстии барбакка, Галина Семеновна эр санаатын, олоххо тардыһыытын, оҕолорун киһи оҥорор бараммат дьулуурун этэн аһарыахха баҕарыллар.
Галя билиҥҥи кэминэн ааҕыынан, балачча эдэрчи — 1986 сыллаахха Кэбэргэнэҕэ төрөөбүтэ. Майыар орто оскуолатын бүтэрэн баран, дойдутугар үлэлии сылдьар. Ити гынан, отой идэтэ суох диир эмиэ табыллыбат — кини ЭВМ операторын идэтин баһылаабыта, социальнай харысхал эйгэтигэр үлэлии сылдьыбыта. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмиттэн спорка улахан интэриэстээх буолара, ордук остуол тенниһин сөбүлүүр. Волейболга нэһилиэк биир сүрүн оонньооччута, онтон мас тардыһыыта күөдьүйүүтэ мас-рестлиҥҥэ нэһилиэгэр чемпионкалаабыта.
Олох олорор ыра санаа, таптал иэйиитэ кимиэхэ барытыгар баар. Ол курдук, Галина үс оҕо тапталлаах ийэтэ — икки уол, биир кыыс ийэлэрин сүрэҕин чэчик сибэккилэрэ буолаллар. Кинилэр кыһалҕата суох үөрэнэллэригэр, дьоллоох дьон буолалларыгар туох баар кыһамньытын, сатабылын, дьоҕурун ууран туран иитэргэ дьулуһар. Ити этиллибит төрүөт уонна кыһалҕа кыһарыйыыта, үлэ көстүбэт буолуута Галина Семеновнаны ааспыт сыл балаҕан ыйыттан эр дьону кытта тэҥ бырааптаах-эбээһинэстээх хачыгаар буоларга күһэйбитэ. Ол үлэтин кини сирбэт, төһө да ыарахан уонна эппиэтинэстээх үлэ буоллар, Фазенда зонатын котельнайыгар күн бүгүн үлэлии сылдьар. Таһаарыылаах үлэтин иһин Галина Семеновна Абый улууһун сайдыытыгар биллэр-көстөр кылаатын уонна таһаарыылаах үлэтин учуоттааннар Арктика министерствотыттан Бочуоттаах грамотанан наҕараадалаабыттара да ити үөһэ этиллибити толору туоһулуур.
Аҕалара суох буолан, Галина оҕолорун бэйэтэ иитэр, кинилэри кытта балыктыыр, тыаҕа походка сырытыннарар, күһүнүн отоҥҥо угуйан умнуллубат түгэннэри бэлэхтиир. Уопсайынан актыыбынай позициялаах буолан оскуола, бөһүөлэк олоҕор-дьаһаҕар, араас тэрээһиннэргэ наар кыттар. Иллэҥ кэмигэр оҕуруонан тиһэрин сөбүлүүр, бурдук астары астыыр, оҕолорун кытта тапталлаах сериалларын көрөн, сылайбытын таһаарынар.
Ити курдук, араас идэлээх дьахталлар ортолоругар биир хачыгаар баарын биллиннэр, үлэ ыараханыттан-чэпчэкититтэн тутулуга суох, ис сүрэхтэн кыһанан үлэлээтэххэ, туох барыта кыаллар диэн туран суруйуубун түмүктүүбүн.
Николай Петров.